Хараҥа сискэ. Урсун
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Хараҥа сискэ - Урсун страница 8

Название: Хараҥа сискэ

Автор: Урсун

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5477-0

isbn:

СКАЧАТЬ олордуҥ? Бу туохха киирдиҥ? – устудьуон киһи чобуотук ыйыппыта.

      – Үчүгэй… – диэбитэ Миитэрэй.

      Онуоха ийэтэ:

      – Аҕаҥ оҕолор миитэрэпкэлэрин көрдүү архыыпка киирбит. Аһаан баран, хата, сирдээн биэр эрэ, – диэбитэ.

      – Ыһы! – диэн Миитэрэй соругун таба эттэрэн сөбүлэспитэ.

      Ити кэмҥэ аны аҕалара Уйбаан үлэтиттэн кэлбитэ.

      – Хайа бу, дойду киһитэ, Миитэрэй, кэлэн олорор эбиккин дуу? – диэбитэ Уйбаан.

      Костя, кинилэр кэпсэтиилэригэр кыттыспакка, хардары-таары аҕатын Уйбааны уонна айбыт аҕатынан ааттанар Миитэрэйи одуулаһа олорбута. Миитэрэй үрдүктүҥү уҥуохтаах, хара бараан, эгдэгэр имнэрдээх киһи эбит. Хайдах эрэ бэллигирээн саҥарар. Аймахтыы буолбаталлар даҕаны, араспаанньалара адьас биир.

      Костя хоһугар киирэн мааны таҥаһын таҥнан тахсыбыта. Ону көрөн, ийэтэ:

      – Миитэрэй, бука, тиэтэйэриҥ буолуо… Уол сирдээн биэриэ… – диэбитэ.

      Костя, айбыт аҕатыныын автобус тохтобулугар баран иһэн, улааппыт киһи быһыытынан туох да кыбыстыыта суох ыйыппыта:

      – Миитэрээй, мин аны улахан киһибин, устудьуоммун. Онон… Дьон ити тугу этэрий? Мин эйигиттэн, бэйэҕиттэн, истиэхпин баҕарабын.

      Миитэрэй тоҕо эрэ мэлдьэһэрдии эппитэ:

      – Ээ, ити дьон балыыҥката…

      Ити хоруйтан Костя астымматаҕа уонна түгэҕин билэн тэйэр баҕаттан өссө чуолкайдаспыта:

      – Суох, эн миэхэ быһаччы этиэхтээххин…

      Итиннэ, быһыыта, Миитэрэй ыктарбыта уонна ырааҕынан ханалытан хардарбыта:

      – Костя, мин эн дойдугар кэлэргин-бараргын истэбин… Тоҕо биирдэ да биһиэхэ сылдьыбаккын? Бырааттаргын, балыстаргын кытта билсибэккин?

      Ити аата айбыт аҕата уолун Костяны бэйэтинэн билиммитэ! Кырдьыга да, Костя оҕо сырыттаҕына, киниэхэ тугунан да көмөлөспөтөҕө, иитиспэтэҕэ. Ону ааһан, өссө билиммэт да быһыылааҕа… Бу сырыыга улааппыт уолуттан ыктаран, аан бастаан тыл ыһыгыннаҕа, мантан инньэ ыкса билсэргэ ыҥырбыта.

      Ол эрээри Костя дойдутугар барар-кэлэр этэ даҕаны, Миитэрэйдээххэ тоҕо эрэ сылдьыбатаҕа. Оҕонньор оҕолоруттан улахан уолу, Миисэни, улахан кыыһы, Маасаны, куоракка билсибитэ. Көрүстэҕинэ, убай киһи быһыытынан кэпсэтэ түһэн ааһара. Анаан-минээн дьиэлэригэр сылдьыбатаҕа.

      Костя, 40-тан тахсан баран, биирдэ доҕоро (композитор) Аркадий Самойловтыын сайыары күһүн дойдутугар «Ракетанан» тахсыбыта. Аркадийдаах Новосибирскай куоракка билсибиттэрэ. Костя онно Үрдүкү партийнай оскуолаҕа, оттон Аркадий консерваторияҕа үөрэммиттэрэ. Икки сыл устата Костяҕа Аркадий элбэхтик кэлэн, бэрт уһуннук сэһэргэһэр этилэр, бэркэ сөбүлэспиттэрэ. Аркадий консерваторияны бүтэрэригэр Костяҕа этэн биэрэн түөрт чаастаах «Биһик ырыата» диэн хоһоону суруйтарбыта. Ону кини пианиноҕа, виолончельга уонна куоласка анаан уустук музыкальнай композиция оҥорбута. Ол дипломнай СКАЧАТЬ