Ол түгэн уораана…. Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 8

Название: Ол түгэн уораана…

Автор: Арчылан

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3132-0

isbn:

СКАЧАТЬ style="font-size:15px;">      – Хайа, Ньукуус, испэтэххин дуу?! Сөп ээ, бэл, наркомовскайы испэт этиҥ. Чэ, оччоҕо манан мин онуоха-маныаха диэри бэйэм санаабын-онообун сайҕаан көрүүм, – иһит көп аҥаарынан сылдьар буокканы, эргитэ түһээт, таҥнары куттубутум. – Баалаабат инигин, куорат «энтэлигиэнэ» киһи?!

      Соппуруон син биир «мыык» да диэбэтэҕэ. Мин, булгунан кэбиһээри, сылтах көрдүүрбүн сэрэйдэҕэ.

      Оттон мин килиэппин сытырҕаан ылаат, харахпын быһа симэн, чочумча олорболуу түспүтүм. Куолайбын хатыылааҕынан хайы салаан киирбит арыгы уота сыыйа эппин-хааммын сылытан, биир гына тарҕаабыта. Хайдах эрэ бэйэбин эмиэ уоттаах-кырыктаах атаакаҕа киирэн иһэр курдук санаан аһарбытым уонна кэпсээн барбытым…

      Хайдах баарынан… кырдьыгынан эттэххэ, хайдах өйдүүрбүнэн…

      Суох, аһаҕастык кэмсинэрин кэмсиммэтэҕим. Хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах этибит буоллаҕа…

      Оттон билигин Миитэрэй хомуньуустуу өйө-санаата суох дуо?.. Билиэтэ баҕас баарын баар, туттарбатаҕа… Ол гынан баран, совхоз партийнай кэмитиэтэ ыһыллыаҕыттан усунуос да төлүү илик уонна бүтэһик быыбар иннинэ ыҥырбыт мунньахтарыгар да эмиэ барбатаҕа. Онон Миитэрэй хомуньуус дуу, хомуньуус буолбатах дуу диэн боппуруоһу айбыт бэйэтэ билэр. Билигин кини киирбит Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партията суох, ыспыттара. Ону киниттэн ыйыппатахтара…

      Уонна өлө-тиллэ көмүскээбит модун Сэбиэскэй Сойууһа да, сахсайбыт мас уһааттан тимир уобуруччутун сулбу охсубуттуу, киһи сымыйаргыах, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыһыллан-үрэллэн хаалла…

      Уулаах, үөл уһааттан уобуруччутын си-дьүгээр ылбаккын, кыаллыбат даҕаны…

      Оччотугар сэбиэскэй дойду кураанах, иччитэ суох, көҥдөй көхсө эрэ турбут буолан тахсар дуо?!

      Миитэрэй илиитин иминэн харбыалаһан, эрдэ бэлэмнээн уурбут чэйдээх чааскытын ылан, өрүһүспүттүү иһэн киллиргэтэн иһэн киэр аста.

      Бу хаһан сүтэр кырааска амтанай?! Сарсын Дьулуһу соруһан, муус киллэртэрдэҕинэ сатаныыһы. Сайын Даайа хантан эрэ булан аҕалан, буочукаларын соппут кырааската, дьэ, кыаҕын ылаары гынна. Аҕынньата төллөөрү ыксатар. Кыыһа бэйэтэ амтаны билбэт. Түөһэйэн талымастыыр дии саныыр быһыылаах. Мэлдьи сотон-сотон кэлбит кырааскам диэхтиир да, дьэ, билбэтим. Итэҕэтээри, кырааска бааҥкатын кытта киллэрэн көрдөрөр этэ да, суруга-ойуута биирин иһин хаачыстыбата чыҥха атын дойду ээ, быһыыта… Тас киэп уонна ис хоһоон мэлдьи бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр диэн буолбат ээ бу орто дойду очурдаах-чочурдаах олоҕор…

      Ып-ыраас кылыгырыы сүүрэ турар дьүүктэ уутун испит киһи баар ини… Ып-ыраас…

      3

      Алаастыырап доҕоро Миитэрэй Хойутаанап тус олоҕуттан кэпсээбит түгэнин улаханнык сөҕө истибитэ. Булан-булан түбэспитин эбитин. Киһи букатын итэҕэйиэ суоҕун курдук. Арай кинигэҕэ-киинэҕэ итинник тоҕооһуу, сөп түбэһии баар буолар ини, оттон… Ол эрээри бары суруйааччылар, киинэ айааччылар да уобарастарын уонна сюжеттарын дьиҥ баар олохтон сомсон эрдэхтэрэ эбээт. Олоххо киһи СКАЧАТЬ