Название: Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6871-5
isbn:
Мааһа эбэ төрөппүт оҕолорун таһынан сиэнин, Дэбдэ уолун Баасканы, биһиги аҕабытын Василий Ивановиһы көрөн-истэн улаатыннарбыта. Ол иһин аҕабыт эбэтин «ийэ» диэнтэн атыннык ааттаабата, эбэтин «эбэ» диэбэккэ орто дойдуттан атаарбыта. Ийэтин буоллаҕына, убайдарын үтүктэн, «эдьиий» диирэ үһү. Онтон кэлин, эбэтэ өлбүтүн эрэ кэннэ, «ийэ» диир буолбут.
Аҕам алын кылааска үөрэнэр сылларыгар, дьоно Дүпсүн кэрэ-мааны Ампаардаах алааһыгар сүөһү көрөн олорбуттар. Ампаардаахтан хас да оҕо бииргэ сылдьан Дүпсүн оскуолатыгар үөрэнэллэр эбит. Үөрэнэн кэлэн иһэн, суолларын төрдүгэр үүммүт суон тиит мас алын лабаатыгар суумкаларын ыйаан кэбиһэллэрэ үһү. Чугас бастыҥ доҕоро скульптор Баһылай Боскуруоп биирдэ кэпсээн күллэртээбитэ. Биһиги аҕабыт мэник-тэник, сытыы-хотуу оҕо эбит. Кэлин оскуола бары үлэтигэр, тэрээһинигэр көхтөөх кыттааччы буола улааппыта. Араас куруһуокка дьарыктанара, ордук сөбүлээн боксанан, тустуунан үлүһүйэрэ. Оройуон, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр кыттан кэккэ ситиһиилэнэрэ. Кини бөдөҥ сөҥ куоластаах, үчүгэй дииксийэлээх буолан, улуус орто оскуолаларын араас көрүүлэригэр көрдөөх-күлүүлээх, тыллаах-өстөөх бастыҥ биллэрээччи (конферансье) аатын өрүү сүгэрэ. Кэнсиэрдэргэ үҥкүүлээн да кыттара.
Уус тыллаах-өстөөх, сэргэх кэпсээннээх-ипсээннээх, мындыр өйдөөх саха дьахтара – эбэтин кыһамньытынан, ити бөдөҥ убайдарын кынаттарын анныгар атаах оҕо буола улаатан, омук өркөн өйүн – үһүйээннэрин, номохторун, өс хоһооннорун истэ-билэ ситэн, убайын хоһоонноро, айар үлэтэ аҕабытыгар поэт, суруйааччы акылаатын уурбуттара. Итини сэргэ оскуолаҕа саха тылын, литературатын учууталлара Алексей Иванович Сивцев, кэлин норуодунай суруйааччы буолбут Василий Тарасович Сивцев хоһоон суруйуу маастарыстыбатыгар уһуйбуттара. Итинтэн ыла уран тыл иччилээх умсулҕаныгар төбөтүн оройунан түһэн, кыра сааһыттан суруйар-айар дьоҕура сайдан, «Бэлэм буол» оҕо хаһыатыттан саҕалаан «Эдэр коммунист», «Кыым» хаһыаттарга, «Хотугу сулус» сурунаалга айымньылара бэчээттэнэн барбыттара. Ол эрэн, барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа. Улахан убай суруйааччылар бэйэлэрин айымньыларын утуу-субуу бэчээттэтэн күн сирин көрдөрөр түгэннэригэр аҕабыт көлүөнэтин эдэр поэттарын куоластара ончу иһиллибэтэ, айымньылара бэчээттэммэтэ. Онон буолуо, кини мах бэрдэрэн, суруйбат буола сылдьыбыт кэмнээҕэ. Учуутал үлэтинэн дуоһуйан, сааһырыар диэри «Эдэр коммунист» хаһыакка эдэр поэт аатыран, хоһоонноро биирдэ эмэ хаһыаттарга бэчээттэнэрэ.
Бөдөҥ дьон сиппит улахан дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн, эбэбит ыллыктаах өйдөөх дьаһалынан, үлэһит бастыҥа ийэтин көмөтүнэн СГУ саха салаатын 1973 с. бүтэрбитэ. Ол сыл Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын интэринээтигэр ананан биир сыл баспытааталлыыр. Онтон Өнөр 8 кылаастаах оскуолатыгар түөрт сыл нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир. Ити үлэлиир сылларыгар оскуола ис СКАЧАТЬ