Ити эрээри Морууса туһугар моһуок сарсыарда буолла. Тыаһа суох сөмөлүөт да кэлбитэ, билбэт дьоно көрдөрбүтүнэн көстүбэккэ да ааспыттара… Эмээхсин санаатыттан били билбэт үс киһитин көхсө тахсан биэрбэтэ. Кини бэйэлээх итини барытын билбэккэ-көрбөккө хаалбыта дьиктитин ааһан, бу түгэҥҥэ туох эрэ кистэлэҥ баар сылыгын сүрэҕинэн таайарга дылы гынна, хаамыытын эбэн биэрдэ…
– Ээ, чэ, кытаат, Морууса, арыый сэниэлээх, эдэр киһи эн бардаҕыҥ. Сонуннаах кэлээр, миигин быһа ааһаайаҕын, туохта эмит бу эргин төлө тутан ааһаар, – Аппырыыс үлэһэ хаалла.
– Ама дуо, эдэрим оҕоккото сыттаҕа! Айыы-айа, бу да оҕонньор ол-бу буолан, – эмээхсин чуора бэрт ээ, балачча ыраахтан хаадьыны истэн, оонньуу-күлэ кэриэтэ хардарсан, бэйэтин холугар бэрт сэниэлээхтик хаама турда.
Аппырыыс соҕотоҕун олорбута ыраатта. Эмээхсинэ баарына ити Моруусалыын бэркэ бодоруһаахтыыр этэ. Оччолорго, бу билигин баабыска да дэннэр, Морууса баҕас киниттэн эдэр буоллаҕа. Саҥардыы ыал буолан, сыллата кэриэтэ төрүүр мааны кыыс дьахтары киһи бары сэҥээрэ көрөрө. Оттон Аппырыыстаах, оҕолоро суох буолан, былыр биир уолу ииппиттэрэ, онтулара төһө эмэ улаатан баран, ыалдьан төннөөхтөөбүтэ. Инньэ гынан эмээхсинэ эрэйдээхтиин саастарын тухары иккиэйэҕин эрэ, биири санаан баран, бэркэ өйөһөн-убаһан быр-бааччы олорбуттара.
Сэргэстэһэ тэлгэһэлээх ыаллара табыллыбатахтара. Хантан эрэ дойдулаах барахсаттар бу эргин кэлэн олохсуйбуттара быһыылааҕа. Төрүт-уус суох дьоно тулаайахтарбыт дииллэрин аанньа Аппырыыстаах хаһан да ону иҥэн-тоҥон сураспат этилэр. Күннээҕинэн, киирэ-тахса билсэллэрэ. Дьахтар, аһаах баҕайы, эрдэ өлбүтэ. Эр киһи кыыһын кытта бэйэтэ хаалбыта. Онтон ыла Аппырыыс кинилэргэ эһээ курдук көһөн киирбитэ, кыһалҕалаахтар кыттыһан, бииргэ бур-бур буруо таһаарбыттара. Үлэҕэ сылдьар киһиэхэ оттуллубут оһоҕу да маныыр туһа ини. Ол быһыытынан кини, төһө да сааһырдар, уу-хаар өрөн, күнүс оҕону аһатан, бэркэ дьиэһиттээн абыраабыта ээ. Дьиэлээх киһи күһүн-саас бултуур идэлээҕэ. Онон, кыра да буоллар, син кус-куобах сыллата көстөн иһэрэ. Кыстык кыһалҕата кыттыспыт дьону ырааҕынан тумнара, ньир бааччы, күө-дьаа олорбуттара…
Ону баара, кыыс хороччу улаатан, оскуолатын бүтэрэр сылыгар аҕата аны оһолго дэҥнэнэн суох буолбута. Аппырыыс итинтэн олус аймаммыта, бу үлүгэр өлүү-сүтүү, ыар дьылҕа миигин батыһар баҕайыта дуу диэн улаханнык суламмыта. Дьон кистии-саба: «Ити аата Аппырыыс оҕонньор холумтанын тардыыта быһыылаах», – диэн күтүрүүр-омнуолуур курдук ботугураһара оҕонньор кулгааҕар эмиэ СКАЧАТЬ