Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - Дмитрий Колесов страница 6

Название: Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Автор: Дмитрий Колесов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3902-9

isbn:

СКАЧАТЬ уонна «сөбүлүүбүн» диэн симиктик эппит саҥата Лойут Уйбаан кулгааҕар иһиллэргэ дылы буолбута. Кини саҥата суох дьахтар илиитин ылан сылаастык имэрийэ олорбута. Мачыана ыарахан ыарыыта мүлүрүйэргэ дылы буолбута. Кини хаһан да умнубат этэ били киэҥ күөл кытыытыгар, аһаҕас халлаан анныгар, кутаа аттыгар маҥнайгы таптаспыт түүннэрин… Ону өйдөөн кэллэҕинэ, умуллан эрэр сырдык хара харахтара чаҕылыһан, уоттанан кэлэллэрэ. Оргууй ыҥырбыта:

      – Уйбаан, эйиэхэ кэриэс тылы этээрибин ыҥыртарбытым. Өр сылларга сүрэхпэр ыар ыарыы оҥостон сылдьыбыт санаабын. Улахан көрдөһүүлээхпин, – диэбитэ.

      Лойут онуоха улаханнык долгуйан баран, холкутуйа сатаабыта.

      – Мачыана, миэхэ туох этэрдээххин барытын эт. Мин тулуйан истэ сатыам.

      – Уйбаан, эйигин олус таптыырым, ол бэйэм оҕобут суоҕуттан мунааран, үйэҕэ өһүллүбэт ыар буруйу оҥостубутум. Эн тапталгын таҥнарбытым. Ону билигин өлөр күммэр бырастыы гынаргар көрдөһөбүн. Ийэ буолуохпун баҕаран… Онтон ийэ буолан, оҕолоох ыал аатыран да баран, син биир эйиэхэ курдаттыы тартара сылдьыбытым. Адьас таптаабат киһини кытта олоруу – сор олох буолар эбит. Мин эйигин ахтан-санаан төһөлөөхтүк эрэйдэммитим буолуой?! Уһун түүннэргэ утуйбакка ытаан, икки хараҕым уутунан суунарым. Ону барытын айбыт таҥара билэн турдаҕа. Итиниэхэ барытыгар бэйэбин буруйданабын. Бэйэм оҥостубут аньыыбар күн сирин үтүө олоҕун олорбокко өлөн эрэбин, – диэт, бөтөн ыла-ыла ытаан барбыта.

      – Мин эмиэ эйигин олус саныырым. Кыыһырбычча үүрэн баран, кэнники эйигин ахтан олус эрэйдэммитим. Аһыыр аһым амтана суоҕа, бэйэбин мөҕүттэн муҥнанарым. Эн оччолорго оҕолору Дьаакыптаахтан ылан ииттэргэ эппиккин, ону аккаастаабыппын кэнники кэмсиммитим иһин, хайыам баарай? Хойут тулуйбакка, тупсуһан, төттөрү көһөрөн аҕалыахпын саныы сырыттахпына, оҕоломмут этиҥ. «Ыал ийэтин аймыы сылдьыам дуо? Оҕоҕо баҕарар этэ, дьолун буллаҕа» дии санаабытым. Ол эрээри ити санаам сымыйа этэ. Син биир эйигин түүн түһээн көрсөрүм, уһуктан олус хомойорум. Онон, төһө да мунчаардарбын, бэйэм кэргэннэнэргэ санаммытым. Дьадаҥы ыал кыыһын, бэйэбиттэн уон икки сыл балыс саастааҕы ойох ылбытым. Олус эйэлээхтик олоробут да, эмиэ оҕо төрөөбөтө, онон дьоло суохпут. Били эн эппиккин өрүү өйдүүр этим, быраатым Дьаакыптан уоллаах кыыс оҕону ылан иитэн улаатыннарбыппыт. Ситэри дьоло суох эбиппит, били, өйдүүр инигин, дьиэбит аннынааҕы сиэн тамаҕын. Оҕолорбут онно сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Дьэ, санаан көрдөххө, ынырык суол – кэннигэ хаалар кэнчээри ыччат суоҕа. Аан дойдуга олох олорботох кэриэтэ… Дьэ, Мачыана, сылайдыҥ буолуо. Сыттыккын көннөрөн биэриим, – диэбитэ Лойут долгуйбут куолаһынан, онтон төбөтүн имэрийэн баран: – Дьэ, доҕоччуок, миигиттэн ыар санаа ындыылаах барыма. Мин ис санаабын эйиэхэ кэпсээтим… Бастаан мин бэйэбин буруйданыахтаах эбиппин, оҕобут суоҕар… Ааспыт төннүбэт, арай эйигин күн сиригэр тыыннааҕым тухары күндүтүк саныам, хаһан да умнуом суоҕа. Итиэннэ эйиэхэ биири этэбин: бачча кэлэн баран, эйигин уҥуох СКАЧАТЬ