Буолар да эбит. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 12

Название: Буолар да эбит

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3773-5

isbn:

СКАЧАТЬ буолан кэлбиккин дуу? – диэн дьээбэлииллэр.

      Ол эрээри Татыйык, дьонун ахтылҕаннарын ханнаран, дьиэтигэр олоруох буолбут былаанын ыспат, кыргыттара да кыыс быһаарыныытын ылыннылар. Онон, хайыахтарай, сонуннарын суһал үлүгэрдик төлөпүөҥҥэ эрэ сибигинэйэллэр.

      – Татыйык, Кириил киэһэ аайы таансыга баар ээ, кими эрэ көрдүүр курдук, сааланы кэрийэ көрөөт, тахсан барар. Уонна кэлбэт. Арааската… эйигин суохтуур быһыылаах дуу, – диэн бэйэлэрэ да мунаараллар.

      Татыйык саҥарбат. Хомойбута оччо эрээри, кырдьыга баара, эмиэ да наһаа кэлэйбит курдук буолбатах. Кэнники холкуйа быһыытыйан баран санаатаҕына… баҕар, уол кинини төһө чэпчэкитин эҥин билээри албастанан гыммыта буолаарай? Эбэтэр… суос-соруйан, үтэн-анньан көрөрө дуу? Ким билиэ баарай, били түбэлтэ кэнниттэн кинилэр билсибэтэхтэрэ да, көрсүбэтэхтэрэ да…

      Сайыны быһа Кириил Татыйыкка суруйбут буоллаҕына, быйыл кыһын биирдэ да, тугу да биллэрбэтэ. Кыыс, сэмээр күүппүтэ даҕаны, мэлигир. Үөрэх кытаанах, мээнэ аралдьыйары сөбүлүө суох курдук. Татыйык күннээҕи түбүктэн ордубат буола сатаан, аһын-таҥаһын быһаарынаат, бибилэтиэкэттэн ордубата… Көстөн иһиэ дии? Ол оннугар үөрэҕэр бэркэ ситистэҕэ. Билигин да тиийэн өссө күүскэ дьарыктаныан саныыр. Дьиҥэр сөбүлүүр бөҕө үөрэҕэ эрээри, араас элбэх сатаан өйдөөбөт да предметтэрэ үгүһэ кыайар. Хайаан барыта кини санаатын хоту буолуой, ол иһин аҥаар кырыытыттан, сирэ-тала сатаабакка, Татыйык дьиҥнээхтик үөрэнэ сатыыр, ис сүрэҕиттэн кыһаллар…

* * *

      – Билсиһэн кэбиһиҥ, Марина Петровна, Олег Дмитриевич Тылгыынаптар. Эдэр үлэһиттэр, биирэ – учуутал, иккиһэ – учуонай. Хайа, маамата, хайдах курдук мин маннык астык доҕоттордоох эбиппиний? – куораттыы тартаран саҥарбыт-иҥэрбит үскэл киһи үөрдэ-көттө, тараҕай буолаары гыммыт оройун ытыһынан имэрийэ түһээт, кэтэҕин тарбанна.

      Бу Олег бииргэ үлэлиир үөлээннээҕэ Петр Егорович Муннуурап диэн улахан учуонай. Кини төрөөбүт күнүгэр ыҥырыллан ыалдьыттыы кэллилэр. «Маамата» диэбит дьахтара эдэрэ бөҕөккөтө, синньигэһэ биир оннук. Ыксары олорбут кыараҕас ырбаахыта кини ураты хатыҥыр бэйэтин эбии харахха быраҕылыннарар. Олег, итини көрөн, иһигэр олус сөхтө, кини Марината олус чараас, намчы киһи. Оттон бу, сааһын букатын туора киһи сатаан таайыа суох дьахтара, сиэрэ суох хатыҥыр, бүтүннүү уҥуоҕу кытта тириитэ эрэ буолуох айылаах. Ол иһин төбөтө, саатар бүрүчүөскэтэ итинник буоллаҕа ини, саллайан, улахан баҕайы буолан көстөр. Хайдах да гынан, толуу баҕайы Петр Егоровичка дьүөрэтэ суох. Итинник санаатыттан Олег бэйэтэ да соһуйда. «Хаһааҥҥыттан дьахталлары сыныйан, ырыта көрбүт муҥмунуй», – диэн иһигэр кыбыста быһыытыйда, кытарда да быһыылаах. Онтун биллэримээри:

      – Баһаалыста, хаһаайкаҕа, эйиэхэ кэмпиэт уонна… бу остуолга анаан ыыһаммыт эти кытта ханньаах, – диэтэ, маны барытын кыайан тутара дуу диэхтии, дьахтар илиитигэр толору ууран биэрдэ.

      Кырдьык, онуоха анарааҥҥыта, кини эрэ санаатыгар эбитэ дуу, мэктиэтигэр иҥнэх гына сыста:

      – Тыый, СКАЧАТЬ