Название: Таптыыбын… Шёпот сердца…
Автор: Коллектив авторов
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-5053-6
isbn:
Кыыс убайын эмискэччи санаан мичээрдээн мүчүк гынна.
Арай биирдэ ыала Кэтириис эмээхсин:
– Наадьа, бу кыыһыҥ улаатан истэҕин аайы Уйбаныаптар диэки буолан иһэргэ дылы дии. Туттардыын-хаптардыын. Аны аҕыйах сылынан кырасаабысса буолсук.
– Эс, аньыыта даҕаны, миэхэ маарынныыр буолбатах дуо? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытта.
– Суох, хотуой, чахчы Руслан ийэтигэр үүт-үкчү маарынныыр. Туох да диэбит иһин, номоххо киирбит Күөх Кэтириинэ удьуордара буоллахтара эбээт.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Маришка кыратыгар өлбүт аҕатын дьонун туһунан ыйыталаһан көрбүтэ да, ийэтэ кини билэриттэн ордугу тугу да кэпсээбэтэҕэ. Арай соторутааҕыта Манчаары Күөх Кэтирииһин туһунан учуутала кэпсээбитин истэн олус соһуйбута. Номоххо киирбит кэрэ дьахтар, кырдьык, кини аймаҕа буоллаҕа дуу? Тугун дьиктитэй? Ийэтэ ол туһунан тоҕо киниэхэ тугу да кэпсээбэтий? Биирдэ, түгэн көстүбүччэ, ыйыталаһан көрбүтэ да, билбэттэн атыны ийэтэ тугу да эппэтэҕэ.
Аҕалара Руслан Маришка биирдээҕэр, Павлик иккилээҕэр өлбүт. Хаартыскаттан көрдөххө, кырдьык, кыыс кэрэ номоҕон дьүһүнүгэр маарынныыр эдэр киһи курус харахтарынан имэрийбэхтии көрөр.
Маришка ийэлээх аҕата холбоһон баран, баара-суоҕа биэс эрэ сыл олорбуттар. Быар ыарыһах буолан, эрдэ суорума суолланаахтаабыт. Саатар ыалдьарын сэрэйэр эрээри, балыыһа диэҥҥэ биирдэ да көрдөрүммэтэх. Хаама сылдьан охтубут, ол кэннэ үс эрэ хоноохтообут. Аҕалара өлбүтүгэр Маришка эбэлээх эһэтэ кэлэ сылдьан, ийэлэрин дэлби буруйдаабыт, үөҕэн-таныйан барбыт сурахтаахтара. Онтон сиэттэрэн Мэҥэ Хаҥаласка баар аймахтарын кытта билигин билсиспэттэр. Ийэлэригэр этэн көрөллөр да, бэйэлэрэ тэйиппиттэрэ, онно баран сыҥаланаары гынаҕыт дуо диир. Анараа да дьон сиэттэрбит эһиги бу бааргыт ээ диэн биирдэ да билсибэтэхтэрэ, эгэ кэлэ сылдьыахтара дуо? Онон тыыннаах тулаайаҕа буолан олорон кэлбиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Хата, дэриэбинэлэрин дьоно, ыаллара бэркэ өйөөн бу бур-бур буруо таһаарынан ыал аатын ылан олордохторо.
Дьиҥэр, Наадьаны бастакы билсиһииттэн, өссө ыал буола иликтэринэ, Уйбаныаптар атарахсыта көрсүбүттэрэ. Кинилэр уоллара, үрдүк үөрэхтээх историк учуутал, ханнык эрэ төрдө-ууһа суох дайаарка кыыһы кэргэн ылбытыттан олус диэн аймаммыттара, бэйэлэрин уолларыгар тэҥнии көрбөтөхтөрө. Кэлэйбиттэрэ бэрдиттэн көрсүһүү, сыбаайба да диэни тэрийбэтэхтэрэ. Саатар Наадьа тулаайах буолан, улахан аймаҕа, уруута суох этэ. Баай баайга тардыһар дииллэринии, Уйбаныаптар аймах кийииттэрэ, күтүөттэрэ бары кэриэтэ түс-бас дьон оҕолорун кытта уруурҕаһаллара. Арай бу баай-талым олохтоох дьоҥҥо хара тураах кэриэтэ буолан, Наадьа барахсан кийииттии кэлээхтээбитэ. Детдомҥа улааппыт кыыс баай, уурунуу харчы диэнэ хантан кэлиэй? Онуоха эбии уҥуоҕунан кырата, дьүһүнүнэн харата ханан да халыҥ аймах Уйбаныаптарга, СКАЧАТЬ