– Эн, Алаапыс, тоҕо ити кыыһы кырыктаах баҕайытык кэпсиигиний? Үчүгэй баҕайы кыыс буолбат дуо, быһа мытырыйан? Көссүөтэ, сэмэйэ. Киһи эрэ алҕас оҕолонор ини, оҕо кыыс албыннаттаҕа дии. Өлүөсэ уол сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар. Хата, сураҕа, эн сиэн балтыгыныын ыаллаһаары гыммыт дииллэрэ кырдьык дуо?
– Ээ, оттон оннук ини. Инньэ дииллэр даҕаны, ол эдэрдэр сырыыларын ким аахтаҕай… Ньукку да, оттон… син сөбүлүү көрбүт буолан сөбүлэҥинэн оҕолонно ини, ким билиэ баарай. Наар аанньа эр киһи икки, уол оҕо икки аҥаардастыы сэмэлэннэҕэй, – Алаапыс тоҕо кыыска «таала кырыыланара» билиннэ.
– Тыый, хата диэ, аймахтаһаары гыннылар дииллэрэ оруннаах эбит буоллаҕа. Хата, оттон бэрт, сыа сиир саҕана бары кэри-куру умнуллаа ини, доҕор, – ыала Биэрэ бүгүҥҥү кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, тардыбыт отун түүтэхтээн барда.
Дьахталлар ити сэлэһэр айдааннарыгар буолан, анараа диэкинэн Өлөөнчүк кыбыытыгар тахсыбытын өйдөөн көрбөтөхтөрө. Халыҥ таҥастаах киһи бу тымныыга тугу түптээн истиэй, кыҥастаһыай, туһааннаах үлэтигэр тиэтэл муҥунан түһүнэн кэбистэҕэ эбээт.
Маппыайаптар мааны кыыстара Татыйык түүн таһаҕас тиэйэр массыынаҕа олорсон кэлбитэ. Тиэтэл үлүгэринэн чэйдии охсоот сытар аакка барбыттара. Онон Өлөөнчүк сарсыарда хотонугар муҥутуур эрдэ тахсан барытын бары дьаһайа охсубута. Оҕонньоро Тиит сылгыларын аһатан баран, күүтэ таарыйа, кыбыытын харбыы сырыттаҕына, нөҥүө далтан субу эрэ хотонугар ааһан иһэр Алаапыс ыһыытаан ыҥырбыта.
– Хайа, Тиит, Татыйыккыт кэллэ дуу, суох дуу? Хаайтарда дуо?
– Һэс-суох, доҕор, кэлэн. Бөөлүүн кэлбитэ.
– Ээ, хаайтардаҕа дуу диибин ээ. Оттон Боппуоктар уоллара икки, Мотуруос кыыһа икки, кэлбиттэрэ икки хонно.
– Ээ, олоруҥ, сөмөлүөттэннэхтэрэ дии, дьонноох дьон.
– Оннук хаппыт эбит дуу. Хайа, оҕо төһө бэркэ үөрэммитий?
– Бэрт-бэрт, түөрт да биэс диэн буолла. Эн, Алаапыс, бу үйэҕэ оҕо үөрэҕэр кыһамматах бэйэккэҥ, тоҕо сурастыҥ? – Тиит мууһура сыспыт дьоҕус бытыгын аннынан бэрт дьээбэлээхтик мүчүк гынна.
– Хата хайдах буоллуҥ? Тилэри тиэргэннээх олорон, ама, ыалларым оҕолорун сураспытым буруй буоллаҕай? – дьахтар, өһүргэнэ сыста эрээри, син туттунна.
Ити Тиит, аҕыйах саҥалаах эрээри, эттэҕинэ төрдүттэн тоҕу түөрээччи. Онон киэһэ-сарсыарда эн-мин дэсиһэр дьон эйэлэрин араарбатахтарына сатанар. Алаапыс да аньыыта-харата чугаһынан биллэрэ оччо буоллаҕа-а. Кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн киһиэхэ барытыгар сыҥаланан, Тиити кытта «өҥөҥнүүр» сурахтааҕа да, кэпсэл омуна ини. «Аҥаардас хаалбыты дьон атаҕастаан да араастык саҥарыахтара, эн онно тугуҥ дьыалатай», – диэн Өлөөнчүгүн биирдэ эрэ буойбута. Тыл-өс түргэнник тарҕаммытын курдук сотору уостубута. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ, Алаапыс икки уоллааҕын, соҕотоҕун кыайыа суоҕун билэн, аймахтара куоракка үөрэттэрэбит диэн ылбыттарын аньыыта, СКАЧАТЬ