Буолар да эбит. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 7

Название: Буолар да эбит

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3773-5

isbn:

СКАЧАТЬ кычыгыраччы күлэр.

      – Сө-өп! Уруоккун бэркэ өйдөөбүккүн эрээри биири эппэтиҥ: онтон саамай сүрүнэ туох этэй?

      – Сүрүнэ даа? Барытын эппит курдукпун дии…

      – Эс, бу да киһи! – Кириил, кэлэйбиттии, киэр хайыһар.

      – Ээ! Били дьоммуттан кэһии кэллэҕинэ дуо? Ээ, һуох… оччоҕо…

      – Оччоҕо тугуй? Чэй эрэ, кытаатыый! Ээ? Пахай! Бу кыыс тугу да өйдөөбөтөх буолбат дуо? Мин? Мин хайыыр этибиний… эт эрэ…

      – Аа-а, һэ-һэ-һэ! Ону этэҕин? Ол диэн… Оттон Саҥа дьыл эргин охсулуннаххына, бииргэ киинэлиибит, «Лена» кинотеатрга барабыт. Онно туох баар этэй?

      – Бүттэхпит дии… – Кириил, эмиэ кэлэйбит киһи быһыытынан, түҥнэри хайыһар, маарын туура тардан ылан ытырбыт сибэккитин отун, омунугар ини, иҥсэлээхтик ыстыы-ыстыы, сиэбитинэн барар.

      – Пахай, ньээм оту сиир баар үһү? Аҕал манна! Дьааттаах! – Татыйык туруорсан көрөн былдьыы сатыырын анарааҥҥыта биэрбэт.

      – Чэ, маннык, Татыйык. Мин тоҥон-хатан тиийэрбэр сылаас чэйдээх буолуохтааххын, оччоҕо кэпсэтиэхпит…

      – Оттон, арай, оргуйа илик буоллун? – кыыс эмиэ хаадьылыыр.

      Устунан кэпсэл атыҥҥа көһөр. Күһүн-саас ыытыллар ат сүүрдүүтүгэр, былаахтаах парааттарга, сыллата ыччат көҕүлүүр мас олордуутугар уонна тутар этэрээттэринэн ыраах айаннарга…

* * *

      Туох да киһи уорбалыырыгар төрүөтэ суох бэркэ бодоруспут, доҕордоспут уоллаах кыыс, ууга-уокка түһүөх айылаах, татакалаһар сыһыаннара суоҕа. Татыйык үөрэххэ барарыгар, Кириил, үлэтигэр буолан, атаара кэлбэтэҕэ. Ону, ханна да буоларын курдук, мэлдьи кэтээччи-манааччы, сыыска түһэрбэккэ, бэлиэҕэ ылбыта эрэ баара. Оттон үлэлээх-түбүктээх уол кэлиэ суохтааҕа эрдэттэн биллэрэ ээ. Хайалара да хомноспотоҕо. Инньэ гынан, үлэх быһыытынан, кыыс куораттан «кэллим, уопсайга олохсуйдум» диэн тэлигирээмэлээбитэ эрэ.

      Итинтэн салгыы, киһи эрэ үөрэххэ туттарсар буоллаҕа эбээт, туох буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Туттарыахтаах эксээмэннэргэ консультациялар, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан ааҕыы, бэлэмнэнии түбүгэ үксээбитэ. Ол аайы билиҥҥи курдук суотабай сибээс, репетитор эҥин хантан кэлиэй. Билсиһэриҥ эрэ, бэркэ тиэтэйдэххинэ, икки-үс тыллаах тэлигирээмэ сыыһа уонна аҕыс айдаанынан холбонор дуу, холбоммот дуу (сибээстэн эрэ тутулуктаах буолан) төлөпүөнүнэн кэпсэтии. Күн аайы сурук суруйар, тэлигирээмэлиир солуута суохха дылыта, төлөпүөннүөҕү туран, аны Кириил олорор эмээхсинин дьиэтигэр итинник тэрил дуостал суоҕа. Сайыҥҥы үлэһит хонтуораҕа олорбото биллэр, сайылыкка-сыһыыга диэбиккэ дылы, бэтэринээр бүгүн – онно, сарсын – манна. Барыта ырыта санаатахха бэрээдэк кэриэтэ чуолкайа.

      Онон, атырдьах ыйын бүтүүтэ, биир үтүө күн, үөрэххэ туттарсан, университекка учуутал үөрэҕэр киирэ охсубут Татыйык, үөрэн-көтөн, дойдутугар тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Алтынньы ыйга диэри дэриэбинэтигэр үлэлээн баран, үөрэх дьыла саҕаланыыта тиийиэхтээҕин истэн, ийэтэ Өлөөнчүк үөрбүтэ. СКАЧАТЬ