Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 30

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ диэтэ Валерий кэлииккэ халҕанын тутааҕын тутан туран. – Бирикээс дьүүллэһиллибэт, бирикээс толоруллар.

      – Даа… Даа…

      – Аҕыйах хонугунан билсиэм. Ол кэлиибэр былаан эн илиигэр баар буолуохтаах.

      – Хайдах?! Иһит эрэ…

      – Көрсүөххэ диэри.

      Халҕан “лап” гынна.

      “Сыраан… Дырысааҥкы… Уонна өссө офицер ааттаах ээ! – диэн сэнии, сиргэнэ саныы-саныы, Валерий туман быыһынан соҕуруу диэки түстэ. – Воля диэн мэлийбит күтүрэ быһыылаах. Дагдайбытын аанньа далай акаары баҕайы дуу, баатыгарын. Эппиппин толотторо иликпинэ сүгүн олордуом суоҕа. Сөпкүн көрөрүм буолуо. Былааны баҕас буллаттаран тэйэр инибин. Ол кэриэтин баһыҥ бардын. Туттахтарына, баҕар, тыллаа даҕаны. Такыровы көрдөөн такырыйа сүүрдүннэр!..”

      Соболев буоллаҕына, сабыллыбыт халҕаны аһан, туман үөһүгэр ыалдьытын көхсүн көрөн хаалла. Эрчимнээх атах дьулурҕатык кыычыргыы турда. “Сылдьара эчи хоодуотун. Куттаммата итиччэ үлүгэр дуу?” – диэн кини дьиктиргээтэ. Онтон устунан этин сааһыгар курас тымныы кутулларга дылы гынна: “Бэйи эрэ, арай… Арай ЧК соруйан ыыппыт буоллун… Провокация буоллун… Оччоҕо…” Соболев сонун уолугун саба туттан иһэн били маҥан таҥас лоскуйун өйдүү түстэ: “Арба, Рейнгардт суруга этэ. Чахчы киниэнэ. Ол баҕас чуолкай. Саарбаҕа суох. Оо, оннук эрэ буоллун…”

      Эраст Константинович дьиэҕэ киирдэ. Билиитэ аанын өҥөс гынна, маҥан таҥаһын тобоҕун булуохтуу. Онуоха оһох күлүнэн бүрүллэн эрэр чохторо, элэктиирдии, кытарбахтыы чипчилиҥнэстилэр. Соболев, чугуун хаппаҕы саба тэбэн баран, хоһугар ааста.

6

      Дьокуускайга 1922 сыл бүтэһик нэдиэлэтэ уонна 1923 сыл бастакы хонуктара үрдүк күүрээн үөһүгэр аастылар. Бу икки дьыл кирбиитигэр Саха сирин историятыгар сүҥкэн суолталаах баараҕай түмсүүлэр буоллулар: Россия Коммунистическай (большевиктар) партиятын Саха уобаластааҕы маҥнайгы конференцията уонна Саха АССР Советтарын маҥнайгы учредительнай съеһэ.

      Комсомол обкома педагогическай техникум комсомолецтарын партийнай конференцияны уонна Советтар съезтэрин тэрийэн ыытар тэрилтэлэр дьаһалларыгар биэрдэ. Томмот Чыычаахап конференция кэмигэр партия обкомун дьыалаларын управляющайыгар ол-бу быстах сорудахха сырытта. Манна көрдө кини хотугу тыйыс кыраай чулуу коммунистарын, урут ааттарын эрэ истэн ытыктыыр дьонун илэ бэйэлэрин. Манна көрдө кини саха дьадаҥытын баайдары утары охсуһууга туруорбут ревкомовецтары, Гражданскай сэрии уотун ортотунан ааспыт аатырбыт кыһыл бартыһааннары. Күн-дьыл, быһыы-майгы делегаттар туттар быһыыларыгар, таҥнар таҥастарыгар да биллэр. Үгүстэр байыаннай гимнастеркалары таһынан батарантаастаах курдаахтар, бэстилиэттээхтэр.

      Конференция аһылыннаҕын сарсыныгар “Автономная Якутия” хаһыакка Саха сирин хомуньуустара РК(б)П Киин Комитетыгар ыыппыт эҕэрдэ тэлэгирээмэлэрэ бэчээттэннэ: “Москва РКП КК. Саха уобаластааҕы маҥнайгы партконференция үлэтин саҕалаан туран, Киин Комитекка – компартия кылаабынай штабыгар, кини сирдьитигэр Лениҥҥэ итии эҕэрдэни ыытар. Компартия түмүллүбүт өйө-санаата уонна дьулуура конференция СКАЧАТЬ