Барыта алҕас этэ…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Барыта алҕас этэ… - Огдо страница 5

Название: Барыта алҕас этэ…

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3098-9

isbn:

СКАЧАТЬ сэһэргэһиигэ олус да наадыйарын кэмниэ-кэнэҕэс бэйэтэ да өйдөөбүтэ быһыылааҕа.

      Ити киэһэ Аня хотууска кэлбэтэҕэ. Сарсыныгар, кимэ эбитэ буолла, биир киһилиин киирэн, тыаҕа тахсарын туһунан, онно балачча буолуон биллэрээт, мэлис гыммыта. Онуоха Виталий, туох эрэ ыарахан сүгэһэри түһэрбиттии, үөһэ тыыммыта.

      Ити күнтэн ыла Маайыс диэн кэрэ кыыс кини курус тыыннаах кэриэтэ олоҕор баар буолбута. Кини улугурбут этигэр-сиинигэр саҥа тымыр тыган киирбиккэ дылыта. Уол, бу сытар буолуоҕуттан ыла, тоҕо эрэ, дьэ, суунуон-тарааныан, минньигэстик аһыан баҕарар буолбута. Күннэтэ кэпсэтиини күөртээри эрдэттэн бэлэмнэнэн саҥа билсиитин күүтэр идэлэммитэ. Кыыс диэтэххэ, олус дириҥник, оттомноохтук толкуйдуурун уол кырдьыга да сөхпүтэ, дьикти интэриэс кини кутун биир муннугар киирэн кирийбитэ, туох эрэ кэрэни түстүөх кистэли иҥэриэхчэ кутугунаппыта. Уол хаартыскатын көрдөрүөн иһин, саҥатык хантан кэлиэй? Баара да буоллар, киһиэхэ буолуохтааҕар, кыылга да киһиргэнэр кэрээнэ суохха дылыта. Ол иһин, син биир бу кыыстыын мин туохпун ситимниэмий дии санаат, урукку хаартыскаларын мунньан, биир-биир ыыталыыр буолбута. Санаатыгар, Виталий ити хаартыскалары булан ыытар-бэрийэр кэмигэр эмиэ эдэр, киһи кэрэхсиир мөссүөннээх, таптыан-таптатыан баҕалаах курдук сананан, аралдьыйан ылара. Сорох ардыгар эчэйиилээх этим дуу диэн эчикийэ санаабатах түгэннэриттэн соһуйара уонна бу тухары Маайыстыын курдук кими да кытта ис-иһиттэн арыллан-хомуллан астына сэһэргэспэтэҕэ ырааппытыттан курутуйара. Ол эрээри уһун да уһун түүннэр киниэхэ мэһэй буолбуттара – Маша, Машенька, Маайыс кыыс, лыҥкынатар куоластаах наһаа да намыын барахсан, ама, түүл дуу, үһүйээн дуу курдук симэлийиэ буоллаҕай? Оо, тугун баҕас куруһай кинини көрбөт дьылҕалааҕа, таптыыр-таптатар кыаҕа суох, оһолломмут буруйугар, олоҕун устата тулуйуохтаах муҥа буоллаҕа? Итинник санаа кинини утуйар уутун аймыыра, ардыгар, араас санаа эргичитэн-урбачытан, олус хаарыйан-эрэйэн, сордоох хараҕыттан халаан уутун халыс гыннарара. Бэрдэ диэн биирэ: Виталийы бу түгэҥҥэ туораттан ким да көрбөтө, кини ыгыллан-тууйуллан мөлтөөн ылар кэмчи кэмин, муҥун, ытыыр сэдэх түгэнин туоһулара – сиэрэй обуойдаах түөрт эркиннэрэ саҥата суох иһийэн тураахтыыллара, эмэгэти эрэ санатар, эчэйбит эдэркээн уолга көмөлөһөр кыахтара суоҕуттан киһини ордук самнарар тыыннаналлара…

      «Јйдөөх да кыыс, билиитэ да үксүн, оо, абаккам, уруккум эбитэ буоллун, хайдах эрэ сүүрэн тиийиэ этимий? Сэмэй бэйэлээх сирэйин ооккотун көрөөт таайыам этэ буоллаҕа: миэнэ дуу, атын уол анала дуу? Кини миигин сириэ этэ дуо? Суох ини? Виталий кыргыттарга мэлдьи да бэрт сыһыаннаах буолара, иирсэр-хаадьылыыр, атаҕастыыр-албынныыр кэмэлдьитэ суоҕа ээ. Оттон Маайыһы кини, бука, таптыа да таптыа этэ ээ…» – уол итинник санаата оонньууруттан эрэйдэнэр буолбута эрээри, күнүс миркэҕэ кыыс суруйбутун көрдөр эрэ барыта ааһа охсоро, кини иһиттэн чэпчиирэ, үөрэрэ-көтөрө, оттон киэһэ эт кулгааҕынан кэрэчээн кыыһын астына истэрэ. Биирдэ Маайыс… хайдах эрэ… кинини көрүөн баҕарар курдугун тылын тамаҕыттан таайбыта, СКАЧАТЬ