Название: Сүрэх кистэлэҥэ
Автор: Дайыына
Издательство: Бичик
Серия: Оо, эдэр саас!
isbn: 978-5-7696-4320-0
isbn:
Дьахтар аһынар иэйиигэ куустаран, оҕону көтөҕөн ылла. Анарааҥҥыта «ээ, бу эн эбиккин дуу» диэбиттии олус болҕойон, ийэтин тонолуппакка одуулаата. Аанчык саҥа төрөөбүт оҕолор киһини өйдөөн көрбөттөрө буолуо дии саныыра. Ол сымыйа эбит. Бу оҕо адьас улахан киһи курдук көрөр, ийэтэ кэлбитин биллэ быһыылаах. Ол икки ардыгар таҥас нөҥүө үүт сытын билэн, түөһүн диэки үҥүлүйдэ, ыҥырҕаан, иһин түгэҕиттэн көхсүн этитэр курдук саҥа таһаарда. Дьахтар халаатын уолугун арынан, эмиийин үҥүлүтүөх курдук буолан истэҕинэ, анарааҥыта атын үлүгэрдик, иҥсэлээх баҕайытык хабан ылла. Күүскэ уобан, сүр иҥсэлээхтик эмэн барыа эбит да, куобах уостаах буолан, үүтэ үөһээҥҥи ыырааҕынан тохтон хаалар.
– Тоҕо манна киирдиҥ?!. Ким көҥүллээбитэй? Бар, таҕыс! – дьуһуурустубатыттан ханна да халбарыйыа суохтаах сиэстэрэ, бэйэтэ буруйдаах эрээри, суоһурҕанан, хаһыытаабытынан киирдэ.
Аанчык, дьигиһис гынаат, оҕотун көтөхпүтүнэн, эргиллэ түстэ.
– Мин… аккаастаммаппын киниттэн… Бу мин оҕом, өйдөөтүгүт?!
«Маама топпот!»
Бүгүн туох эрэ ураты күн. Сарсыардаттан ийэлээх аҕалара иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһаллар. Ботур-итир кэпсэтэллэр. Иһит-хомуос лыһыгырыыр.
Аҕалара тыһаҕастарын, Маҥаачыктарын оҕотун, тоҕо эрэ далга баайбыт. Ону улахан уол, сэттэлээх Костя таһырдьа тахса сылдьан көрдө. «Ынахтар суохтар ээ, хотоҥҥо киирбиттэр. Уу, эрэйдээҕи тоҕо баайдахтарай, тоҥуо дии…».
Уол хаарга халтарыйан охто сыһа-сыһа, тыһаҕаска сүүрэн тиийдэ.
– Оокко, Оокко!
Ооккото күөх оту курдурҕаччы сии турар эбит. Төбөтүн өрө көтөҕөн «ким кэллэ» диэбиттии көрдө, үгэһинэн килиэп көрдөөн муннунан анньыалаата. Онтон «пус» гына тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, отун сиэн киирэн барда. Ити аата «килиэбэ суох» диэн өйдөөтө. Костя санаатыгар Оокко барытын өйдүүр, арай тыла эрэ суох. Эрдэттэн анаммыт уонна ааттаабыт киһи быһыытынан Костя «мин ньирэйим» диир толору бырааптаах.
Агрофирматтан ылан аан бастаан ынахтаммыт буоланнар, Маҥаачыктара төрүүрүн өр да кэтэспиттэрэ. Биирдэ ийэлэрэ түүнү быһа утуйбатаҕа, дьиэттэн хотоҥҥо, хотонтон дьиэҕэ сыбыытаабыта. Онон туһанан оҕолор эмиэ утуйбакка, түүннэри оонньоору тэринэн, мөҕүллүбүттэрэ. Костик: «Ньирэй диэн кыра ынах. Муостааҕа буолуо дуо? Хантан кэлэрэ буолуой? Ийэтин иһиттэн хайдах тахсарый?» – диэн саныы сытан, утуйан хаалбыта.
Сарсыарда уһуктаат, бастакы санаата «ньирэйим!» диэн этэ.
– Маама, маа-ма, Маҥаачык төрөөбүтэ дуо?
– Төрөөн, төрөөн. Чэ, тур. Таҥын. Аһаан баран тахсан көрөөр, – диэбитэ уутун хамматах ийэтэ. Костик кыл-мүлчү таҥна охсоот, остуолга чугаһыы да соруммакка, таһырдьа элэс гыммыта. Кэнниттэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалбыта.
Саас этэ. Сып-сырдык чаҕылхай күнтэн киһи хараҕа саатара. Муус-маҥан сыа хаар сымнаан, тилэххэ сыстар буолбут этэ. Кырыыһалартан дьэҥкир муус чопчулар куоталаспыт курдук номнуо СКАЧАТЬ