Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - Дмитрий Колесов страница 5

Название: Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Автор: Дмитрий Колесов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3902-9

isbn:

СКАЧАТЬ Оттон Лойут быраата Дьаакып биэс оҕолооҕо. Кини күөл арҕаа баһыгар балаҕан туттан олорбута. Бырааттыылар да, кийииттэр да бэйэлэрин икки ардыларыгар олус эйэлээх этилэр. Лойут элбэҕи бултуур буолан, быраатыгар куруук көмөлөһөрө. Лойут уонна Мачыана иккиэн оҕо төрөөбөтүттэн санаалара түһэрэ да, хайалара даҕаны ол туһунан тылы ыһыктыбатаҕа. Биирдэ Дьаакып кэргэнэ Маҥан Маайа Мачыанаҕа эппитэ: «Биһигиттэн икки оҕону – уоллаах кыыһы ылан оҕо гыныҥ. Биһиэхэ инникитин да төрүөхтэрэ турдаҕа…» Мачыана олус сөбүлээн, улаханнык үөрэн, дьиэтигэр кэлэн кэргэнигэр кэпсээбитэ. Онуоха Лойут толкуйдаан олорбохтуу түһэн баран: «Төһө да хаан-уруу дьон оҕолоро буолтарын иһин, атын киһи оҕотун ылан оҕо гынар сүөргү курдук, ханнык да буоллар, бэйэбититтэн оҕо төрүүрэ олус үөрүүлээх буолуох этэ. Ону ахтар айыыһыппыт оҕону биэрэн дьоллообот. Ол эрээри эдэрбит дии, бэйэбит да оҕолоноо инибит, күүтэ түһүөххэ», – диэбитэ. «Ээ, оччоҕо күүтээ инибит», – диэбитэ Мачыана уоһун иһигэр.

      Итинтэн сыллар ааспыттара да, Мачыанаҕа оҕо үөскээбэтэҕэ. Кини ийэ буолуон, оҕолонуон олус баҕарара. Оннук кэмигэр сайын үс көстөөх сиргэ олохтоох Бөлгөөнөй диэн кэргэнэ суох, отучча саастаах киһи, Лойут бултуу барбытын кэннэ, кэлэн хоммута. Бөлгөөнөй көстөр дьүһүнүнэн мөкү, нүксүгүр уҥуохтаах, хааҕынас саҥалаах, ымсыы, киһиргэс киһи этэ. Ол да буоллар, Мачыана сөбүлэспитэ… «Баҕар, бу киһиттэн оҕо үөскээрэй?» диэн иһигэр баҕара санаабыта.

      Лойут болдьоҕор лоп курдук кэлэр үгэстээҕэ. Бу сырыыга икки хонугу эрдэлээбитэ. Сайыҥҥы хотугу түүн сырдык этэ. Быыһы өҥөйөн көрбүтэ – ойоҕун кытта Бөлгөөнөй утуйа сытара. Лойут хайдах эрэ бөтөн ылбыта. Онтон холкуйуохха дии санаабыта уонна быыһы быһа тардан сиргэ бырахпыта: «Киэр буолуҥ, сааппат сирэйдээхтэр! – диэн хаһыытаан сатарыппыта. – Түргэнник таҥна охсон барыҥ! Икки харахпар көстүмэҥ! Эр-ойох буоларга санаммыккыт, онон үйэлээх сааскыт тухары бииргэ сылдьыҥ! Мин сүрэҕим сылаас тымырын быстыгыт, аны таптыырым уурайда. Мачыана, булуммут эргин кытта билигин киэр буол!» – диэбитэ кырыктаахтык.

      Мачыана ытыы-ытыы таҥаһын хомуммута: «Ийэ буолуохпун баҕарабын…» – диэбитэ. Ол Лойут сүрэҕэр ыарыылаахтык иһиллибитэ…

      Мачыана итинтэн ордугу этэр кыаҕа суоҕа. Кэргэнин санаата кытаанаҕын, өһүллүбэт биир тыллааҕын билэр этэ. Тэҥнэһиэ дуо, Бөлгөөнөйү кытта түүннэри сатыы барбыттара. Мачыана сыыһа быһыыны оҥостон, санаарҕаан ытыы испитэ. Оттон Бөлгөөнөй маннык үчүгэй дьүһүннээх, кырасыабай ойохтоммутуттан олус үөрбүтэ.

      V

      Мачыана манна мөлтөхтүк олорбута. Саҥа кэргэнин таптаабат этэ. Аны Бөлгөөнөй ийэтэ, эдьиийэ кинини абааһы көрөллөрө. «Манна Лойут олоҕо буолбатах, хотумсуйума», – дииллэрэ. Мачыана ону барытын тулуйбута. 34 сааһыгар, Бөлгөөнөйү кытта олорбута иккис сылыгар, уол оҕо төрөөбүтэ. Онуоха олус да үөрбүтэ, мэник санаатыгар Уйбаантан оҕоломмут курдук санаммыта. «Уйбаан» диэн Лойут аатынан уолун ааттаабыта. Лойутугар курдаттыы тартарара, кинини санаабатах күнэ диэн суох этэ. Уйбаанын кытта уон СКАЧАТЬ