Название: Түүл буолан сүтүмэ
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Таптал таабырына
isbn: 978-5-7696-2951-8
isbn:
– Ээ, билэбин-билэбин. Чэ, бакаа, – Лилия кы-һыытыттан-абатыттан сирэйэ кубарыс гынна.
Даа, собус-соруйан хаалларан барбыттар. Бүгүн да буолбакка, сарсын походтуохха эмиэ сөбө. Староста Лида собус-соруйан, санаатыгар Владиктан көҥөнөн биллэрбэтэх. Зина дьүөгэ да буолаахтаан, эппэккэ эрэ барсан хаалбыт. Телефоннуу сатаабыта буолуо да, дьоно «утуйа сытар» диэн биэрбэтэхтэрэ чуолкай. Бэҕэһээ шампанскайга үмүөрүһэллэрин саҕана албыннаһан дьикти этилэр. Чэ, сөп, куорат кыыһа буолан кэлэн кыһын иэстэһиэм! Сорох-сорохторгутун кытта дороо-болоһорум да саарбах. Хотон сытынан аҥылыйан көрсүөххүт буоллаҕа! Лилия дьиҥинэн ис-иһиттэн кыһыйан-абаран, хараҕын уута халыс гыммытын өйдөөбөккө да хаалла. Ол эрээри бэйэтин илиитигэр ылан, туох да буолбатаҕын курдук туттан-хаптан, таһырдьа ыалдьыттарыгар төнүннэ. Дьоно кинини эрэ умнубуттар быһыылаах, партком аан дойду полити-катыгар тугу эрэ куолулуурун истэ ахан олороллор. Сорохтор дьиэлээбиттэр, биллэрдик аҕыйаабыттар.
Лилия убайдарыгар Антоҥҥа, Никитаҕа чугаһаата. Уолаттар тугу эрэ омуннаахтык кэпсэтэ олорон балтыларын диэки хайыһа түстүлэр.
– Хайа, Лилька, санааҥ тоҕо түстэ, – улахан убайа Антон балтын диэки тургутардыы көрөн ылла.
– Тоҕо инньэ дии санаатыҥ, Антоша, наһаа үчүгэй настарыанньалаахпын, – Лилия убайа өтө көрө охсорун сөҕө саныы-саныы мэлдьэһэ сатаата.
– Ким билэр, мин көрдөхпүнэ наар атыны саныы-гын, мантан ыраах бааргын. Биһиги эмиэ күрүөхпүтүн саныы олоробут. Бу киһи «Кырдалга» кыыска бара сатыыр, – Антон быраатын Никита диэки төбөтүнэн иҥнэх гынна.
– Ээ, сымыйата, – Никита кэтэҕин тарбанан ылла.
– Уолаттар, ханна эрэ барабыт дуо? Хатааһылыы. Никитка, мотоцикл оҥоһуллубута дии? Танцылыы барыаҕыҥ, Күрүөлээххэ! Кинилэргэ нэдиэлэ ортотугар буолар, мин билэбин! – Лилия бэйэтин былааныттан омуннурда, устудьуон убайдарыгар атаахтаан көрдө-һүүтүн хайаан да толотторор санааны ылынна. Кылааһын оҕолоро киниэхэ эппэккэ эрэ походка барбыттарын кэпсиэн баҕарбата.
– Маамаҥ эйигин көҥүллүүр дуо, Күрүөлээххэ буола-буола, – «Кырдал» фермаҕа бараары олорор Ни-кита былаана тохтон эрэриттэн хомойдо быһыылаах.
– Ыйытыллыбат даҕаны, истибэтигит дуо, балты-гыт аны улахан киһи! Чэ, чэ, Антоша, Никитка, ба-рыаҕы-ыҥ, – Лилия убайдара киниэхэ аккаастаа-баттарын билэр.
– Чэ, баран таҥын. Түүн сөрүүн, кумаардаах да буолуо, – Никита туран, сиэбиттэн гараһын күлүүһүн хостоон барда.
– Ур-раа, наһаа да үчүгэй убайдардаахпын! – Лилия дьиэтин диэки сүүрдэ. Хоһугар киирэн таҥнан барда.
Кинилэр да илдьибэтэхтэрин иһин, убайдарбын кытта биир сырыыны сылдьар инибин! Биһиги, Уна-ровтар, сибилигин Күрүөлээх кулуубун ылан кэбиһиэх-пит. Убайдара Никиталаах Антон мэлдьи даҕаны «по-пулярнай» уолаттар. Армияҕа сулууспалаан кэлэн баран хаамыталаан кэбиспиттэригэр кыргыттар таптаан муҥ-наммыттара ахан. Билигин устудьуоннар, Антон СГУ физико-математическай факультетын СКАЧАТЬ