Земля Саха. Поэтические переводы с якутского языка. Василий Полятинский
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Земля Саха. Поэтические переводы с якутского языка - Василий Полятинский страница 1

СКАЧАТЬ од, 2019

      ISBN 978-5-0050-2116-8

      Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

      Сулус вальса

      Халлааҥҥа тыгар мин сулуһум

      Мэлдьитин чаҕылхай сырдыккын

      Айаҥҥа ыҥырар курдуккун

      Аартыкпын ыйар эбиккин

      Сулус, сулус, сулустарым

      Олоҕум аргыс сулустара

      Күүскэ умайа сырдатыҥ

      Күүтэр, тиийэр аартыкпын

      Бу киэһэ эмиэ мин сүтэрдим

      Хаарыаннаах чаҕыл сулуспун

      Былыттар мэһэйдээн ыллылар

      Халлааҥҥа ыраах кистээтилэр

      Онно этиэм этэ эн тускар

      Кылгатыый эрэ мин айаммын

      Уһун суолум ыраах эргиирин

      Кыһыҥҥы хараҥа түүннэрбин

Владислав Васильев

      ЗВЁЗДНЫЙ ВАЛЬС

      В небе звёздочка горит моя,

      Ясно светит лучиками мне,

      Словно манит в дальний путь меня,

      В даль зовёт с собой наедине.

      Звёзды, звёзды, звёздочки мои,

      Жизни всей попутчики всегда,

      Огоньки дарите мне свои,

      Освещайте путь вы, восходя.

      В вечер данный вновь я потерял,

      Дорогую звёздочку мою,

      Туч мешает ворох одеял,

      Спрятав в небе милую звезду.

      И тогда скажу тебе, звезда,

      Покажи, пожалуйста, мне путь,

      Длинную дорогу иногда,

      Зимними ночами оглянуть.

25.07.19

      Эйиигин көрсүөм дуо

      Эйигин көрсүөм суох хаһан да,

      Кэлбэтиҥ, булбатыҥ, сиппэтиҥ.

      Түүлбэр дуу, илэ дуу биллибит

      Эн үтүө дууһаҕар үҥэртэн.

      Эйигин көрсүөм суох хаһан да,

      Кэлбэтиҥ, булбатыҥ, сиппэтиҥ.

      Соҕотох айанныыр ыллыкпар

      Түһэримэ үрдүк күлүккүн.

      Кэлэргин эрэннэрэр бэлиэни

      Тулабар ирдэнэ, иһиллии,

      Элбэхтик да муннум суолларбар,

      Хаамтым тоҕойго тэпсэҥнии.

Никифор Семёнов

      Я С ТОБОЙ НЕ ВСТРЕЧУСЬ, МОЖЕТ, НИКОГДА

      Никогда не встречу, может, я тебя,

      Не пришла ты, не нашла, не догнала,

      Совершенно явно, в снах судьба моя,

      Я сгораю, в мыслях о тебе, дотла.

      Я с тобой не встречусь, значит, никогда,

      Не нашла, не догнала и не пришла,

      Одиноко, по тропе иду, всегда,

      Ты бы тень свою оттуда убрала.

      Я ищу, заветну метку, что придёшь,

      Озираюсь, слушаю, всю жизнь, вокруг,

      Потерялся я в следах своих; Найдёшь?

      На излучинах судьбы меня, ты, вдруг?

22.07.19

      Эрэнэ сүрэхпин аһабын

      Нарын да таптал тылларын

      Эн миэхэ булаҥҥын этэҕин,

      Бу сиргэ дьиҥнээхтик таптатар

      Соҕотох мин буолуом дэтэҕин.

      Үйэлэр тухары кырдьыбат

      Үйэлэр тухары өлбөөрбөт,

      Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрин,

      Сүрэхтэр таптаһар тылларын

      Эйигин кытары өйдүүбүн,

      Эрэнэ сүрэхпин аһабын.

      Доҕоруом бу курдук наҕыллык

      Мин ыраах айаммын эн алҕаар,

      Бу курдук ураннык, уйаннык

      Мин чугас бэйэбин абылаар!

Наталья Михалёва – Сайа

      С НАДЕЖДОЙ ОТКРЫВАЮ СЕРДЦЕ

      Слова любви мне нежные,

      Находишь, говоришь всегда,

      О истинной любви ко мне,

      Твой сказ, что я твоя мечта.

      В веках не устареет власть,

      Любви взаимной ввек вдвоём,

      Времён бесед сердцами всласть,

      Слов тёплых, нежности во всём,

      Твою я понимаю страсть,

      Открыв с надеждой сердце всё.

      Любимый мой, спокойна я,

      Желаешь доброго пути,

      Пылая, чувствами горя,

      Пленяешь, шанс не упусти.

21.07.19

      Сулус СКАЧАТЬ