Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - Дмитрий Колесов страница 9

Название: Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Автор: Дмитрий Колесов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3902-9

isbn:

СКАЧАТЬ айан дьоно, аттаах сыарҕалаахтар иһэллэрин көрөн, эт буһараары солуурчаҕын үрдүгэр түспүтэ. Лойут хантан эрэ бултаан кэлэн олороро. Онуоха Дьяков:

      – Ну, Иван, друг, биһигини чэйдэт, аһат! Бисиги тоҥно баар. Эйиэхэ хойут таҥара махтаныа, – диэбитэ.

      Хаһаактар тас таҥастарын устан, көмүлүөк оһох суоһугар иттэ турбуттара. Оттон хаайыылаах бэргэһэлээх үтүлүгүн ороҥҥо устан ууран баран, уокка иттээри кэлбитин Дьяков буойбута: «Ороҥҥо баран олор!» – диэбитэ нууччалыы. Ону Лойут сэрэйэ охсубута, кыыһырбыта. «Хаайыылааҕы саатар уокка иттэрин буойаллар. Киһи дии! Абата буолан, мин дьиэбэр тойомсуйаллар, итинник буоллаҕына, кинилэргэ көрдөрүөм» диэн абара санаабыта, атаҕыттан этэрбэһин уста олорон түргэнник ойон туран, хаайыылаахха кэтэрдибит хандалы тимирдэрин, хаппыт үөтү тоһутар курдук, хас да сиринэн тосту тутуталаан ылбыта уонна хандалыттан босхоломмут нууччаны уокка сиэтэн аҕалан, «итин, доҕор» дии-дии санныга таптайбыта. Тоһутталаммыт хандалы тимирин Дьяковка сирэйигэр үҥүлүппүтэ:

      – Маннык хабараан тымныыга ханна куотуон, буруйдаах эрэ диэн, хандалы кэтэрдэн сордуугун. Өссө уокка иттэрин бобоҕун! Мин дьиэбэр тойорҕоомоҥ! Мин аал уотум, онно кими баҕарар итиннэриэм. Бу хандалыҥ тимирдэрин харай! – диэбитэ.

      – Кини улахан буруйдаах, куруук хандалы кэтиэхтээх. Ыраахтааҕы ыйааҕа оннук! – Дьяков куттанан кэннинэн чугуруҥнаабыта.

      Иккис хаһаак тоҥон бөҕүөрбүт илиитинэн саатын үрдүгэр түспүтэ. Ону уруттаан Лойут сааны сулбу охсон ылан, оһох кэннигэр элиппитэ. Дьиэ иһинээҕилэр бары куттанан ылы-чып турбуттара. Дьэбдьиэй, тоҥ балыгын сороҕун эрэ кыһаат, эр дьону уоскутаары, остуолга кэлэн, аһыылларыгар көрдөһөн ыҥырбыта. Бары саҥата суох чэй иһэ, аһыы олорбуттара. Эт буһан, остуолга хоторуллан ууруллубута. Лойут үчүгэй сыалаах эти талан, хаайыылаах нуучча иһитигэр уурбута. Аһаан бүтэн айанныылларын саҕана сыаҥаан тириитэ мөһөөччүккэ буспут эти уонна куобах истээх сарыы үтүлүгү хаайыылаахха биэрбитэ. Онуоха ол нуучча үөрэн Лойуту уураан ылбыта үһү. Хаһаактар туох да буолбатаҕын курдук махтанан, быраһаайдаһан барбыттар.

      Дьэбдьиэй хоноһолоро баралларын кытта оҕонньорун сэмэлээбит:

      – Оҕонньор, кырдьаҕас киһи эрээригин, куттаммакка, саалаах дьону кытта утарылаһаҕын. Хаһааҥҥыттан доҕордоспут хаайыылааххын көмүскэстиҥ! Арай итиннэ хаһаак ытан кэбистин?!

      – Ыраахтан ытан кыайыахтара, оттон чугаска, тутуһан турар сиргэ, билигин да, бука, сыал буолбатах баҕайым ини? Абата бэрт! Мин кими баҕарар бэйэм дьиэбэр итиннэриэм, аһатыам. Оттон кинилэр ыалга тойорҕооботуннар ээ. Хаһан хаайыыларыгар тиэртэхтэринэ, онно да ыраахтааҕыларын сокуонун киһилии сиэрдээхтик толордуннар, – диэбит Лойут илдьиттээн эрэрдии. Итиэннэ, балайда саҥата суох олорон баран: – Эмээхсин, нууччалары куһаҕан дьон курдук санаама. Кинилэр баар үтүө дууһалаах, үөрэхтээх, өйдөөх дьон. Ыраахтааҕы былааһын, баай батталын утаран, хаайыылаах буолан хаатыргаҕа, СКАЧАТЬ