Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова страница 13

Название: Түүл буолан сүтүмэ

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Таптал таабырына

isbn: 978-5-7696-2951-8

isbn:

СКАЧАТЬ эрдэ дьаһаммытым буоллар оҕо уруу да баар буолуо этэ. Ханна баар тапталларын кэтээн олорбутум буолла?

      – Таптал баар, эдьиэй! Киинэҕэ, кинигэҕэ сымы-йаны көрдөрбөттөр.

      – Эчи, романтичнайгын. Эдэриҥ бэрт буоллаҕа-а. Чэ, үөрэххэ киирэриҥ туһугар, – Людмила Доро-феевна шампанскайдаах бакаалын өрө көтөхтө.

      Людмила Дорофеевна, бэйэтэ эдэригэр олоҕун оҥостубакка оҕоломмотох буолан, балтын оҕолорун олус күндүтүк саныыр, бэрт кыраларыттан тэбис-тэҥҥэ бэрийсэр. Урут сайын уоппуската буоллар эрэ тыаҕа баран сайылаан, бырааттарын, балтын кытта бодьуустаһан астынан ахан төннөрө. Сыл – хонук. Аҕалара төһө да быраҕан бардар, Валя өһөс, туруу дьахтар буолан, оҕолорун атахтарыгар туруортаан эрэр. Уолаттар этэҥҥэ улаатан, дьиэ иһинэн-таһынан барыны бары кыайа тутар дьон буолан, ийэлэрин абыраабыттарыттан Людмила сэмээр үөрэр. Лилия аҕатын курдук көнө уҥуохтаах-арҕастаах, киһи хараҕар быраҕыллар кынталдьыйбыт бэйэлээх буола улааппыт. Сирэйинэн эмиэ аҕатыгар дылы сырдык. Ол оннугар уолаттар ийэлэрин хаанын батан хара барааннар, орто уҥуохтаахтар.

      – Лилька, чэ билигин утуйан сынньан. Сарсын докумуоҥҥун туттара иккиэн барыахпыт. Хоскун бэлэмнээбитим, телевизор кытта баар.

      – Эдьиэй, оттон эһиги саалаҕа таҕыстыгыт дуо?

      – Оннук буолумуна икки киһи. Кыра хоско бап-паппыт. Итиитэ бэрт, аанньа да утуйбат буола сылдьабыт. Наһаа куйаарда, кыратык да ардахтаан сөрүүкэтэ түспэт ээ.

      – Ээ, арба, маама эйиэхэ сээкэйи ыыппыта, – Лилия ийэтэ ыыппыт бакыат суумкатын эдьиийигэр туттаран кэбистэ.

      Үчүгэйиэн куоракка кэлбитэ! Дьэ, итиэннэ Сарда-ҥаҕа төннөн да бэрт! Үөрэххэ кыайан киирбэккэ да хааллаҕына эдьиийин аахха олорон тугу эмэ үлэлиэ. Дойдутугар төнүннэҕинэ ферма диэки ыйан кэбиһэл-лэрэ чуолкай. Сарсын тугу кэтиэххэ, хайдах оҥос-туохха? Лилия суумкатыттан хас да суол сайыҥҥы таҥастары ылан өтүүктэнэргэ сананна. Куйааһа да бэрт, баттаҕын өрө таһааран бүрүчүөскэ оҥостон баран сылдьыыһы. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха баар эбит, көмүс ытарҕалар таах сытыахтара дуо.

      Аан хоско телефон өрө тырылыыр тыаһа иһилиннэ.

      – Лилька, туруупканы ыла оҕус эрэ. Маамаҥ эри-йэр, – Людмила Дорофеевна хос аанын өҥөйөн туран Лилияны ыҥырда.

      – Маамуо-уо, хайа, тоҕо утуйбакка эрийэ сытаҕын?

      – Эн хайдах тиийбиккин истэ иликпинэ уоскуйуом суох. Кыргыттарыҥ кэлэн бардылар, төрөөбүт күн-нүөхтэрин баҕарбыттар быһыылаах.

      – Кэһэйдиннэр! Походка баралларыгар умнубутта-ра бэрт этэ. Зинка кэлэ сырытта дуо? Кимнээҕи батыһыннарбыт?

      – Уля, Лена кэлсибиттэр.

      – Хотонноругар барбакка тугу хаамса сылдьаллар? – Лилия походтан хаалбыт кыһыыта-абата өссө күөдьүйэн кэллэ.

      – Аргыый эрэ, Лилька. Наһаалаама. Чэ, төрөөбүт күҥҥүнэн! Этэҥҥэ куораттааҕы дьиэҕин булбуккун, эдьиийдээх күтүөҥ тылларын истэ сырыт. Куорат Сардаҥа буолбатах, мээнэ дискотеканы кэрийимэ. Сэрэнэн сырыт, иһиттиҥ дуо? Мээнэ эрийбэтим буолуо, СКАЧАТЬ