Барыта алҕас этэ…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Барыта алҕас этэ… - Огдо страница 3

Название: Барыта алҕас этэ…

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3098-9

isbn:

СКАЧАТЬ диэбитэ.

      Кыыс соһуйбута:

      – Уот… уотуҥ ханан холбоноруй? – диэн ыйыппыта.

      Виталий:

      – Суох, түбүгүрүмэ, мин манна светильниги холбуом, – диэбитэ уонна, хайдах эрэ бэрт нүһэрдик нөрүс гынан, сиргэ ханна эрэ баар көстүбэт кнопканы даҕайбыта быһыылааҕа…

      «Оо!!!» – диэн соһуйан саҥа аллайыан, Маайыс иһиттэн саҥата тахсыбатаҕа. Кини иннигэр Виталий буолбатах, чахчы да атын киһи олороро… Хаар маҥан баттахтаах, сирэйэ баас дуу, чэр дуу буолбут, сабыччы түспүт халтаһатыгар мэһэйдэппит соҕотох харахтаах, олуона көстүүлээх хаһан да харахтаабатах дьиппиэн дьээдьэтэ этэ. Кыыс, куттанан төттөрү сүүрүөн, турар сиригэр хам хатаммыт курдуга, дөйбүт да быһыылааҕа.

      – Маша, бырастыы гын, мин барытын быһаара сатаан көрүөм… Тулуйан истиэҥ дуо? – диэн кини билэр куолаһа, суох ити сирэйтэн буолбатах, ханна эрэ ити эҥээртэн иһиллэргэ дылы буолбута.

      Кыыс чугаһаабытыгар кини сирэйин Виталий, дьэ, табан көрбүтэ: муус-маҥан нарыын-нарын иэдэстэрдээҕэ, ойуу курдук дыргыллыбыт уһун хойуу хаастардааҕа, кип-киэҥ, кыратык ыйаастыгас, өйдөөх харахтарын көмүскээбиттии уһун-уһун кыламаннара ибигирэһэллэрэ, сүһүөхтээх үрдүк мунна кинини ордук тупсарара эрээри быдан тоҥуй көрүҥнүүргэ дылыта, хайа… уонна чараас бэйэлээх быыкаайык уостара… уолу олус долгуппуттара… Биир кырааска сыстыбатах, кэрэтийэ сатаан кэмэ суоҕу бистибит билиҥҥи кыргыттартан чахчы ураты кыыс кини соҕотохсуйбут курус ыыспатыгар дьикти хартыына кэриэтэ биирдэ буола түспүт эбит.

      Бачча бэйэлээх, таҥара табатын курдук кэрэ саха кыысчаана хайдах соҕотох үһүө? Хаһан кинини киһи диэхтиэй, тэҥниэй диэн санааттан сонно харааста быһыытыйбыта, бэйэтин бодотуттан бэйэтэ абаран, соххор хараҕыттан соҕотох таммах сүрэҕэлдьээбиттии ыгыллан тахсан чэрдээх иэдэһигэр, ханна да барыан билбэттии, мунаарбыттыы ыйаммыта…

      Кыыс чугаһаабыта, кириэһилэҕэ олорор киһи иннигэр тобугуттан тардыһан оргууй олорбута уонна дьиктиргээбит харахтарынан кинини тонолуппакка одуулаабыта.

      – Виталий, эн?..

      – Мин, Маша, бу – мин, дьиҥнээх илэ бэйэм эн иннигэр олоробун, эн дьүүлгүн истээри. Үөхтэххинэ да, кэлэйдэххинэ да, эргиллибэттии куоттаххына да… тулуйарга бэлэммин… – диэбитэ киһи нэһиилэ иһиллэрдик.

      Ким да, тугу да ыган таһааран саҥарбат ыарахан чуумпута тыҥаабыта. Онтон Виталий кэпсээн барбыта…

* * *

      Сабыс-саҥа инженер идэлэммит кыһыл дипломнаах уолу куорат саамай биллэр институтугар үлэҕэ анаабыттар. Күһүөрү аан бастаан үлэҕэ барар кэмэ чугаһаабытын баттаһа, бултуу диэн, тыаҕа тахсыбыттар. Көмүс күһүн кэрэ көстүүтүнэн астынан, аатыгар эрэ булчуттар тыанан-өрүһүнэн бэркэ сылдьыбыттар.

      Биир ардахтаах күн тыа саҕатыгар турар үүтээҥҥэ тохтоон хонон ааһарга быһаарыммыттар. Арай ол түүн хаайыыттан куоппут алта адьырҕа киһи кинилэргэ кэтиллэ биэрбиттэр, бары тэриллэрин, сэптэрин-сэбиргэллэрин, сааларын-саадахтарын былдьаан, туоҕа СКАЧАТЬ