Буолар да эбит. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 5

Название: Буолар да эбит

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3773-5

isbn:

СКАЧАТЬ баран, киниэхэ кэргэн тахсыбыт. Ол, син биир, таптал. Ол – олоҕун тухары кэмсиммэтэх сиэртибэтэ.

      Валя барахсан госпитальга булбут Ванятын күн аайы көрсө кэлэрэ үһү. Уол буоллаҕына, бастаан үөрэн-көтөн баран, эмискэ умуллан-уостан, кыыска сыһыана букатын сойон, оннооҕор хаҕыһаан, тымныйан барбыт. Туох айылаах буоллаҕай диэн таайа сатаабыт, кыыс устунан бырааһыгар кытта тиийэ сылдьыбыт. Онтон дьиҥ кырдьыгы истибитэ, Ваня хаһан да оҕолонор кыаҕа суох, араанньыта, бааһырыыта оннук улахан, ол эр киһиэхэ олус улахан охсуу диэн эмтээбит бырааһа аһаҕастык эппит. Бука, бу кыыс солуута суох буолбатаҕын көрдөҕө. Иэдээн дьылҕаламмыты кини быыһыаҕар саарбахтаабатах буолан эттэҕэ диэн, Валентина Павловна кэнники сэрэйэр эрэ. Кыыс муҥнаах чаас эрэ кэриҥэ ытаабыт. Ол кэнниттэн Ванятыгар булгуччу кэргэн барарга, хаһан да оҕолонор туһунан саныа суох буоларга бэйэтигэр андаҕайар. Онтун үйэтин тухары тутуспут.

      – Сэгэриэм, таҥара көрөн турар, Ванечкабар биирдэ да оҕоҕо ымсыырарбын биллэрбэтэҕим уонна атыны ылан ииттиэх диэн саҥа таһаарбатаҕым. Дьиҥэр, сэрии кэнниттэн тулаайах эрэ дэлэй этэ буоллаҕа, иитиэх да кыах баара. Төһөлөөх сүрэҕим ытырбахтаабыта буолуой? Ити биһиги икки ардыбытыгар хаһан даҕаны таарыллыбатах, таарыллыа даҕаны суохтаах, сабыылаах кэпсэтии этэ. Ол иһин Ванечка бааһын таарыйар кыаҕым суоҕа. Сэгэрим, өлөрүгэр эрэ эппитэ, мин туспар олоххун сиэртибэлээтиҥ, ол эрээри таптатар уонна таптыыр дьолу билбиппинэн дьоллоох буоллаҕым. Сэрии да буоллун, буруйдаах да, буруйа да суох буол, күн сиригэр киһи тыыныгар туруу булгу иэстэбиллээҕин, бааһыраат, өйдөөбүтүм, ол иһин ыччата суох хаалыахтаах дьылҕабын кытта сөпсөспүтүм диэхтээбитэ. Кини таҥараны олус итэҕэйэрэ, сэрии, өлөрсүү-кыдыйсыы суоҕа буоллар атыннык олоруохтаахпыт айгыраатаҕа. Ити кэм-кэрдиис уратыта, сэриини саҕалааччылар – биирдэр, симэлитээччилэр – атыттар, симэлийээччилэр – үһүстэр, сиэртибэлэнээччилэр – төрдүстэр… Итинник бара турар… Иэдээн. Сэрии эрэ буолбатар.

      Валентина Павловна барахсан ол да иһин оҕото-уруута суох сааһын моҥообут. Оттон майгыта олус үчүгэйэ, аһаҕаһа, аһыныгаһа бэйэтин киэнэ. Үксүгэр, төрөөбөтөх-ууһаабатах дьахтар түтүө-татаа соҕус, киҥнэнэр дииллэрэ киниэхэ ханан да сыһыана суоҕа.

      Онон, кини Маринаны уоскуппута, олох араас өрүтүн сатыырынан быһаара сатаабыта. Ол да буоллар, кыыс муҥатыйара тохтооботоҕо. «Павловна эрэйдээх усулуобуйата атын, биричиинэтэ биллэр буоллаҕа. Оттон биһиэнэ?» – диэн, саатар ханнык эмэ, харданы ирдиир ыйытык аны кини сүрэҕин кэбийэр идэлэммитэ…

      Марина хаста да Олегы баран иккиэн көрдөрүнүөх диэбитин, кини мэлдьи бокуойа суох. Кыыс, чугастааҕы оскуолаҕа куруһуок ыытар буолан, үксүн син бириэмэлээх, оттон уол күнү-күннүктээн дьарыктанар икки, үөрэнэр икки. Онон, арааһа, быраастанарбыт, бэрэбиэркэлэнэрбит тохтоору гынна диэн эрэлэ симэлийбитэ, кинини долгуппута ыраатта.

      – Маринка, чэ эрэ, хайыыбытый? Аныгы нэдиэлэҕэ уочараттаан көрөрбүт дуу? Мин босхолоннум, оруобуна СКАЧАТЬ