Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 4

Название: Санатыма дуу, ааспыты…

Автор: Огдо

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3397-3

isbn:

СКАЧАТЬ билбэтим ээ, оннооҕой бу биэйбит кэмпиэттэйэ хайдах эйэ, биһиэнин куйдук буолбатах. Көй эйэ, – дии-дии, хайыы-үйэ эмэн ыраатыннарбыт минньигэһин буордаах илиитинэн ороон, оҕонньор ытыһыгар соҕотохто ууран биэрдэ, төп-төгүрүгүнэн кылап-халап көрдө.

      – Ээ, мин да тугун билиэмий, ас курдук ас ини, доҕор. Мэ-мэ, сиэ мантыккын, мин тииһим суох, – диэн оҕонньор уолчааҥҥа төттөрү уунна, мичээрдээн эрэ кэбистэ.

      Баабыллай баара Миичэтин иннигэр быһа түстэ, эһээ оҕонньор кыра күрдьэх саҕа кэтит баппаҕайыттан ким хайа иннинэ сып гыннаран, айаҕар укта. Онтон уордайа охсубут уол, доҕорун иэстэһээри эккирэтэн, били мас атын кымньыылаан, сыыры таҥнары дьиэлэрин диэки иккиэн сырса турдулар…

* * *

      Аанчык бүгүн бырааска бара сылдьан дьиҥнээхтик биллэ – кини ыарахан буолбут. Кыыс олус диэн үөрдэ. Кырдьыга, маннык эмискэ хат буолуом диэн күүппэтэҕэ да, ыраламматаҕа да эрээри, эдэр баҕайы быраас кыыс эмискэ:

      – Мин көрөрбүнэн, ыарахан буолбуккун, 4–5 нэдиэлэни туруорабын, чахчытын УЗИ оҥордоххо билиэхпит. Эҕэрдэлиибин дуу, эрдэ диигин дуу? – диэбитигэр соһуйан олоро биэрбитэ уонна сирэйэ кып-кыһыл буола тэтэрбитэ.

      Дьахтар аймах быһа ааспатах эрээри, хаһан да хайгыы-сөбүлүү көрбөт уустук-олуона остуолугар тахсарыгар мааҕын олус кыбыстыбыта билигин тоҕо эрэ ааһан хаалбыта. Арай түөстэригэр, хантан кэлэ охсубута буолла, биир кэм ип-итии хаан кутуллан киирэн өссө эбии долгуппута. Онто сирэйигэр кытта тиийэн кыыс кып-кыһыл буолбута. Сүрэҕэ битигирэччи тэппитэ, тута иһигэр туох эрэ олус күндү, сыаналаах таһаҕастаммыт курдук санаммыта.

      – Махтанабын, эҕэрдэҕэр. Суох-суох, эрдэ буолбатах, саамай табыгастаах… – диэбитэ эрээри, Аанчык салгыы ситэри эппэтэҕэ.

      Көнтөрүк үрдүк остуолуттан, тымныы тимир үктэлгэ тирэнэн, бэркэ сэрэнэн түспүтэ, тиэтэлинэн таҥнан барбыта.

      Халаатын быакаччы курдаммыт быраас кыыс бэрт үөрүйэхтик эрэһиинэ бэрчээккилэрин тыастаахтык турута тыытан устуталаабыта, туох эрэ суурадаһыннаах иһиккэ бырахпыта, ыга хаппахтаабыта: «Ол аата ийэ буолабыт, сотору учуокка туруохпут уонна бииргэ кэтэниэхпит, кэлиэхтээх киһибитин күүтүөхпүт», – диэн уураахтаабыта. Кини истиҥник мичээрдээбитэ уонна кумааҕыга ийэ буолуохтаах эдэр дьахтар тугу толоруохтааҕын, тутуһуохтааҕын сиһилии суруйа олорбута.

      Аанчык быраас кыыстан тугу эрэ үчүгэйи бэлэхтэппиттии санаан ылбыта. Ол иһин буолуо, кумааҕыга тиэтэллээхтик сыр-сыр тыаһыыр уруучука төбөтө кытта кини дьылҕатыгар кыттыгастаах курдуга. Мантан ыла кыыс соҕотох бэйэтэ аны иккиэ буолбуттарын туоһулаабыт бастакы суруйуу кини уйулҕатыгар итинник дириҥник хатаммыта.

      Көрдөрөн тахсан, сатыы олорор уопсайын диэки хаампыта. Соһуччу сонунтан өмүттүбүтэ дьэ арыый ааһан, арааһы эргитэ санаан барбыта. Дьиктитин, кини киһини өйдүүр буолуоҕуттан соҕотох бэйэтэ сотору баҕайы иккиэ буолуохтара баар ээ. Эс, тоҕо иккиэ эрэ буолуой? Кини, Аанчык таптыыр уолун Толигы кытта үһүөлэр дии, оҕолорун СКАЧАТЬ