Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов страница 7

Название: Таптыыбын… Шёпот сердца…

Автор: Коллектив авторов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5053-6

isbn:

СКАЧАТЬ илиинэн суруйсалларын сүрдээҕин сөбүлүүллэр. Оччотугар, тылынан арыт кыайан тиэрдиллибэт, дууһа кылын таарыйар бүччүм санаалара сурук буукубалара буолан, оҕуруо курдук тиһиллэн, сүрэххэ чугастык тиийэллэр, илии сылааһынан илгийэн ордук истиҥ курдуктар. Аанчык бу сырыыга сүрүннээн үлэтин, оҕолорун, кэргэнэ Коля сүрэҕинэн ыарытыйар буолбутун туһунан иҥэн-тоҥон суруйбут. Арай сурук биир быстах, бүтэһик кэрчигэ бу аҕамсыйа барбыт дьахтар кутун-сүрүн аймаата, уйан дууһатын уйгуурта.

      «…Маришка, бырастыы гын. Ол эрээри суруйбатахха кэлин хомойо, хоргута сылдьыаҥ. Чэ, быһатын, Миичикпит өлбүт. Куһаҕаннык, бэйэтигэр тиийинэн. Бииргэ үлэлиир дьахтарым үнүр кэпсээбитэ. Хаайыыттан тахсан баран, киһитийбэтэх, түптээн үлэлээбэтэх, олоҕун оҥостумматах, быһыыта, арыгыһыт буолбут да курдук. Уопсайынан, табыллыбатах. Эн наһаа айманыма, бэйэҕин буруйданыма. Итиннэ барытыгар аймахтара буруйдаахтар. Бэйэҥ билэҕин барытын. Эбэтэр, чэ, дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа дуу…»

      Марина соһуччута бэрдиттэн суругу ылан хос хаттаан аахта. Өссө тугу эмэ атыны булуом диэххэ айылаах, сурук кэмбиэрин ылан, ургум-эргим тутан көрдө. Чочумча саҥата суох таалан олордо. Киниттэн ыйытыы көрдөөбөккө, сүтүк үрүччэтэ буолан, хараҕын уута икки иэдэһин устун сүүрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Өр сыҥсыйан, уруккуну-хойуккуну эргитэ санаан, санна ыгдаҥныы олордо. Онтон аргыый кэҥээн, түннүгүн сабыытын сэгэтэн, таһырдьаны одууласта. Таһырдьа олус да курус кэм буолбут. Биир кэм тохтоло суох күһүҥҥү уһун ардах ибиирэр.

      Ама да дьылҕатын иһин… туох айыытыгар-харатыгар… Барытыгар, арааһа, мин буруйдаахпын уонна Миичик таптала, уруум таптала, аймахтарым алҕастара… Арай кини олоҕун суолугар миигин көрсүбэтэх буоллун… Бука, Миичик атын олоҕу олоруо этэ… Оо, дьылҕа-дьылҕа, олус да тыйыскын…Урукку, ааспыт, аны кэлэн төннүбэт кэми санаан, дьахтар эмиэ уйа-хайа суох, оҕолуу ытаан барда.

* * *

      1997 сыл. Сэргэлээх 12-с куорпуһун 416-с хоһун аһаҕас түннүгүн нөҥүө Михаил Семёнов кэрэ кыыс туһунан ырыата иһиллэр. Бу хос үс хаһаайыныттан биирдэстэрэ, иккиc куурус устудьуона Мичил Харахутов, атыннык Миичик, тугу да гынара суоҕуттан уонна эксээмэнэ чугаһаан, наада дии санаан, оронугар сэбиэскэй былаас, автономия Саха сиригэр олохтонуутун туһунан параграбы арыйан, кинигэ аахпыта буола сытта. Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков курдук чулуу дьон мэтириэттэрин сыныйан көрдө. Онтон дьэ, общественнай-политическай олохторун сырдатар сирэйи арыйан, ааҕа сатаата. Ол эрээри кулгааҕар туора санаа киирэ турар. Тугу ааҕарын улаханнык өйдөөбөт. Өйдөппөттөр да диэххэ сөп. Ол төрүөтүнэн хоһугар бииргэ олорор уолаттарын уочараттаах мөккүөрэ буолла. Лаппычах уҥуохтаах, кэтит сарыннаах Коля Никитин хара бараан сирэйин мылата-мылата, түннүгү сэгэтэн, табахтаан бусхатар. Табахтыырын быыһыгар Кэбээйи соботун туһунан күүстээх тылларынан дакаастаан тугу эрэ кэпсээн үллэҥнэтэр. Киниэхэ кыһыллыҥы маҥан, уһун синньигэс Амма уола Бүөккэ Ракитин кыттыһар. Кэнникинэн дьоно үлүһүйэн, аны кыыс тиэмэтигэр тиийдилэр. Коля саамай кырасыабай кыргыттар Өлүөхүмэҕэ, оттон Бүөккэ Аммаҕа бааллар диэн буолла. Миичик кинигэ ааҕарын тохтоторго күһэлиннэ.

      – Эһиги СКАЧАТЬ