Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова страница 5

Название: Түүл буолан сүтүмэ

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Таптал таабырына

isbn: 978-5-7696-2951-8

isbn:

СКАЧАТЬ куукулалаах кэлбитэ. Даша аҕыйах күн омуннаахтык оонньуу түһэн баран, ымсыырара бэрдин иһин Олятыгар уларсыбыта. Ону баара кыыһа ийэтин кытта маҕаһыыҥҥа бурдук атыылаһаары салааскаланан тойдонон барсан баран, тапталлаах «Настенькаларын» таһырдьа салааскаҕа умнан киирбитин, көрүөх бэтэрээ өттүгэр илдьэ баран хаалбыттар этэ. Даша онно хомойбутуон, мэктиэтигэр аанньа аһаабат буолбута. Аһыйбыта даҕаны. Билигин санаан сонньуйар. Хайыахтарай, Олятыгар кыратык куттуу, буугунуу түһэн баран, эмиэ уруккуларын кур-дук, кумааҕы куукулаларынан иллээх-эйэлээхтик оон-ньоон букунаһан барбыттара. Даша бу хаһаайысты-батын таһынааҕы ыалларын кыыстарыгар Ирочкаҕа бэлэхтиир санаалаах. Эмиэ хампыат суута мунньа са-тыырын, открыткаларга наһаа ымсыырарын сотору-тааҕыта билбитэ. Ийэтэ Роза үнүр кэпсээн эрэрэ, Ирочка кумааҕы куукула оҥосто сатыы-сатыы, онто сатамматыттан хомойон ытыыр үһү. Дьэ, үөрүө буол-лаҕа, эмискэ байа-тайа түһэриттэн. Дашаҕа ийэтин дьүөгэтэ Маайа соҕуруу курортан кэһиилэнэн кэлбит соломоттон оҥоһуллубут кыра корзината сылдьар. Бу дойдуга суох мааны иһит. Ыһыахха кыбына сырыт-таҕына үөлээннээх кыргыттара ымсыыран харахтара араҕааччыта суох. Даша Ирочкаҕа бэлэхтиирин бары-тын корзинаҕа сааһылаата. Таһырдьа тахсан ыалын тэлгэһэлэрин диэки көрбүтэ, оруобуна Роза сууйбут таҥаһын ыйыы сылдьар.

      – Роза-а, дорообо! Ирочкаҥ ханнаный? – Даша үгэһинэн күүлэтин боруогар олорунан кэбистэ.

      – Ол кыыс ханна эрэ сэлиэнньэ түгэҕин булла ини. Сөтүөлээри көҥүллэппитэ, күөлгэ бардылар дуу. Тоҕо ыйыттыҥ?

      – Наадалаахпын, Ирочкаҕа. Кэллэҕинэ миэхэ ыытаар.

      – Ол хотунуҥ эбиэтин көтүппэт. Кэлэн ааһыаҕа, этиэҕим. Хайа, хаһан Дьокуускайдаатыҥ? – Роза таҥаһын ыйаан бүтэн быар куустан туран кэпсэтэрдии сананна.

      – Сотору барабын. Сололоох эрэ буолларгын, дьом-мор киирэ тураар эрэ. Ким да билсибэтэҕинэ, ийэм наһаа санааргыыр. Ыалдьыттаах ыал үчүгэй диэн тыллаах. Уой, эн тиэргэниҥ сибэккилэрэ үчүгэйдэрэ бэрт ээ, ситэн ырааппыттар дии. Ол оруосабай өҥнөөх нарын да нарын сибэкки биһиэхэ тоҕо эрэ суох ээ. Күн-дьыл ырааппыт дии, оҕолор сөтүөлээн эрэллэр эбит дуу, – Даша, быйылгы сайын түбүктэригэр үтү-рүйтэрэн, сөтүө кэмэ саҕаламмытын билбэтэҕиттэн соһуйда.

      – Эбиэт буолбут, ас сылыттыахха сатаныыһы, – Роза дьиэтин диэки хаамта.

      Даша эмиэ, ас бэлэмнээн эбиэттии түһэн баран, таҥас суунардыы тэриннэ. Куйаас күн буолбут, таҥас куурдарга ааттаах эбит. Киһи салгыах курдук ардахтаан да биэрдэ. Сууйар таҥастарын бэлэмнээн саҕалыах курдук сырыттаҕына, аҕылаабыт-мэҥилээбит Ирочка сүүрэн элэгэлдьийэн кэллэ. Күн уота харааччы сиэ-бит, харахтара эрэ оҕолуу тиэхэлээх уоттарынан чаҕы-лыҥнаһаллар.

      – Даш-о, миигин ыҥырбытыҥ дуо? – Ирочка ыксыыр быһыылаах, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлиир.

      – Даа, кырасаабысса, ыҥырбытым. Эн манна күүт эрэ, билигин кэлиэм, – Даша дьиэтигэр киирэн СКАЧАТЬ