Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов страница 2

Название: Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6871-5

isbn:

СКАЧАТЬ түрүбүүнэтэ сууллубакка өргө диэри турбута.

      Сэрии кэнниттэн икки сыл холкуос салайааччыларын үөрэҕэр үөрэммитэ уонна агроном идэтин ылбыта. Ол кэлэн салгыы холкуоһугар биригэдьиирдээбитэ, бэрэссэдээтэллээбитэ. Салгыы Дүпсүн сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан, биэнсийэҕэ тахсыар диэри отут сыл тохтообокко бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Евдокия Афанасьевнаны Социалистическай үлэ Дьоруойа аатыгар иккитэ түһэрээри гыммыттара да, бастакытыгар, өлүү түбэлтэлээх, ньирэйдэр өлүүлэрэ тахсан тохтоппуттар. Иккис сырыытыгар, отут сыл сэлсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит киһи буолуохтаах диэн буолбут, кини оччо сыл Дүпсүн нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэр да, хомойуох иһин, ол сайын ыалдьан биэнсийэҕэ тахсан хаалан, Дьоруой аатын ылбатах. Киниэхэ «Персональнай пенсионер» диэн эрэ аат иҥэрбиттэр. Бүрүкүрээтийэттэн сылтаан, эбэбит барахсан үлэтэ ситэ сыаналамматаҕыттан олус хомойобут.

      Дэбдэ эбэбит биэнсийэҕэ да тахсан баран дьиэтигэр олорботоҕо. Борокуратуура, онтон үнүбүрсүтүөт баахталарыгар хас да сыл үлэлээбитэ. Мин онно «эбэ кутуруга» буолан элбэхтик «үлэлэспитим».

      1996 сыл сайыныгар Дьокуускай куоракка биһиги, уолун дьиэ кэргэнин, көрүүбүтүгэр киирэ сытан, эбэбит барахсан маҕаһыыҥҥа тахсарбытыгар, соҕотох хаалымаары, 4 ыйдаах хос сиэнин Диманы илдьэ хаалаары гынара. «Ытаатаҕына ыксыаҥ, көтөҕөөрү гыныаҥ», – диэтэхпинэ: «Кэлээскэҕэ сытар оҕону бигээн уоскутуом», – диэхтиирэ. Ол сыл атырдьах ыйыгар ыарахан ыарыыттан сырдык тыына быстыбыта.

      Мария Николаевна-Мааһа эбэ иккис уола Ылдьаа наһаа сымнаҕас үлэһит киһи эбит. Кини кэргэниниин Ааныстыын тулаайах оҕолору – Аччыгый Баасканы уонна Аччыгый Маайыһы иитэ ылан бииргэ олорбуттара. Бэйэлэрэ төрөппүт оҕолоро суоҕа. Ылдьаа эдэрчи сааһыгар өлөн хаалан, оҕолору 60-с сыллар бүтүүлэригэр Мааһа үһүс уолун дьиэ кэргэнэ Дьокуускай куоракка киллэрэн иитэн улаатыннарбыта. Аччыгый Бааска 1981 с. Дьокуускайдааҕы художественнай учуулуссаны бүтэрбитэ, «прикладной ускуустуба маастара, худуоһунньук» идэни ылбыта. Москваҕа тиийэн «Кристалл» диэн алмааһы кырыылыыр собуокка стажировканы ааһан, онно үлэҕэ киирэн, Саха сирин бастакы ювелира буолар.

      Аччыгый Маайыс 2-с нүөмэрдээх оскуола 8-с кылааһын бүтэрэн, Москваҕа тиийэн, оччотооҕуга сабыс-саҥа тутуллубут «Кожгалантерея» бөдөҥ кэмбинээккэ үлэҕэ киирбитэ. Онтон доруобуйата мөлтөөн, Дьокуускайга дьонугар төннөн кэлбитэ. Сэбиргэхтэтэн 2005 с. олохтон туораабыта. Кыыһа Надя үрдүк үөрэхтээх исписэлиис. Кэргэннээх, оҕолордоох.

      Мааһа эбэбит үһүс уола Василий Афанасьевич-Улахан Баһылай Сэбиэскэй сойууска биллэр Москватааҕы култуура үнүстүүтүн 1960 с. бүтэрбитэ. Кини 1962 с. Мария Кузьминична Гаврильеваны көрсөн ыал буолаллар. Василий Афанасьевич – Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Василий Афанасьевич култуура миниистирин СКАЧАТЬ