Сүрэх кистэлэҥэ. Дайыына
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сүрэх кистэлэҥэ - Дайыына страница 7

Название: Сүрэх кистэлэҥэ

Автор: Дайыына

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Оо, эдэр саас!

isbn: 978-5-7696-4320-0

isbn:

СКАЧАТЬ охсуллан ааспыттар. Көтөргө да, сүүрэргэ да майгыннаабат, ыыр-дьаар аһыы сыттаах үһүлэр. Түүтэ суох хаптаҕай сирэйдээхтэр, нэс табалары миинэ сылдьаллар, сороҕор түһэн, икки атахтарынан хаамаллар. Хатырыктара буоллаҕына сымнаҕас, ыыһаммыт аһыы сыт уонна таба сыттаахтара үһү. Дьэ ол аһыы сыттаах Кыһыл Тылтан ойуур олохтоохторо өлөрдүү куттаналлара. Төһө да Кыһыл Тыл салыыр абытайдаах уот ыарыытын бэйэлэринэн билбэтэллэр, өбүгэлэрин үйэлээх кутталлара хас биирдиилэригэр туораахтан сиэмэҕэ бэриллэн, дириҥник иҥэн сылдьара.

      Мастар кинилэр үйэлээх чуумпуларын үрэйбит биллибэт харамайдары сэрэхтээхтик үөһэттэн таҥнары одуулаабыттар… Сэрэйбит сэрэх, бэрт сотору Кыһыл Тыл эккэлээн эрэрдии үөрэ-көтө чачыгыраабыт, хаппыт амынньыардары омуннаахтык салаабыт. Аһыы буруо ойуур иһин толорбут. Мастар уолуйан, суугунаһан ылбыттар. Ол гынан баран, табалаах дьон үүнэн турар маһы тоһуппакка, хаппыт амынньыардары хомуйан Кыһыл Тылларын аһаппыттара. Улахан суолу-ииһи хаалларбакка, табаларыгар олороот, кэлбиттэрин курдук түргэнник элэс гынан хаалбыттар.

      Муҥур Тиит этэринэн, оннук харамайдар бу Ойуур бүтэр уһугар элбэхтэр үһү. Дьолго, билиҥҥэ диэри бу түҥ тайҕаны таба хаампакка, мастар үйэлээх чуумпуларын уйгуурдубакка сырыттахтара.

* * *

      Быйыл саас Сабарай Тиит туохтан эрэ дьаахханыах санаата кэллэ. Кини мутукчатын иннэлэрин барытын үөһэ, Куйаар диэки, саратан турара. Куйаарга эҥин араас ииччэх-бааччах санаалар көтө сылдьалларыттан, сорохторун иннэлэрин төбөлөрүнэн илимнээн тутан ылара. Онон сороҕор буолуон иннинээҕини өтө көрөн билэрэ.

      …Быйыл Куйаарга туох эрэ уларыйбыт. Туох эрэ иэдээн имэ биллэр курдуга. Онтон куттанан иэнэ кэдэҥнээбитигэр, сүүһүнэн чэгиэн иннэлэрэ хатан, бытарыһан түспүттэрэ… Күнтэн күн ол иэдээнэ чугаһаан иһэрин билэн, дьиппинийэн, тыҥаан турбута.

      Оттон Титирик Уол онно эрэ кыһаммата. Кини улаата охсон, баҕалаах сырдыгар тиийэн, ойуур үрдүттэн тулатын көрүнүөн баҕарара. Сураҕа, ойуур хаһан да бүппэт, бардар бара турар үһү. Оттон үөһии-үөһэ кылайан көстөр сырдык, көҕөрдөр көҕөрөн, кэҥээтэр кэҥээн, букатын муҥура суох дииллэр. Оо, ол күөххэ чугаһыыра буоллар ньии! Сып-сылааһынан угуттуур, олох илгэтин бэлэхтиир Сырдык Күн уотун дуоһуйа иҥэринэрэ буоллар! Үөһэттэн, үрдүктэн ырааҕы, атыны, дьиктини көрөрө буоллар ньии! Кини билэр, сэрэйэр, иннигэр туох эрэ улахан, дьикти, ураты күүтэрин. Ол туоларын туһугар түргэнник улаата охсуохха наада. Атын мастары куотан, уһулуччу үрдүөххэ, сонуохха, чорбойуохха наада. Оччоҕо Сабарай Тиит курдук Орто дойду очумааһа, үрдүк халлаан өһүөтэ буолан, олох үтүөтүн сомсон ылыах, туох эрэ уратыны билиэх-көрүөх, дьиктини оҥоруох этэ!

      Ол ыра санаата туоларын туһугар оччугуй бэйэтэ күүһэ-кыаҕа тиийэринэн сыалын чугаһата сатыахтаах, хас чаас, хас мүнүүтэ аайы күүс-уох эбиниэхтээх.

      Бу олоххо сыал диэн баар – олоҕу хамсатар күүс, тугу эрэ ситиһэргэ бастакы үктэл. Ол сыалга араас ыра санаа кыттыстаҕына, туох барыта кыаллар тоҕоостоох.

* СКАЧАТЬ