Ол түгэн уораана…. Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 5

Название: Ол түгэн уораана…

Автор: Арчылан

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3132-0

isbn:

СКАЧАТЬ туһаммыта, ол кинигэтин анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ билигин Миитэрэй сыттыгын анныгар сытар ээ).

      Даайа сүрэҕэ Ньукууһу талбыта. Ньукууһу ордорбута.

      Кырдьык, Ньукуус дьүһүннээх үчүгэйэ, майгылаах мааныта этэ. Онно эбии ырыата, үҥкүүтэ сыттаҕа дии. төбөтүн иҥнэччи соҕус кэннигэр быраҕан олорон, хормуоскатын араастык эрийэн-мускуйан бардаҕына, хантан да кэлбиттэрэ биллибэт алыптаах дорҕооннор эйээрэ кутулла түһэллэрэ… Ама, оннукка хайа кыыс оҕо сүрэҕэ битиргэччи тэппэт буолуоҕай?!

      Аны кэлэн, букатын кыларыйан турар кырдьыгынан билинэр буоллахха, рабфакка киирэригэр санаатын түгэҕэр, бэрт ыраах да буоллар, ханнык эрэ эрэл кыымнара кылахачыһаллара. Баҕардар, үөрэхтэнэн, оччотооҕуга этэллэринии, хамыһаар буолан дойдубар кэллэхпинэ, Даайа миигин атын хараҕынан көрүө диэн. Ол да иһин туохха да аралдьыйбакка үөрэммитэ. Ол да иһин бииргэ үөрэммит кыргыттарын ортотугар «Дмитриан манаах» аатырдаҕа. Ол «манаах» түөһүгэр төһөлөөх улахан таптал кутаата күлүбүрүү күүдэпчилэнэрин бииргэ үөрэммит кыргыттара барахсаттар хантан билиэхтэрэ этэй?! Оттон уопсайга биир хоско олорбут уолаттара тулуурдаахтар да эбит. Боруобаҕа, кулгааҕар куба саахтаабыт киһитэ хас күн ахсын музыкалаатаҕа аатыран, мандолина муҥнааҕы тардырҕатарын истэн көр эрэ.

      Миитэрэй биллэ-биллибэттик мичик гынан баран, баһын быһа илгистэн ылла.

      Оччотооҕуга ону өйдүүр кэлиэ баар дуо?! Хомсомуол хотойо хоппотоҕо суох этэ ээт… Кырдьык, мандолинаны барбах тыаһатарын тыаһатар буолбута. Ол гынан баран, ол, сирэйинэн эттэххэ, чахчы тыаһатыы эрэ этэ, иэйэ-куойа уонна, саамай сүрүнэ, атыттар тыгыалас тымырдарын таарыйан дьиҥнээхтик оонньооһун сыта да суоҕа.

      Айдарыы диэн, хор, оннук кытаанах. Киһиэхэ барытыгар биир тэҥник бэриллибэт. Төһө да ардыгар бэрт хотуулаахтык биир киһи сатыырын атын сатаабата суох диэтэрбит, дьиҥ чахчытыгар киһи сатыырын киһи сатаабата, дьэ, эмиэ баар буолар. Ону хомнуо хойут сииккэ сиэллэххинэ, хаарга хаамтаххына биирдэ долоҕойдоторуҥ баар – кыһыыта.

      Оттон Ньукуус, төһө да эргиччи дэгиттэр дьоҕурдааҕын иһин, үөрэххэ барбатаҕа уонна, кырдьыгынан эттэххэ, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн киирэр кыаҕа да суох этэ.

      Ону Миитэрэй, оскуоланы бүтэрэр кэрэ-бэлиэ, бу кэлэн санаатахха – эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох саастарыгар биирдэ кэлэн, соһуйа билбитин бу баар курдук өйдүүр.

      Кинилэр үс биэрэстэ курдук тэйиччи сытар алаастан сылдьан үөрэнэр этилэр. Ол үс биэрэстэлэрин Даайаларын суумкатын олбус-солбус тутан, күө-дьаа ону-маны ыаһахтаһан букатын да билбэккэ хаалаллара. Биирдэ эмиэ ол курдук эрийэ-буруйа дьиэлээн испиттэрэ. Сандааран-чаҕылыйан сааскы күн ааттааҕа этэ, онно эбии Миитэрэй история уруогар «тороскуустары кыайан-хотон» (һы, киһи билигин сонньуйа да саныыр) «туйгун» сыананы ылбыт буолан, көтүөн кыната эрэ суоҕа.

      – Дьокуускай төһө эрэ улахан буолла? Оскуоланы бүтэрдим да, булгу үөрэххэ барабын. Бары бииргэ барар инибит, – Кэрэх Ыйаабыт тумулун быһан иһэн, сып-сылаас сыстаҥнас хаары ытыһан ылан, мөчөкө оҥороот, бэрт дьиктитик сараадыйбыт лабаалардаах хаһааҥҥыта эрэ чаҕылҕаҥҥа быһа дапсыйтарбыт баараҕай тиити быраҕан кууһуннарбыта. – СКАЧАТЬ