«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 2

Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Автор: Наталья Михалева-Сайа

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5219-6

isbn:

СКАЧАТЬ буолан ааспыт мөккүөрдээх түгэннэр тустарынан сүрүн кыттааччылар суох буолбуттарын кэннэ ахтар-суруйар үгэс үөскээтэ. Сорох ааптардары ол иһин киһи итэҕэйбэт, эрдэ маны тоҕо суруйбакка сылдьыбытай дии саныыгын. Оттон бу суруйууга ахтыллар дьон билигин бааллар, сөбүлэспэт түгэннэригэр миигин кытта төһө баҕарар аахсыахтарын сөп.

      Кырдьык – дьиҥэ кымньыы курдук,

      Кытыан угар олбох курдук,

      Санаа уйан чороонуттан

      Кыынньан куотар кымыс курдук…

      Кырдьык биэрбэт табыллыыны,

      Бу дойдуга билиниини,

      Олох дьолун толук ылар

      Арай биэрэр – көҥүлү…

      Бу эһиги илиигитигэр киирбит мин саҥа кинигэм хоһоон тылларынан тырымныы долгуйбат: бу кинигэм киэргэтиитэ суох кэпсиир аһаҕастык «Кэпсиэ» туһунан, тус бэйэм билбит, өйүм-сүрэҕим нөҥүө аһарбыт олоҕум, дьонум-сэргэм туһунан.

      Ааптар

      «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык…

      1. САҔАЛАНЫЫ

      Улуу дойду урусхалын үрдүгэр саҥа кэм, саҥа үйэ саҕаҕа арыллара. Ааспыт үйэ түмүктүүр түһүмэҕэр эмискэ сууллубут «тимир быыс» көтөхпүт көппөҕө дьайҕаран, көҥүл салгыҥҥа олус дайдаран улдьаарбыт өй-санаа чэбдигириитэ, олох-дьаһах сыыйа сааһыланыыта кэлэн иһэргэ дылыта… Ону кытта мин олоҕум саҥа кэрдииһэ саҕаланан, дьолу эрэ эрэннэрэ долгуйар Дьокуускай куоракка олохсуйа, айа, үлэлии кэлбитим. Пааспарбар куоракка бырапыыскам суоҕа (бырапыыската суох киһини үлэҕэ ылбаттар), ону кистээн тураммын уон сылы мэлдьи Сунтаар телестудиятын дириэктэрин быһыытынан аспыт-саппыт аҕай Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньам аанынан аны «Сэргэлээх» телестудия редактора» диэн сололоох күннэтэ ааһар аналламмытым. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн ханаалын үлэһитэ буоларга бу иннигэр улууска хайдах үлэлээбитиҥ аахсыллыбат буолан тахсыбыта. Төһө да Сунтаар устуудьуйатын бастыҥнар кэккэлэригэр илдьэ сылдьыбыт үтүөлээхпин бу иннинэ бэйэтинэн хаста да бэлиэтээтэр, НВК оччотооҕу эдэр салайааччыта миигин урукку үрдүк коэффициеммын муҥутуур алын кэрдиискэ түһэрэн, оскуоланы бүтэрбит оҕону кытта тэҥнээх хамнаска ылбыта. Урут даҕаны, билигин даҕаны улуустан – «тыаттан» саҥа кэлээччилэргэ итинник сыһыан баар: хайдах эрэ туолбут оптуобуска хойутаан киирэн, туран эрэн айанныырга күһэллибит пассажиры эрдэ киирэн олбох булан олоруммут дьон кыра соҕус бэйэлэригэр тиэрдибэт санаалаах одуулуулларын курдук…

      2. «КЭПСИЭ» БИЭРИИ

      «Былыр Кытай императора кулуттарын кутун туой дьоҥҥо көһөрөн аллараа дойдуга илдьэ барар этэ. Билигин тойон, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, бэйэтин эргимтэтин эмиэ илдьэ барар. Ардыгар аллара, ардыгар – үөһэ…» Бу мин бэйэм суруйбут «Кырыыстаах биһилэх» кэпсээммиттэн быһа тардыыны киллэрдим. Тоҕо диэтэххэ, итинник көстүүнү иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ үлэлии сылдьааччылар ордук чугастан көрөбүт…

      Өрөспүүбүлүкэ саҥа салалтатын СКАЧАТЬ