Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова страница 17

Название: Түүл буолан сүтүмэ

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Таптал таабырына

isbn: 978-5-7696-2951-8

isbn:

СКАЧАТЬ хааспын оҥоруох буолбутуҥ дии, – Аня хаас үргүүрүн туппутунан ороҥҥо олорор Марианнаҕа кэллэ.

      – Оччоҕо «брежневскэй» хааспыт суох буолар дуо. Иһити хомуйуҥ, билигин кыыспын оҥорон биэриэм. Ааспыттааҕы курдук, остуол үөһэ сыттык ууран баран үргүөхпүт, – Марианна ааспыт сырыыга бииргэ үөрэнэр кыыстарын Лизаны хааһын үргээбит, кулгаа-ҕын үүттээбит «опыттаах».

      Даша Олята кэлэн автобус тохтобулугар бардылар. Ахтыспыттар ахан, иккиэн да сонуннара баһаам эбит. Автобустан түһүөхтэригэр диэри астына кэпсэтэн тиийдилэр.

* * *

      Ираида Никоновна кыргыттар киирэн кэлбиттэ-ригэр соһуйда ахан. Массыынаҕа таҥас сууйтара сыл-дьар эбит.

      – Оленька, телефоннуоххун. Тугу эрэ астыам этэ буоллаҕа дии. Дьэ, билигин тугунан күндүлүүбүн, – Ираида Никоновна куукунатыгар киирэн тугу эрэ бэрийэн барда.

      – Хайдах эрэ барыта ыксал. Тётя Ида, ончу ох-торум буолла. Биирдэ да соло буолбаппыт. Атын фа-культеттары көрө-көрө ымсыырыах курдукпун. Үөһээ курска чэпчиэ дииллэр да, – Оля куукунаҕа киирэн үөрэҕин түбүктэрин кэпсээн-ипсээн барда.

      Даша да иһиттэҕинэ, киһиттэн улахан дьулууру, сыраны ылар үөрэх. Оля оҕо эрдэҕиттэн эмчит буолар эрэ баҕалаах этэ, куукуланан, бэйэлэрэ ыал буола да оонньоотохторуна кини мэлдьи маҥан халааттаах эмчит буолара. Иккиэн биир идэҕэ интэриэстээх дьон кэпсэтиилэригэр мэһэйдэспэт санааланан Даша саала-ҕа дьыбааҥҥа олорон хаһыаттары, сурунааллары көрө олордо. Чуумпу, ыраас дьиэҕэ олорор үчүгэйин! Уоп-сайга олорор туспа тартарыылаах, интэриэһинэй эрээ-ри, киһи дьиэ усулуобуйатын эмиэ сытыытык ахтан кэлэр түгэннэрдээх. Даша дьиҥинэн дойдутун, дьиэ-тин-уотун, ийэлээх-аҕатын саныыра кэмэ суох. Ордук киэһэ утуйаары сытан, эбэтэр сарсыарда уһуктан ба-ран дьиэтин санаан хараҕын уута тахсан, мунна кычыгыланан ылар. Дьоно да кинини суохтаан эрдэх-тэрэ. Ийэтэ үлэлэри, хотоннору, дьиэлэри бэйэтэ эр-гийэрэ буолаахтыа, аҕата өрөбүлүгэр эрэ көмөлөһөн эрдэҕэ. Урут дьиэ иһин Даша көрөн-истэн олордоҕо дии. Оо, хаһан эрэ кыһыҥҥы сынньалаҥ буола охсон тиийэр! Дойдутун салгынынан дуоһуйа тыынар, дьо-нун-сэргэтин кытта астына кэпсэтэр. Кылааһын оҕо-лоро фермаҕа үлэлээн-хамсаан түбүгүрэ сырыттахтара. Даша суруйан көрөр да, кыргыттар биирдии-иккилии суругу суруйан баран тохтоон хааллылар. Дьэ уонна Даша кулуубу, онно «Хатыҥчаан» вокальнай-инстру-ментальнай ансаамбылларын доҕуһуолунан буолар үҥкүү киэһэлэри ахтара бэрт. Корпуска буолар үҥкүүлэргэ магнитофоҥҥа суруллубут омук, нуучча ырыаларынан үҥкүүлүүллэр. Биллэн турар, киһи сүргэтин өрө көтөҕөр, эрчимнээх эдэр сааһы доҕу-һуоллуур сэргэх музыка. Ол эрээри, сахалыы сайаҕас ырыаларга доҕуһуоллатан үҥкүүлээн тэйэр, намыын, уйаҕас ырыа долгунугар уйдаран аргыый устар туспа да умсулҕаннаах эбит. Даша кулгааҕар өрүү «Хатыҥчаан-нар» толорор ырыалара иһиллэн кэлэллэр, ойон-тэбэн ааспыт оҕо сааһын, улаатан, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа сабан тахсыбыт тиэргэнин санаталлар. «Хатыҥ-чааннар» нарын таптал, сөбүлэспит сүрэхтэр иэйии-лэрин туһунан ырыалара улахан, дьиҥнээх тапталы бүтэйдии күүтэр дууһатын уйадыта долгуталлар. Даша аттыгар хаһан эрэ эмиэ кинини умайа СКАЧАТЬ