Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 28

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ бигэтик эрэнэр күчүмэҕэй этэ. Бу сылларга киһи санаата араастаан уларыйыан сөп. Соболев даҕаны чахчы кыһыл диэки эргийиэҕин тоҕо сатамматый? Итинник саарбахтыы саныы туран, киһитэ били бастаан кыыһырбыта, быыппастыбыта улам симэлийэн, сирэйэ улам марбастан, ньэлгэйэн, сымнаан барбытын көрөн, Валерий көхсө кэҥии түстэ.

      – Тойон штабс-капитан, ыалдьытыҥ сыгынньахтанарын көҥүллүөҥ дуу?

      – Баһаалыста. Прошу… Тоһоҕо ити баар. Итиэннэ миигин, ради бога, Эраст Константинович диэ, – Соболев истиэнэни ыйан хараҕынан имнэннэ уонна ыалдьытыгар олоппоһу сыҕарытан биэрдэ, бэйэтэ ороҥҥо олордо.

      Валерий илиитин ууммутунан кэллэ:

      – Чэ, Эраст Константинович, билигин дорооболоһордуу дорооболоһуох.

      Илии тутустулар.

      – Кими кытта билсэр чиэстэнним? – Соболев илиитин араарбакка олорон ыйытта.

      – Такыров… Петр Петрович.

      – Дорообо, табаарыс Такыров.

      Валерий киһитэ илиитин кытаанахтык ыга туппутугар букатын холкутаата. Бу чахчы бэйэ киһитин илиитэ.

      – Чэ сөп. Онуоха-маныаха диэри “табаарыстар” да буолуох. Күүтэрбит даҕаны ахсааннаах хонук хаалла.

      – Август Яковлевич… онно дуо? – Соболев быһаарыыта суох аан диэки садьыс гынна.

      – Полковник Рейнгардт генерал Пепеляев дружинатын бастаан иһэр батальонун командира. Саха сирин коммунистартан босхолуур үрдүк чиэс аан бастаан киниэхэ тиксиэҕэ.

      Соболев ойон турда:

      – Төрүт умнан олоробун. Кыратык закускалыах. Көрсүспүччэ.

      Валерий кинини илиититтэн тардан төттөрү олорто.

      – Кэбис, мин манна өр буолуом суоҕа. Түүҥҥү патруллар тахсыахтарын иннинэ түспүт сирбэр тиийдэхпинэ сатанар. Ити суруккун аахтыҥ дии?

      Соболев тоҥхос гынна.

      – Итэҕэйдиҥ?

      – Даа.

      – Өйдөөтүҥ?

      – Өйдөөн.

      – Оччоҕо сибилигин таһааран оһоххо бырах.

      Соболев саҥата суох куукунаҕа таҕыста.

      Валерий аан быыһынан көрөн турда.

      – Сурукка этиллибитин курдук, мин тылым эйиэхэ – бирикээс, – диэтэ Валерий эмиэ утарыта олорбуттарыгар. – Ол мин бирикээһим буолбатах. Полковник Рейнгардт да бирикээһэ буолбатах. Сибиир добровольческай дружинатын командующайа генерал-лейтенант Пепеляев бирикээһэ. Мин ону тиэрдээччибин эрэ. Онон байыаннай киһи бэйэҥ бэркэ билэриҥ буолуо: бирикээс дьүүллэһиллибэт, бирикээс толоруллуохтаах.

      “Азиат!.. Дикарь!.. Иһит эрэ бу хаптаҕай мурун тылын-өһүн! Хайдах сэнэбиллээхтик, баламаттык кэпсэтэрий миигин, дворянины, ыраахтааҕы офицерын кытары!” – диэн Соболев иһигэр кыынньан кэллэ. Ол эрээри, онтун биллэрбэккэ, сөбүлэһэр быһыынан тоҥхоҥнуу олордо. Бу азиат, бэйэтэ этэрин курдук, связист, генерал Пепеляев бирикээһин СКАЧАТЬ