Название: Түүл буолан сүтүмэ
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Таптал таабырына
isbn: 978-5-7696-2951-8
isbn:
– Дьиэбитигэр барыаҕыҥ, – Никиталара чаһытын көрүн да көрүн буолла.
– Бу уол ончу тэһийбэт, «кырдал, кырдал кыыһа, кылбардыырым сыыһа» диир. Онтубут утуйдаҕа дии, сарсыардааҥҥы ыамҥа турара чугаһаатаҕа, – Антон быраатын дьээбэлиир.
– Айыкка, барыаҕыҥ даҕаны. Күрүөлээх уолаттара наһаа эрийсиик эбиттэр. Сылаттылар, – Лилия эмиэ төннөр санаалааҕын биллэрдэ.
Лилия бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоругар кыыһырбыта ааспат. Кыргыттар телефоннаатахтарына «Лилия дьиэтигэр суох» дэтэр. Зина, буруйданан быһыылаах, кэлэ сылдьыбат. Сураҕа, фермаларынан тарҕаһан эрэллэр үһү. Сотору совхоз комсомольскай тэрилтэтин секретара Андрей Лилияҕа да телефоннуур буолуохтаах. Онон түргэнник тэринэн куораттыы ох-суон наада. Бу күннэргэ направлениетын оройуон кииниттэн аҕалыахтаахтар үһү. Райкомол үлэһитэ кыыс кэлиэҕэ, «путевка булбутун иһин кырса саҕалаах сон талан ылыахтаах» диэн ийэтэ эппиттээх.
Лилия бүгүн универмакка бара сылдьыахтаах. Та-баар кэлбит, уочаракка таһааран атыылыы иликтэринэ икки-үс суол сайыҥҥы таҥаһы ылыныахтаах. От үлэтэ саҕаланан эрэр буолан, сэлиэнньэҕэ киһи аҕыйаан, уу чуумпу буолан эрэр. Лилия дьиэтигэр эмиэ тэһийбэт буолла. Убайа Антон Дьокуускайга барбыта. Тутар этэрээккэ ханнык эрэ оройуоҥҥа үлэлии барыахтаах. Никита сыл аайы сүөһү көрдөрөр аймахтарыгар оттоһо барбыта. Таҥас-сап бэлэмнэнэн, айаҥҥа тэриммит киһи диэн сырыттаҕына, телефон өрө тырылыы түстэ.
– Лилька, быыһаа-абыраа. Араҥастаахха улахан күүлэй буолар. От охсуутугар хас да отделение киир-сэр. Агит-биригээдэтэ тэрийэн тахсан концертааҥ диэн буолла. Баһаалыста, барыс, үҥкүүбүт ончу суох, – кулууп директора Алла Афанасьевна ыксаабыт куола-һынан кутан-симэн кэбистэ.
– Хаһан бараҕытый? – Лилия, сүрэҕэлдьии санаан аккаастыан баҕарталаата эрээри, эмиэ да баччааҥҥа диэри алтыһан кэлбит кулууптарын хомотуон баҕар-бата. Ис-иһиттэн илгистэн, этин-сиинин хамсатан үҥкүүлүөн баҕарбыта да ыраатта, хонууга киэҥ сиргэ дэлэ үчүгэй буолуо дуо?!
– Сарсын уон чаастан араҕабыт. Концерпыт уон иккиттэн. Уой, баһыыба, Лилька! – Алла Афанасьевна бэркэ үөрбүт саҥата иһилиннэ.
Ити аата сарсын үҥкүүлүүр көстүүмнэрин өтүүк-түү охсоро наада. Тугу үҥкүүлүөххэ? Хас да отделе-ниеттан мустар буоллахтарына элбэх уол кэлииһи, индийскэйдээн уонна узбекскайдаан биэриэххэ. Лилия күп-күөх хонууга, эриэккэс музыкаҕа доҕуһуоллатан, үҥкүүлээн элээрдэ сылдьарын хараҕар оҥорон көрөн, манньыйан ылла. Музыка холбоон хамсанан, эрчиллэн көрөргө сананан истэҕинэ, эмиэ телефон тыаһаата. Ийэтэ эбит.
– Лилька, сибилигин универмакка таҕыс. Эйиэхэ сөптөөх соччо туох да суох быһыылаах. Арай, «лапша» куопталар бааллар үһү.
– «Лапша» куоптаҕа наадыйабын ахан, джинсыла-ры кытта кэтиэм дии. СКАЧАТЬ