Название: Түүл буолан сүтүмэ
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Таптал таабырына
isbn: 978-5-7696-2951-8
isbn:
– Да-аша-а, хайдах буоллуҥ? Үлэлиэн баҕалаах элбэх, саҥа кэлбит кийииттэр туох да үлэни булбакка дьиэҕэ олороллорун истэҕин буолбат дуо. Эн мантан баран хаалаҕын да бүттэ. Ким да буруйдаабат. Наай гыннар тыллаах муҥутаан Анньыыска ол-бу диэн чорбоҥнуу түһэн баран тохтуоҕа. Маҕаһыыҥҥа наар фермалары мөҕүттэн тахсар. Кыыһа үлэлии хаалар буолбат дуо? – ийэтэ саҥаран-иҥэрэн, кутан-симэн кэбистэ, бэриммэтэ биллэр.
– Вера үлэлии хаалар. Дьэ кырдьык кини ийэтэ, бодоруугаҕыт Анньыыска дойдуну толорор эбит. Дуунньа кыыһын күрэттэ диэҕэ.
– Диэтин, биһиги онно кыһаллыбаппыт. Аҕаҥ эйигин тэрийэн ыытаары уоппускатын ылан эрэр. Олорунан кэбистэххинэ хомойон бүтэр. Эйигиттэн кистиир, наһаа ыарытыйар иҥин буолла. Арыый кыа-нар, үлэлиир эрдэхпинэ оҕобутун үөрэхтии охсуохха диэн тыллаах. Чэ, дьиэҕэ киириэххэ, остуолбутун бэлэмниэххэ. Аҕабыт кэлэрэ чугаһаабыта буолуо, – Евдокия Андреевна ити темаҕа кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн ойон турда.
Даша саҥата суох хаалла. Кырдьык, уулусса муннугуттан аҕата тахсан иһэрин көрөн, дьиэтигэр киирэн аһын-үөлүн тардыбытынан барда.
Бүгүн Дашаны совхоз комсомольскай тэрилтэтин кабинетыгар ыҥыран ылан үөрэххэ барар быраабы ылар направлениетын туттардылар. Комском Марина анаан-минээн тэрийбит, кылааһын салайааччытын Полина Тимофеевнаны ыҥырбыт. Иккиэн этэн-тыы-нан, алҕаан путевканы илиитигэр туттаран кэбистилэр. Даша туох да диэҕин тыла тахсыбакка хаалла. Эмиэ да дьүөгэтиниин Ольгалыын Дьокуускайдыырыттан, ыра санаатын ымыытынан буолбут Сэргэлээҕэр тиийэ-риттэн олус долгуйар, үөрэ саныыр. Ол эрээри бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоро туттарса баран эрэрин истэн улаханнык соһуйуохтарын санаатаҕына, хайдах эрэ ыксыы-ыгылыйа түһэр.
Даша, чэ, хайыай, махтанан, баһыыбалаан кабинет-тан тахсан дьиэтин диэки эрчимнээх хаамыынан дьулуруйда. Соруйан гыммыт курдук, аара суолга киһи бөҕөтүн көрүстэ. Бары тохтоон ханна үлэлии бараары сылдьарын ыйыталаһаллар, ханнык фермаҕа үлэлии хаалар ордугун сүбэлээччилэр эмиэ бааллар. Арай ийэтин кытта үчүгэйдик бодоруһар Борускуой: «Эн доруобуйаҥ олох кыайбат үлэтэ, ыанньыксыттыы барыма, олус кыһарыйдахтарына ньирэйдэ көр. Туох абааһы сокуона үөскээн оҕолору хотоҥҥо тэпсэллэрэ буолла», – диэмэхтээн, мөҕүттэн ылла. Даша дэлби ыксаата, бэйэтин тугу эрэ кистээн, уоран иһэр саарбах киһинэн ааҕынна. «Илдьэн төттөрү биэрэн баран хол-кутук сылдьыбыт киһи баар ини?» диэн санаалар кытта элэҥнээн аастылар. Ийэлээх аҕата хомойон бүтэллэр, кыһыны быһа биллибэтинэн-көстүбэтинэн сыраласпыт дьыалалара буолуохтаах. Ийэтэ секретарь Маринаҕа, оскуолаҕа да элбэхтик тиэстибитин таайа эрэ саныыр.
Даша СКАЧАТЬ