Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 10

Название: Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн

Автор: Иван Дьячковский

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2973-0

isbn:

СКАЧАТЬ үҥсүөҕэй? Үрүҥ Аар Тойон тохсус халлаантан эһиги оройгутунан харахтана сылдьаргытын көрөн баран сөбүлээбэтэх этэ.

      – Үрүҥ Аар Тойон биһигини көрбүт даа? Оттон мин кинини тоҕо көрбөтөхпүнүй?

      – Оскуолаҕа тугу үөрэтэҕитий? Үрүҥ Аар Тойон киһи хараҕар Күн буолан көстөрүн хайдах баччааҥҥа диэри билбэккитий? – диэтэ аҕам.

      – Ээ, биллим! Аны мин күн суоҕар, түүн мэниктиир буолуом! Оччоҕо ким да эйиэхэ үҥсүө суоҕа! – Кеша саҥата иһилиннэ.

      – Эмиэ сыыһа саҥарда! Ыйы күн оҥоһуннаххына, дууһаҕын хара дьайга сиэтиэҕиҥ.

      – Хара дьай диэн тугуй? Кини киһи дууһатын хайдах сиирий?

      – Түүннэри сылдьар кыргыттар оскуолаларын бүтэрбэккэ эрэ төрүүллэр, уолаттар арыгыһыт, хаайыы дьоно буолаллар. Ол иһин сырдыкка, ырааска тардыһар киһи күнү кытта тэҥҥэ сылдьыахтаах. Үрүҥ Аар Тойону, ол аата күнү үөрдэ сылдьыахтааххын. Оччоҕо эрэ дьоллоох буолаҕын.

      – Күнү көрөн тураммын үөр да үөр буолабын дуо?

      – Бэйэҥ үтүө быһыыгынан-майгыгынан күн оҕолорун – дьону, кыыллары-көтөрдөрү, оту-маһы, уу, сир, уот иччилэрин хомоппот гына тутта-хапта сылдьыахтааххын. Баара-суоҕа биир күн иһигэр, мин билэрбинэн, эһиги куосканы кытары ыты хомоттугут. Кэлин бэйэҕит ыт дуу, куоска дуу буолан хааллаххытына, эһигини тааһынан быраҕаттыыллара, бааҥкалаах сүүрдэллэрэ төһө бэрт буолуой?

      – Ол хайдах биһиги ыт дуу, куоска дуу буолан хаалыахпытый? – дэстилэр уолаттар.

      – Тохсус халлааҥҥа олорор Үрүҥ Аар Тойон ким тугу гынарын барытын көрө-билэ сылдьар. Ким төһө уһуннук олорорун уонна өлөн баран анараа олоҕор туохха кубулуйарын барытын кини эрэ быһаарар. Ыттары наһаа атаҕастыыргытын көрдөҕүнэ, ыт оҥорон кэбиһиэҕэ. Киһи бу олоххо быстах олорор. Урукку олохпор мин ыт этим. Аныгыскы кэлэр олохпор мин сылгы буолуоҕум.

      – Ону эн хантан билэҕин?

      – Ыттар миэхэ сысталларын көрөөччүгүт суоҕа дуо? Ити мин урут ыт буола сылдьыбыппын билэллэр. Оттон мин бэйэм сылгыны наһаа сөбүлүүбүн, сылгыга туох да куһаҕаны оҥорботоҕум. Ол иһин кэлэр олохпор сылгы буоларбын билэбин. Чэ, дьиэҕэ киириэҕиҥ. Мин эһиэхэ тугу эрэ аҕаллым, – диэтин кытта бары дьиэҕэ кутуллан киирдилэр.

      – Нохолоор! Эһиэхэ тыһыынчанан бырдах саба түстэҕинэ хайдах гыныаххыт этэй?

      – Ээ, ол диэн боростуой буоллаҕа дии – хатыҥ лабааларын тоһутабын уонна онон сапсынабын.

      – Оттон мин түптэ оҥостобун. Аттыбар кымырдаҕас уйата түбэстэҕинэ, түптэ үчүгэйэ диэн ол буоллаҕа дии!

      – Оттон мин…

      – Тохтооҥ эрэ, нохолоор! Сибилигин эппиппин умна оҕустугут дуу, кырдьаҕастар тылларын: күөх оту тосту үктээмэ, сытар ынаҕы туруорума диэни. Итинэн тугу этэллэрэ буолуой?

      – Ээ, оттон мин буоллаҕына талаҕы тоһуппаппын ээ, түптэлэммэппин даҕаны. Миэхэ туох да наадата суох. Мин бырдаҕы бэйэтин илиибинэн өлөрөбүн.

      – Ити эмиэ СКАЧАТЬ