Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов страница 4

Название: Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6871-5

isbn:

СКАЧАТЬ үлэтигэр өрүү инники күөҥҥэ сылдьара: турпоходтары, араас таһымнаах тэрээһиннэри, бырааһынньыктары, самодеятельность көрүүлэрин барытын тэрийсэрэ, бэйэтэ да ыллаан-туойан, артыыстаан кыттара. Онон, Василий Иванович саха тылын, литературатын уруоктарын үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, оскуола олоҕун бары өттүгэр ис дууһатын, өйүн-санаатын бүтүннүү анаан туран үлэлээбитэ-хамсаабыта, оскуоланан олорбута.

      Е.П. Жирков Саха оскуолаларын саҥалыы сайыннарар кэнсиэпсийэтин, А.П. Оконешникова «Эркээйи» бырагырааматын оҥорууга, олоххо киллэриигэ быһаччы кыттыбыта. Үөрэх үлэһитин идэтин үрдэтэр үнүстүүт саха тылын кэбиниэтин кытта ыкса үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар ааптарыскай куурустары ыыппыта. Ол туһунан «Поэт уонна учуутал» диэн 2001 с. бэчээттэппит кинигэбэр суруйан турабын.

      Василий Иванович таһаарыылаах үлэтэ сыаналанан, 1993 с. Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала диэн үрдүк ааты сүкпүтэ. Үгүс үөрэнээччитэ, ол иһигэр мин, төрөппүт кыыһа, учуутал идэтин талбыппыт, ол түмүгэр киниэхэ 2006 с. Учууталлар учууталлара диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ.

      1968 с. ийэбитин Ульяна Дмитриевнаны кытта олохторун холбоон, биэс оҕону төрөппүттэрэ.

      Саамай улахаммыт – Василий. Түөрт оҕолоох, элбэх сиэн тапталлаах эһэтэ. Иккис уол – Дмитрий. Кэргэниниин биир кыыстаахтар. Үһүс уол – Илья 33 сааһыгар ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Кэргэннэммитэ, уоллаах кыыс оҕоломмута. Сиэннэрдээх. Төрдүс оҕонон мин, соҕотох кыыс, төрөөбүтүм. Кэргэмминиин икки оҕолоохпут. Кыра уол – Николай түөрт уоллаах. Василий Иванович бу олоххо киһи буолан төрөөн, орто дойдуга кэлэн барбыт бэлиэтэ – кини кэнчээри ыччата буолабыт. Биһиги, кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аҕабыт-эһэбит араспаанньатын сүгэн, кини өбүгэтин ууһун үйэттэн үйэҕэ салгыы уһата, тэнитэ туруохпут.

      Төрүччү

      Дүпсүн таҥаратын дьиэтэ тутуллуоҕуттан архыып дааннайа Босиков араспаанньа түҥ былыргыттан кэлбитин кэпсиир. Олох сокуонун ирдэбилинэн салгыы да тэнийэн, элбээн иһиэҕэ.

      II түһүмэх

      ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН

      (Ахтыылар)

      Евгения Исаевна Михайлова, президент СВФУ им. М.К. Аммосова

      Мастер родного слова – учитель и поэт!

      До встречи с Василием Ивановичем Босиковым, учителем якутского языка и литературы СШ № 14 г. Якутска, у меня не возникало грустных мыслей «об истертости в веках» языков многих народов. С детства у нас дома был билингвизм, училась я в экспериментальной начальной школе № 15 на двух языках с первого класса и с 5 по 10 кл. в средней школе № 2 г. Якутска, где с 5 по 8 кл. такие предметы, как алгебра, геометрия, физика, биология, анатомия, география, история преподавались на якутском, и только в 9-10 кл. все предметы изучались на русском языке.

      Я счастлива, что у меня было хорошее школьное образование, благодарна своим учителям и, конечно СКАЧАТЬ