Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 6

Название: Санатыма дуу, ааспыты…

Автор: Огдо

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3397-3

isbn:

СКАЧАТЬ буолбатахпын, эһиги да үөрэҕэ суох син биир киһи буолуом, – диэт, сорунуулаахтык деканакка төттөрү киирбитэ.

      – Докумуоммун ылыыһыбын, мин… атын сиргэ барыыһыбын, – диэн сымыйалаан кубарыппыта.

      Онуоха дьиктитэ баара, бу икки ардыгар сибилигин үөрэн-көтөн тахсыбыт кыыс баччалаах былдьаһыктаах миэстэттэн тоҕо аккаастаммытын ким да туоһулаһа барбатаҕа, саҥата суох түргэн үлүгэрдик кумааҕытын була охсон утары ууммуттара.

      Итинтэн эмиэ соһуйбут-хоргуппут кыыс, сап-салҕалас илиилэринэн били кумааҕылары куду харбаат, тахсар ааны былдьаспыта. Баҕар, ким эмэ хайдах-туох буоллуҥ диэбитэ буоллар, санаата уларыйыа эбитэ дуу. Ханна эрэ санаатын үгэҕэр күүтэ-эрэйэ санаабыта туолбакка, онтон ордук хомойон, синим биир диэт, иннин диэки дьүккүйэн испитэ. Ааҥҥа үмүөрүспүт оҕолору түҥнэри көтө сыһан көрүдүөр устун сүүрбүтэ. Өрөмүөннэнэ турар кураанах аудиторияҕа киирэн уйа-хайа суох ытаабыта дуорааннанан көрүдүөр нөҥүө уһугар иһиллибитэ быһыылааҕа да, кыыска ким да чугаһаабатаҕа. Бачча тухары атаҕастаммыт курдук санаммат буолара да, тыл баар эбит кыһыылаах да, ыарыылаах да. Кимнээх буолан көмүскэтиэй? Ханыыта суох эрэйдээҕи аҥаардастыы атаҕастаатахтара абатын… Кинини туора соторго хантан ылбыт бырааптарай? Кыл түгэнигэр, хаста да өсөһүөх, миэстэтин туран биэриэ суох курдук санаабыта эрээри, оо, ити харахтар… Бука бары кинини тымныытык, хаҕыстык, туохтарын эрэ былдьатан өһүрбүт курдук көрөр элбэх да элбэх сып-сытыы харахтар. Хайдах итинник дьулаан харахтары кытта биэс сыл эллэһэн, тэҥҥэ этэҥҥэ сылдьыахха диэтэххэ, ыарахан этэ. Ол иһин аккаастаммыта.

      Дьиҥэр, ити кыһыылаах-абаккалаах түбэлтэ ааспытын да кэнниттэн, холкутуйаат, хайдах эрэ кэмсинээччитэ суох. Хата, туох имнэммитэ буолла, арааһа, дьылҕата харыстаабыт дьүһүнэ буолаахтыа, иннигэр кинини күүтэр туох эрэ улахан алҕастан мүччү туттаран быыһаан ылбыта буолуо дии саныыр. Кыахтаах баҕайытык атын үөрэххэ барыам да диэбитэ баара? Киһи да күлүөх, Аанчык докумуонун туттарарыгар хас да сиргэ туттарсарга холонор албаһы билээхтээбэтэ даҕаны ээ. Букатын да мантан атын үөрэх туһунан санаабакка сылдьыбыт кыыс толкуйа туора-маары сүүрэр кыаҕа суоҕа.

      Онон, тиһэҕэр, туга да суох хаалбыт кыыс, ол күн саҥата суох малын хомунан, абитуриеннаан бүппүтэ. Уопсайтан тахсан, аа-дьуо хааман, хайа диэки барарын бэйэтэ да билбэккэ, оптуобус тохтобулугар тиийбитэ. Онно баар кыра киоска түннүгүн аттыгар, быһыыта, бэрт өрдөөҕүтэ сыстыбыт, ардах-хаар үлбүрүйэн, күн уота тобулу көрөн, дэлби саһаран хаалбыт биллэриигэ хараҕа хатаммыта. Дьэ, онто дьыалатын барытын бэрт судургутук быһаарбыта. Кыыс итиннэ этиллибит нүөмэрдээх оптуобуска олорон, олус судургутук оруобуна «Күнчээн» Оҕо дьиэтигэр тиийэн кэлбитэ.

      Хата, бу үлэҕэ түбэһэ түһэн абыранна даҕаны. Тулаайаҕын истэн, үгүс кэпсэтиитэ суох тута уопсайга олохтообуттара. Бастакы кэмҥэ бииргэ олорор кыыһа сүбэлээн-амалаан, үлэтин сатыар диэри үөрэтэн абыраабыта. Хаһан да кыһыл оҕону көрбөтөх кыыс маҥнай утаа соһуйбута сонун СКАЧАТЬ