– Бээрэ, ол биһиги дойдубутугар көмүс көстүбүт үһү дуо?
– Суох буоллаҕа дии. Бара сатаан санааларын этээхтииллэр быһыылаах.
– Ээ, оннук буолаахтаамына. Бу үлүгэр тыйыс дойдуга туох көмүһэ үөскүө буоллаҕай? – Лөкөй санаатыгар кыһыл көмүс сылаас, баай айылҕалаах соҕуруу омук дойдуларыгар эрэ баар буолуон сөп курдуга.
– Миитэрээй, кыһыл көмүс хайдах буоларый? – улахан дьон кэпсэтиилэрин сэҥээрэн истэ олорбут Уйбааскы тулуйумуна чап гыннарда.
– Билбэтим, доҕоччуок, көрбүт суох. Сэрэйдэххэ, күн курдук чаҕылыҥнас, сиэдэрэй ини, – Миитэрэй мунаарбыттыы наҕыллык хардарда.
– Оттон ити аҕам аҕалбыт тааһа кылбачыгас уонна сүрдээх ыарахан этэ ээ.
– Ханнык таас? – Миитэрэй сэргэҕэлиэх курдук буолбутун, Алааппыйа саба саҥаран кэбистэ.
– Бу уол даҕаны чаҥкынаан түһэн. Эмиэ били бэйэлээхтэрин ыатаран эрэр дии. Үс кыһыны быһа мэһэй-таһай буолан сордообута оттон…
– Арба даҕаны онтукабыт ханна баарый? Тоҕо эрэ көрбөтөҕүм өр буолла ээ, – Лөкөй дьонун уорбалаабыттыы кэриччи көрүтэлээтэ. Уһун дьиппиэр көрүүнү улахан уол тулуйбата.
– Ийэм билэр, – диэтэ.
– Көр эрэ, бу сараһын миигин уган биэрдэ дии. Дьэ, бэйикэй, кэпсэтиэхпит, – Алааппыйа уолугар кыыһырбыта буолла, онтон салгыбыттыы эригэр хатылла түстэ.
– Эн даҕаны оҕоҕо дылы солуута суох ол-бу бөҕү мунньаахтааҥҥын, ол малыҥ мэлийбитэ. Туой киһи сылдьар сиригэр тэскэйэн сытар буоллаҕа. Хаста даҕаны хараҥаҕа атахпын быһа тэбэн, ыксаан күрдьүккэ таһааран бырахпытым. Аһыйдаргын тахсан көрдөө ээ.
Лөкөй тугу да саҥарбата. Мүчүҥнээн эрэ кэбистэ.
Саас. Хаар ууллан, сир-дойду уунан килэйдэ. Кус-хаас үгэннээн кэлэн турар кэмэ. Лөкөй Лөгөнтөй туукка саатын сүгэн, хас даҕаны бөдөҥ кустаах дьиэтигэр кэллэ. Тэлгэһэҕэ кураанах сири булан балачча сытыйбыт ынах этэрбэһин быһаҕынан кыһыйа турда. Хаҥас ойоҕоһунан, чалбах саҕатыгар, бадарааҥҥа туох эрэ араҕастыҥы сырдык хараҕар көстөн ааһарга дылы буолла. «Чалбах хараҕа чаҕылыйар ини» дии санаата. Төҥкөҥнүүрүгэр санныттан саата сулбуруйан түстэ. Ону өрө садьыйабын диэн, биир куһун сиргэ мүччү тутта. Уоһун иһигэр үөхсэн ботугуруу-ботугуруу, булдун ылаары көрбүтэ, били, бу күһүн Сиридикээнтэн булан аҕалбыт тааһа өссө ордук ырааһырбыкка дылы буолан чаҕылыйа сытар эбит. Лөкөй ону тоҕо эрэ үөрбүт курдук көрдө. Ылан арбаҕаһын эҥээригэр сууралаан ыраастаата уонна дьиэтигэр илдьэ киирдэ. Кустарын остуолга кэккэлэччи уурталаан кэбистэ. Таҥаһын устан ыйаат, көмүлүөгэр икки-үс умуллан эрэр хардаҕас хаалбытын эргитэ тутуталаата. Уот иннигэр модороон оҥоһуулаах талах олоппос турарыгар куолутунан аргынньахтанан кэбистэ. Мутук хамсатыгар табах уурунан тардан унаарыта олорон, хайдах эрэ этэ-хаана ирэн көнньүөрбүччэ, СКАЧАТЬ