Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 22

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ хаамса турдулар. Балтыбын ситэн соҕотохтуу көрсүөм диэн чугаһаан кэлбит Валерий тохтуу түстэ. “Бэрт иллээхтик сэһэргэһэллэр быһыылаах. Ити уол чахчы комсомолец буолуо. Дэлэҕэ знамяны туппатаҕа чахчы, – кини уоллаах кыыһы өһүөннээхтик кэннилэриттэн одуулаһан хаалла. – Кэбис-кэбис… Аргыылап оҕонньор, истэн абыран: комсомол күтүөттэнииһиккин!..”

      Валерий алҕаһаабыта: Томмоттоох Кыыча иллээхтик сэһэргэһиэхтээҕэр биир да тылынан бырахсыбакка истилэр. Бу түгэҥҥэ ханнык да тыл дьүөрэтэ суох буолуох айылаах.

      Халлаан боруоран, уулуссаны сэлэлиир мас дьиэлэр улаатан багдаһан бардылар. Оһохтор турбаларыттан хойуу буруолар хордоҕой сир бэһинии хоростулар. Түннүктэр утуу-субуу кылахачыстылар.

      Кыыча, бэйэтэ бэйэтигэр этэрдии, аргыый ботугураата:

      – Ийэлээхтэрэ буолуо… Ийэлэрэ эрэйдээхтэр…

      Томмот саҥарбата. Арай техникумугар чугаһаан иһэн тыл ыһыгынна:

      – Ити бандьыыты мин хабарҕатын хайа тутуом этэ!..

      Олбуор ааныгар тохтоотулар.

      – Бу түүн биһиги патрульга барабыт. Эн дьиэлиигин дуо?

      Кыыча тугу да хардарбата.

      Томмот, олбуор иһигэр киирээт, төннөн таҕыста. Ханна барарын булбатахтыы өссө да хамнаабакка турар кыыска ыкса чугаһаата.

      – Кыыча, били… тугу… хайыыгыный?

      Кыыс уолу бастаан сүүһүн аннынан көрөн кэбистэ, онтон төбөтүн күөрэччи бырахта.

      – Сөп, Томмот! Суруй!

      – Маладьыас, Кыыча!

      Уол, илиитинэн далбаатаат, олбуор иһигэр сүр сылбырҕатык дьылыс гынна.

5

      Валерий Аргыылап түһээн түгэҕэ хараара дьуоҕарар дириҥ да дириҥ ииҥҥэ түһэн иһэн уһугунна. Арааһа, хаһыытаата быһыылаах. Сүрэҕэ тэтиҥ сэбирдэҕинии сэлибирээбит. Көлөһүн тахсыбыт. Сынньана түһээри сыппыта баара утуйан хаалбыт. Утуйан да аанньа утуйбат буолла: биир кэм ынырык түүлү түһүүр. Наар өлөр-тиллэр быһылааныгар сылдьар буолар. Күнүскүтүн курдук.

      Киэһэрбит. Валерий туран, остуолу харбыалаан испиискэ булан, кыраһыын лаампаны уматта. Хоһун ааныгар чугаһаан иһиллээтэ. Дьиэ иһэ иччитэххэ дылы: им-ньим. Ити гынан баран баччаҕа дьиэлээхтэр бары баар буолааччылар. Бу олорор үгэстэрэ эбитэ дуу биитэр кини баарын сөбүлээбэттэрин биллэрэр дьүһүннэрэ эбитэ дуу – Валерий кэлбитэ син ыраатта эрээри, ону чопчутун билигин даҕаны билэ илик. Чэ хайа да үөдэн буоллуннар. Кинилэр сөбүлүүллэригэр-сөбүлээбэттэригэр кыһаллан бэрт. Мэһэйдээбэтиннэр эрэ…

      Бу Валерий аҕатын эмиэ ыкса үөлээннээҕэ, куоракка хас да олбуордаах, Көстүүнэйгэ лааппылаах Бөрө атыыһыт дьиэтэ. Бөрө диэн, биллэн турар, бэйэтигэр этиллибэт, бэркэ өһүргэнэр сахалыы аата. Мааны аата Испирдиэҥкэ Матаахап.

      Испирдиэҥкэ олбуордарын, лааппытын сэбиэскэйдэргэ былдьатан, үлэһитэ-хамначчыта мэлийэн, бу аппа уҥуордааҕы саамай мара дьиэтигэр көһөн олорор. Валерий урут кинини байан-тайан, атыыһыттаан СКАЧАТЬ