Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов страница 5

Название: Таптыыбын… Шёпот сердца…

Автор: Коллектив авторов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5053-6

isbn:

СКАЧАТЬ утары хааман иhэммин охто сыспытым. Онно утары сибэкки тутуурдаах, дьоллоох баҕайы сирэйдээх-харахтаах эн иhэриҥ! Сирэйбэр мааскалаах буолан, миигин билбэтэҕиҥ, сибэккигин туттараат, махтаммытынан оҕоҕун ылбытыҥ уонна кэргэҥҥин батыhыннаран тахсан барбытыҥ. Мин сүүрэн тиийэн, түннүккэ сыста түспүтүм уонна эhиги хас хамсаныыгытын ааҕа кэтээбитим. Массыынаттан ийэҥ барахсан туораххайданан түһэн, кийиитин сыллаан ылбыта, сиэнин илиитигэр ылбыта. Эн сэрэниин-сэрэнэн кэргэҥҥин массыынаҕа киллэрбитиҥ, оҕотун көтөхтөрбүтүҥ, ийэҕин көтөҕөн ылан аттыгар олордубутуҥ, тугу эрэ көрдөөҕү кэпсии-кэпсии уруулга олорон, олбуор тахсар аанын диэки тэптэрэ турбутуҥ.

      Мин эн биэрбит сибэккигин тутан, өр да өр олорбутум. Санаабар, сибэккигэ эн илииҥ сылааhа биллэрэ. Ытаабатаҕым. Соннук сибэккибин бобуччу туппутунан дьиэлээбитим. Хайдах эрэ билигин аҕай мин олоҕум киинэҕэ көстөн ааспытын курдук этэ. Мин олоҕум, мин дьолум аттыбынан сып-сылаастык илбийэн ааспытыныы санаабытым ээ. Эн бааргыттан, эн дьоллооххуттан уонна эйигин чугас дьонуҥ тулалыылларыттан олуһун диэн үөрбүтүм. Уонна дьылҕабар махтаммытым: миигин кытта олоххун холбоон, кыhалҕаны билбэтэххиттэн.

      Уонна хаhан да эн олоххун аймыа суох буолан тылбын биэрбитим, онтубун дьэ бу кэhэн эрдэҕим… Ол күн сарсыҥҥытыгар үлэбэр тиийэн, кэргэниҥ карточкатын булан, аадырыскытын, ааккытын-суолгутун сурунан ылбытым, бу буоларбын билбит курдук. Петя, быраhаай! Хом санаама! Оҕобутун харыстаа, эрэнэбин, соҕотохтуу хаалларыма, тулаайахсытыма!

      Маайыс»

      Бүөтүр ыган кэлбит хараҕын уутун кыатаммата, сүрэҕин имэриммэхтээтэ:

      – Кэл эрэ, доҕор, бу диэки… Атаҕым уйбат курдук, – диэтэ.

      Дьулус аҕатыгар чугаhаан, икки илиититтэн ылла, иннигэр тобуктаан, уу-хаар баспыт харахтарын кистии-саба, төбөтүн аҕатын ньилбэгэр уурда уонна иhиллэр-иhиллибэттик: «Аҕаа, дорообо», – диэтэ. Аҕата уолун төбөтүттэн сыллаан ылла, түөһүгэр ыга тутта…

      Күн киирэн, сөрүүдүйдэ. Верка сибиитэрэтэ суох тахсааччы буолан, тоҥо быһыытыйан, тута дьиэтигэр төннөргө сананна. Дьонум утуйбуттара буолуо диэн, олбуор аанын тыаhа суох сабан, сэмээр үктэнэн, тэпилииссэ аттынан ааhан иhэн, хараҕын кырыытынан ийэтэ олорорун көрөн, соhуйда, хаhыытаан иhэн айаҕын саба тутунна.

      Ийэтэ саппаҕырбыт сирэйин көрөн, били мааҕыын кэлбит уолу өйдөөн кэллэ. «Туох абааhы уола кэлэн, дьоммун үрүө-тараа тутта», – дии санаата.

      Ийэтэ саал былаатын ылан кыыhын санныгар бырахта уонна:

      – Вера, эн биhикки эмиэ биэрэк диэки хаамсан кэлиэх эрэ, – диэтэ.

      – Оттон сарсын эрдэ дьэдьэннии барыах буолбуппут дии? – Вера өсөһө барбата, ийэтин батыста.

      – Дьэдьэннии даа, чэ, ол хааллыын-хааллын! – ийэтэ кыыhын санныттан кууhан, иккиэн биэрэк диэки хаамса турдулар. Биэрэккэ тиийбиттэрэ – ким да суох. Арай сөрүүн тыал эрэ илгийэр.

      – Хата, ким СКАЧАТЬ