Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 25

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ хайыспыта буолуо. Оннуга эмиэ сөп. Хата чахчыта оннук ини. Ньукуус бэйэтэ эмиэ, үҥкүүнү, оонньууну туппут киһи, үҥкүүнү сиилиир, бэл маанытык таҥнары, хаалтыһы баанары утарар бассабыыкка кубулуйбут үһүө? Ньукууһу тылга киллэрбит, илиигэ ылбыт киһи элбэх дьон өйүгэр-санаатыгар тиийиэх этэ: кини билэрэ-көрөрө, доҕоро-атаһа үгүс буолуохтаах. Бу курдук барыттан бары куттана-дьиксинэ, сэрэхэчийэ сырыттахха, соругу толорбокко чороҥ соҕотох туран хаалыахха сөп. Кэбис, хоргус акаары тылын истимиэххэ. Сылдьыахха!..

      Валерий бэркэ билэр дьиэтин халҕанын тутааҕын харбыаласта. Тарта. Хатааһыннаах. Тоҥсуйда.

      – Кимҥиний? – кыыс оҕо саҥата иһилиннэ.

      – Мин… мин… – диэтэ Валерий быһаарыыта суохтук. – Ньукуус баар дуо?

      – Суох.

      Валерий, турбахтыы түһээт, иккиһин тоҥсуйда.

      – Кимиэхэ наадалааххыный? – чочумча буолан баран кырдьаҕас куолас көөҕүнээтэ. Дьэримиэй оҕонньор куолаһа.

      – Ньукууска.

      Тимир күрүчүөк тыаһаата. Валерий тымныы туманын бүрүнэн иһирдьэ атыллаата.

      – Дорооболоруҥ.

      – Дорообо… – оҕонньор тоҥуй соҕустук хардарда уонна киирбит киһи диэки өҥөс гынна да, сыа чүмэчи барыарбах сырдыгар кимин-хайатын кыайан билбэтэ.

      – Дьэримиэй Сүөдэрэбис, билбэтиҥ дуу? Эһиги чэйгитин элбэхтэ испит буолуохтаах этим, – Валерий үтүлүгүн уулаах уһаат үрдүгэр уурда, сирэйин тууна бааммыт саалын аллара тарта уонна дьиэлээх оҕонньор “сыгынньахтан” диэн этэрин, иһирдьэ ыҥырарын көһүтэн биир сиргэ тэпсэҥнээтэ.

      – Эн… Бэлиэрий… Аргыылап… эбиккин дуу?

      Оҕонньор ыалдьыт кэллэ диэн сэҥээрбитэ, сэргэхсийбитэ биллибэтэ, хаччаҕай төбөтүн сууралана-сууралана, хатыҥыр, үрдүк бэйэтэ сүһүөх-сүһүөхтэринэн өҕүллэн, хос түһэн акыллан турда.

      – Мин-мин… – Валерий өрүһүспүттүү хардарда.

      – Бу… хаһан кэллиҥ?

      – Аҕыйах хонно.

      – Хантан?

      – Уҥуортан, – Валерий илин истиэнэ диэки сапсыйда.

      – Уҥуортан хантан?

      Валерий оҕонньор тоҥуй, хатыылаах, ону ааһан хаҕыс дьүһүнүн, дьиэтин тас ааныгар туруоран эрэн доппуруостааһынын барытын атыҥыраата. “Испирдиэҥкэ баҕайы бу сырыыга, арааһа, кырдьыгы эппит эбит”, – дии санаата. Ол да буоллар, ууга түһэн эрэр киһи оттон тутуһарыныы, баҕар, бу Дьэримиэй сэрэнэр дьүһүнэ буолаарай, устунан ирэн-хорон бараарай диэн эрэҥкэдийэн, аҕала сатыы-сатыы мичээрдээбитин кубулуппата.

      – Дойдубуттан.

      – Һы… Быһаас Артыамыйапка холбоспут сурахтааҕыҥ дии. Ол баҕайы эмиэ дойдутугар эргиллэн кэллэ дуо?

      Валерий, туох диэн хардарыан билбэккэ, көхсүн этитэн эрэ кэбистэ. “Эчи, мин кимиэхэ-туохха холбоспутум киһи ахсыгар иһиллэн түһэн!” – диэн иһигэр кыһыйан кыбдьырынна. Итиччэ сирэй-харах астаран СКАЧАТЬ