Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова страница 14

Название: Түүл буолан сүтүмэ

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Таптал таабырына

isbn: 978-5-7696-2951-8

isbn:

СКАЧАТЬ баран кэлиэ эбит. Ийэтин, убайдарын аҕынна ахан! Уолаттар билигин оттоон бүтэн киирэн сын-ньана сыттахтара. Сотору манна кэлэллэрэ да буолуо. Никитка үөрэнэр куоратыгар Дьокуускайтан көтөр, оттон Антоша убайа кыһыны быһа куоракка чугас сылдьыа. Убайдардаах буолан Лилия өрүү хайдах эрэ көмүскэллээхтик, эрэллээхтик сананар. Кинилэр эмиэ балтыбыт диэн ымманыйан ахан биэрэллэр.

      – Хайа, сэгээр, Лилька, утуйа сытаҕын дуо? – диэбитинэн эдьиийэ хоско көтөн түспүтүттэн соһуйан эрэ хаалла.

      Санааларыгар буолан дьоно киирэллэрин исти-бэтэх эбит.

      – Эдьиэй, төһө бэрт бырааһынньык буолла?

      – Бэрт биэчэр буолла. Ардахтан куотан дьиэҕэ оло-рорго тиийдибит. Дьиҥинэн, балаакка иҥин тардан бэлэмнээбиттэр эрээри, ардах дохсуна сүрдээх. Тур, Лилька, чэйдиэххэ. Оҕурсу, помидор бөҕө аҕаллым. Салат оҥоро охсуом. Игнат Иванович утуйда, сыла-йаахтаата.

      – Чэйдиэххэ-чэйдиэххэ. Мин соҕотох буолан аһаа-бакка да сытабын.

      – Били уолуҥ телефоннаан наһаа чуҥкуппата ини?

      – Игоры этэҕин дуо? Хата, эрийбэтэ. Айыкка, түргэнник тыаҕа бара охсоро буоллар, – Лилия эдьии-йин кытта куукунаҕа тахсан чэй бэлэмнэстэ.

      – Лилька, эн уопсайга олоруоххун баҕараҕын дуо? – Людмила Дорофеевна баарыан сарсыарда бал-тын кытта кэпсэппитин санаан ыйытта.

      – Маамам инньэ диир дуо?

      – Даа. «Баҕалаах буоллаҕына оҕолорго ыытарыҥ дуу» диэннээх. Кырдьык, бэйэҥ бил. Ол эрээри уопсай олоҕо дьалхаана элбэх, хайдах кыргыттары кытта түбэһиэҥ иҥин биллибэт.

      – Оннук. Эдьиэй, мин баҕарбаппын уопсайга. Ити Игорь да сүгүннүө суоҕа.

      – Наһаа сиримэ. Мин көрдөхпүнэ, олус куһаҕана суох уол. Сахаҕа уһуна иҥинэ, омук курдук дии.

      – Ньоҕойо баар ээ. Олус бэрпин дии сананар бы-һыылаах. Кини сөбүлээтэ да дьыала быһаарылларын курдук. Мин бэйэм таптыахпын баҕарабын!

      – Оок-сиэ, олоҕу билэ илик барахсан саҥата. Олоххо дьахтар таптыыра улаханы быһаарбат. Маамаҥ туох диэн сүбэлиир?

      – Оннук таптал диэн суох диир. Барыта ааһар, бүтэр үһү. Эйигин, оҕолоргун хааччыйар, хамнастаах, баай киһиэхэ тахсар туһунан санаа диир. Сороҕор сө-бүлэспэппин. Маамам бэйэтэ табыллыбатаҕын иһин, наһаа таптаһар истиҥ сыһыаннаах кэргэнниилэри кө-рөбүн ээ. Ол аата дьиҥнээх таптал диэн баар буоллаҕа дии. Өссө маамам арыт этээччи ээ, «куһаҕан киһиэхэ кэргэн буолан атаҕастаныаҥ кэриэтэ соҕотох сылдьыбы-тыҥ ордук» диэн.

      – Дьэ ол сыыһа этэр. Киһи бу күн сиригэр биирдэ олоро кэлэр. Олох биэрэр күндүтүн табылыннын-табыллыбатын билэ сатыахтаах. Этэбин дии, таах сибиэ эрдэ ыал буолан хаалбаккабын. Саатар оҕолоох буолуом этэ. Эбэтэр эрдэ кыанар эрдэхпинэ оҕо ииттибэккэбин. Хата, таҥара олус атаҕастаабакка ити оҕонньору көрүһүннэрдэ дии. Эрэйдээҕим сыыһа, кыра оҕону биэбэйдиир курдук көрө-истэ сатыыр. Икки соҕотохсуйбуттар булсан үүнэр күнү үөрэ көрсөбүт. Урут сүрэҕим ыалдьан, хааным баттааһына тахсан сытан СКАЧАТЬ