Ол түгэн уораана…. Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 9

Название: Ол түгэн уораана…

Автор: Арчылан

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3132-0

isbn:

СКАЧАТЬ үлүгэрэ диэххэ сөп. Соппуруон эмээхситтэр-оҕонньоттор бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтиигэ биир эмэ бэйэлэрин түбэлэрин киһитин туһунан «оо, барахсан сэриигэ барыан иннинэ үтүө да оҕо этэ…» диэн эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да хараастыбыттыы үөһэ тыыналларын син иһиттэ ини, истибэтэ ини. Ити баҕас, туох да албына-түөкэйэ суох, ис сүрэхтэн тахсыбыт тыллар буолуохтаахтар. Бэл, били сэрииттэн босхоҥ кэлбит тастыҥ убайа Байбааскы, кыратык холуочуйа түстэ да, ыллаан тахсар «Саллаат сүрэҕэ» диэн ырыатыгар этиллэринии, ийэ оҕотун билбэт муҥа буоллаҕа дии. Бээ, ити ырыа хайдах этэй?!

      Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,

      Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ:

      – Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этиҥ,

      Хантан бу айаннаан иһэҕин?

      – Оо, ийээ, – диэтэ, – эн уолуҥ этим,

      Ол дьиэбэр эргиллэн бу кэллим.

      Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон,

      Төрөөбүт алааспын, дьэ, буллум…

      – Эн уолуҥ этим… – Алаастыырап саҥа таһаарбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.

      Оннооҕор кинини – инники кирбиигэ сылдьыбатах саллааты – ийэтэ барахсан хайдах көрүстэ этэй?! Уҥуох-уҥуоҕун барытын тутан-хабан көрбүтэ дии, ытамньыйа-ытамньыйа. Сэрииттэн лабааларын тонотон, эттэрин-сииннэрин сэймэктэтэн кэлээхтээбит саллааттары санаахтаатаҕа буолуо. Оттон ол илэ бодотун төрөппүт ийэтэ билбэт буолуор диэри кэбилэппит киһи өйүгэр-санаатыгар туох баас-чэр хааларын ким билиэ баарай?!

      Онно холоотоххо, Миитэрэй хатат курдук кытаанах киһи эбит. Өссө, буолаары буолан, биир түбэҕэ улааппыт доҕорун тыыныгар турбут киһи диэтэххэ… Чэ, баҕар, билбэккэ да ыппыт буоллун, син биир – ыарахан. Бээ, туох диэтэ этэй: «Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллааттар олохторун быыһыыгын, кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук!» Итигирдик диэн, төһө да бэйэтин кырдьыгын таһаарыннар, муҥура суох буруйдана саныыр быһыылаах.

      Толкуйдаан көрдөххө, гвардия капитана Хойутаанап дойдутугар эргиллэн баран, партийнай-советскай линиянан үлэлии барбатах биир сүрүн биричиинэтэ ити буолара дуу? Бастаан утаа обкомтан кытта кыачаҥалата сылдьыбыт сурахтаахтар, оройуоҥҥа үһүс сэкирэтээринэн анаарылар. Муос-таас курдук аккаастаан кэбиспитэ дииллэр.

      Сири-буору аннынан иһиттэххэ, обком эппиэттээх үлэһитин улаханнык өһүргэппит үһү. Ол – кырдьык Хойутаанап буочара. Итини Соппуруон урут даҕаны итэҕэйэ истэрэ, оттон бэҕэһээҥҥи кэпсэтии кэнниттэн өссө бигэтик өйдөөтө. Быһаччы бэйэтиттэн ыйыппатар даҕаны.

      Миитэрэйиҥ өһүргэс соҕус ээ. Төһө да арыт ардыгар устудьуоннааҕы үгэстэринэн бары-баллаччы хаадьыласталлар, сорох түгэҥҥэ биир тылтан сылтаан харыйаны таҥнары соспут курдук буолааччы. Оччоҕо эн кини иннин көстөн турар төрүөтүнэн да ылбаккын. Бэйэтэ этэригэр дылы «өһөс да чирэс, саллаат өрүү чиккэс!» Кытаанах киһи! Ол да иһин, кэргэнэ этэринии, «коллегалара уоппускаларын кэмигэр Крымынан, Кавкаһынан сылдьар кэмнэригэр үрэх баһыгар дьуоҕура сыттаҕа». Өссө оттообутун иһин СКАЧАТЬ