Ол түгэн уораана…. Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 7

Название: Ол түгэн уораана…

Автор: Арчылан

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3132-0

isbn:

СКАЧАТЬ кутаттаабыппын киһим дьиктиргии көрбүтэ. Киллиргэччи куппуппун буолбатах, үс гына үллэрбиппин.

      – Тому парню, – диэбитим.

      – Сөп-сөп, билэбин уонна өйдүүбүн!

      – Суох-суох, эн билбэккин да, өйдөөбөккүн да… Бу Ньукуус киэнэ… – Соппуруон олус өйдүүрдүү туттубутуттан кыһыйан, мин хадьардаһан ылбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым.

      – Ханнык Ньукуус?

      – Кэлин кэпсиэҕим… баҕар… Чэ, көрсүһүүнэн!

      Биир тыынынан хантас гыннаран кэбиспитим. Соппуруон барбах омурдубута:

      – Мин итинник кыайбаппын.

      – Баалаабаппын. Итинник иһэр туһуттан номоххо

      киирбит наркомовскай нөҥүө ааһыахха наада…

      (Кырдьыга да баара, арыгыны иһии биһиги дойду дьонугар ордук сэрии кэнниттэн сытайан турбута. Ол иннинэ да дьон син төрөөн-өлөн олордоҕо эрээри, билиҥҥи курдук буолбат этэ. Оччоҕо итириксит диэн да суох буолара…)

      Салгыы күө-дьаа бииргэ үөрэммит кэммитин, оҕолорбутун ахтан барбыппыт. Киһи хаһан да баары, бүгүҥҥүнү ситэ-хото сыаналаабат үгэстээх ээ, ааспытын кэннэ санаатахха – барыта кэрэтийэн, күндүтүйэн көстөр. Ол – киһи уйулҕатын биир уратыта буоллаҕа. Онон, биһиги даҕаны, этэргэ дылы, үөспүт тэстэн, тимэхпит сөллөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэппиппит. Салгыы дойдубут олоҕун, ыытыллар политика да тула санаабытын ирэ-хоро тэбэспиппит. Тэбэспиппит да буолан, үксүн мин куолулаабытым. Оттон Соппуруон ордук үөлүллүбүт собону сиэн лыбыгыратарыттан ордубатаҕа. Ахтыбыта оччо этэ. Уопсайынан, киһи төрөөбүт аһын күндүргэтэр да буоллаҕа. Ордук сааһыран, этэргэ дылы, кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэн. Бэл, Саха сириттэн бастакы генерал Притузов уонна суруйааччы Ньукулай Якутскай соҕуруу охтор ыарыыларыгар сытан, дойдуларыттан уулаах отону өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан үлэспиттэрэ диэн буолар. Оттон атын хайаларыгар эрэ – бадаҕа, улахан учуонай быһыылааҕа – кыайан дойдутуттан ыыттарбакка, ханнык эрэ атын сир отонунан солбуйбуттар, ону амсайан көрөн баран: «Суох, бу Саха сирин отоно буолаахтыа дуо?!» – диэн баран, төттөрү анньан кэбиспитэ үһү. Дьэ, ону кини хантан биллэ?! Отон эрэ барыта биир буолуон сөп курдук буолбатах дуо?.. Оннук буолбат эбит, киһи ханнык эрэ битинэн «бу дойдум киэнэ» диэн син биир араарар. Төрөөбүт дойду сыта-сымара, амтана киһи этигэр-хааныгар оннук дириҥник иҥэн сылдьар эбит ээ…

      Онтон отууга киирэн, эмиэ ону-маны баллыгыраһа сытан, Соппуруон эмискэ баҕайы ыйыппыта:

      – Миитэрэй, эн миигин соччо эрэммэккин дуу, быһыыта?..

      Итини мин улаханнык сүөргүлүү да, сүөлүргүү да истибитим. Төһөтүн да иһин устудьуоннуур сылларбытыгар мииммитин балайда иһистэхпит дии. Билигин сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр политическай репрессия сылларыгар. Оччолорго сэбиэскэй дьон, тутуллубакка-хааллыбакка да сылдьан, бэйэ-бэйэлэрин хобулаан мөлүйүөнүнэн донуоһу – үҥсүүнү, тыллабыры диэххэ сатала суох – суруйбуттара диэн билигин аһаҕастык суруйаллар уонна СКАЧАТЬ