Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 51

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ Кыыча ньылбаарыччы тарааммыт, уос-тиис оҥостуммут мааны уолаттар-кыргыттар аныгы олоҕу, аныгы сууту-сокуону, быһыыны-майгыны барытын сүөргүлээн, үгэргээн сааҕынаһалларын, сөбүлээбэтэр да, күн ахсын истэригэр тиийбитэ. Кинилэр абырахтаах сиидэс ырбаахылаах, түрүкүө ыстааннаах, ынах этэрбэһи бэллэччи анньыммыт тыаттан саҥа киирбит дьадаҥы оҕолору, ол оҕолор аҥалаларын, кэнэннэрин, нууччалыы мөлтөхтөрүн, дорооболоһору, баһыыбалыыры да сатаабаттарыгар, тойон эрбэхтээх сөмүйэлэринэн ыга тутан сыыҥтыылларыгар тиийэ күлүү-элэк оҥостоллоро. Кырдьык, кинилэр симэнэ-киэргэнэ таҥналлара, дорообону-дыраастыйы да сатыыллара, имигэстик үҥкүүлүүллэрэ, тупсаҕайдык ыллыыллара, нууччалыы уулуу суккуйаллара, сахалыы саҥаралларын даҕаны саатыргыыллара.

      Итилэр ортолоругар биир Пана диэн уол баара. Бүлүү умнаһын диэкиттэн. Бэрт сэниэ киһи оҕото. Эппит-тыыммыт, кэлбит-барбыт сытыы уол. Ол уол Кыычаҕа иҥээҥниир идэлэммитэ. Кыыс ону төрүт чугаһаппат этэ. Кини үөрэнэр сылларыгар ол-бу ухаасыбайдаһыыга аралдьыйбат кытаанах санаалааҕа. Былырыын, маҥнайгы курска эрдэхтэринэ, Өктөөп бырааһынньыгын биэчэригэр, ол Пана айаҕар арыгы сыттаах кэлбитэ уонна Кыычаны үҥкүүлүү барыах, сээкэйи сэһэргэһиэх, кылааспытыгар киирэн олоруох диэн арахсыбакка эрэйдээбитэ. Кыыс күрэнэ хааман куота сатаабыта. Табыллыбатаҕа. Уол адьас сымала курдуга. Томмот ол киэһэ дьуһуурунай эбит этэ: сиэҕэр кыһыл таҥастааҕа. Айаҕалыы сатаан Кыыча дьиэлииргэ быһаарыммыта. Иккис мэндиэмэнтэн кирилиэһинэн түһэн эрдэҕинэ Пана ситэн харытыттан харбаабыта уонна үөһэ соспута. Кыыс, кыһыытыттан ытамньыйа сыһа-сыһа, чирэкэчиспитэ. Уол күүһүнэн кинини киһилииһи дуо: үөһэ ньылбы соһон таһаарбыта. Онуоха Томмот баар буола охсубута. Уолу санныттан эргилиннэри тардыбыта:

      – Ыыт!

      Пана, кыыһы ыыппакка туран, Томмоту сэнээбиттии үөһэттэн таҥнары көрбүтэ, онтон аллараттан өрө көрөн таһаарбыта.

      – А эн кто такой? – диэн сиргэммиттии чараас уоһун хаанньатан нууччалыы саҥарбыта. – Тебе какое дело? Она моя барышня. Понимаешь ли ты слово “барышня”? Ну, она моя девушка. Понятно? Ну тогда уходи. Прочь!

      – Кини миэнэ да буолбатах, эйиэнэ да буолбатах, – Томмот тылларын биир-биир араартаан кытаанахтык эппитэ. – Кини – киһи.

      – Говорят тебе: уходи! Прочь отсюда, нищий, – Пана суоһурҕанан түөһүн өтөппүтүнэн дьохсооттоммута. – Ты по-онимаешь русский? Иль нет?

      – Оттон эн маны өйдүүгүн дуо? – Томмот куттамматаҕа: ынан кэлбит Пана муннугар сутуругун үҥүлүппүтэ уонна кыыс харытын уол илиититтэн төлө тардан ылбыта.

      Анарааҥҥыта бабдьыгырыы түспүтэ. Томмоту уолугуттан харбаан истиэнэҕэ ыга аспыта:

      – Я тебя проучу!

      Томмот онуоха даҕаны улаханнык уолуһуйбатаҕа.

      – Ыыт, – диэбитэ аргыый, киһитин тарбахтарын биир-биир түөһүттэн араартыы-араартыы.

      Кыычаны ким да туппат этэ. Ол үрдүнэн СКАЧАТЬ