Название: Киһи биирдэ олорор
Автор: Софрон Данилов
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-2349-7
isbn:
Ойуурап эмиэ Томмот аттыгар тохтоото.
– Онон, Чыычаахап, эн хоргус, куттас, мөлтөх киһи буоллаххына, албан ааты, дьоһун сураҕы эрэ эккирэтиһэр киһи буоллаххына, – диэтэ кини уонна остуолга сытар били лоскуй кумааҕыны ыйда, – ити кумааҕыгын ыл уонна мантан тахса тур. Оннук буоллаххына, биһигиттэн эрдэ-сылла дьүгэлийбитиҥ ордук. Оннук киһи биһиэхэ син биир уһаабат.
Томмот хараҕын кырыытынан кумааҕытын кылап гына көрөн эрэ ылла, оннуттан хамсаабата.
– Оттон сэбиэскэй былааска чахчы бэриниилээх буоллаххына, сэбиэскэй былаас кыайарын туһугар тыыҥҥын да биэрэргин чахчы кэрэйбэт буоллаххына, – диэтэ Ойуурап уол хайыырын көһүтэн турбахтыы түһэн баран, – чахчы кытаанах санаалаах, эр сүрэхтээх буоллаххына, биһиэхэ кэл.
Томмот сэриигэ тахсан үрүҥ баандалары утары кыргыһыыга киирсэр баҕатыттан аккаастана охсуон бэркиһээтэ, куппууга үлэлиэхпин баҕарбаппын диэн быһа бааччы этиэн эмиэ саараҥнаата. Инньэ гынан харааччы мунан, онон-манан соролообут куобах тыһа бэргэһэтин мускуйа сатыыр түбүгэр түстэ. Хайа уонна мин кырдьык хоргуспун, ааты-суолу эрэ эккирэтиһэбин диэн кумааҕытын сулбу тардан ылан тахсара эмиэ да сүрэ бэрт дии, төһө даҕаны сэриилэһиэҕи баҕарбыт иһин.
Ойуурап уол туругун өйдөөтө быһыылаах, кэлэн оннугар төттөрү олордо, хамсатыгар саҥа табах уурунна.
– Чэ сөп, ити киһи тута быһаарыммат суола буолуо. Чыычаахап, бу суругуҥ биһиэхэ хааллын. Эн бэйэҥ дьиэҕэр бар уонна толкуйдаа. Быһаарыннаххына кэлээр. Ол курдук.
Ойуурап остуолга сытар кумааҕылары сыҕарыччы тардан умса түстэ уонна табаҕын тардан буруолатан бусхаардыбытынан барда.
Томмот саҥата суох аргыый ааны аһан таҕыста.
Таһырдьа эбии туманнырбыт, хараҥарбыт. Киэһэ буолан өссө тымныйбыт: киһи иэдэһин быһыта хаарыйбахтыыр.
Томмот, Улахан уулуссаҕа киирэн, техникумнуурун дуу, дьиэлиирин дуу саараҥнаан турдаҕына, туман быыһыттан тиэтэйэн элэкэчийбит күлүк тахсан анньылынна. Суумка тротуар чигдитигэр түһэр тыаһа иһилиннэ.
– Һук! – диэбитинэн күлүк суумкаҕа төҥкөйдө.
– Кыыча! – уол күлүгү илиититтэн харбаата.
– Эн эбиккин дуу? – кыыс күллэ. – Мин хайа баҕайы суолу мэһэйдээн хороллон турарый диэн мөҥүттүбүтүм ээ.
– Бу ханна харбыаластыҥ?
– Балыыһаҕа.
– Тоҕо?
– Тыый, мин онно үлэлиибин ээ. Үһүс нэдиэлэм. Санитаркалыыбын. Ардыгар сиэстэрэҕэ көмөлөһөбүн. Куорат үөрэҕин тэрилтэлэриттэн үгүс кыргыттар онно үлэлииллэр. Үөрэхтэрин кэнниттэн.
– Ноо! Эмчит эбиккин дии, билбэтэҕим.
– Оо, эмчит буолуом ыраах. Билиҥҥитэ ыраастыыбын, сууйабын, сотобун эрэ. Мин палаатабар үксэ кыаммат ыарыһахтар сыталлар. Хас да бааһырбыт СКАЧАТЬ