Сүрэх кистэлэҥэ. Дайыына
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сүрэх кистэлэҥэ - Дайыына страница 3

Название: Сүрэх кистэлэҥэ

Автор: Дайыына

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Оо, эдэр саас!

isbn: 978-5-7696-4320-0

isbn:

СКАЧАТЬ сорҕоҕун! Илиигин ылан быһан бырах диэбит курдук!.. Хайдах дьылҕаланыай оҕо эрэйдээх? Чугас киһи таптала диэни билбэккэ, үөрэммэккэ, сайдыбакка, үөҕүллэ-үүрүллэ сылдьаахтыа буоллаҕа… Ол кэмҥэ, ону билэ-билэ, эн төһө дьоллоох буолуоххунуй?

      Аанчык суруктан ньиэрбинэйдээн, бопторо-бопторо сылайыар диэри ытаабыта. Хата, кэнники күннэргэ ньиэрбэтэ күүрбүтэ, сүрэҕэ ыалдьыбыта ааһарга дылы гыммыта.

      Туох аанньа буолуой? Аанчык бэйэтин буруйдана саныыр. Кэргэнин кытары бастаан хоонньоһоллоругар кыһыл арыгы, сампааныскай иһэн, холуочуйан баран утуйбуттара. Ол арыгы содула буолуо дуо? Ситэ эмтэммэтэх, биллибэккэ сылдьан кэрбээн сиир инфекционнай ыарыытыттан төрүөттээх дуу? Кэргэнигэр да баар эбит этэ. Кэлин иккиэн эмтэммиттэрэ. Киниэнэ киниэнин курдук, бастакы түүнтэн ыарахан буолан, ол иннинэ холбоһор туһунан санаабакка сылдьыбыт дьон ыксалынан сыбаайбалыырга күһэллибиттэрэ. Онтулара, дьэ, бу…

      Онтон аны оҕотун хайдах ылан таһаарарын, хайдах эмтэтэрин, туох ыарахаттар күүтэллэрин тобула сатаата.

      Кэргэнин дьоно көмөлөһүөхтэрэ суоҕа, ол чахчы. Ону ааһан, туора көрүү, кынчарыйыы, киһи кэннигэр хобугунаһыы, саҥарсыы баар буолуо. Хотуна кинини уолугар тэҥнээбэтин билэр. Аан бастааҥҥыттан тоҕо эрэ сөбүлээбэтэх сурахтааҕа. Баҕар, уолуттан түөрт сыл аҕатын иһин буолуо? Бэйэтэ бас билэр дьиэтэ-уота суох диэн дуу?! Дьиҥэр, икки үрдүк үөрэхтээх, киһи мыыммат үлэлээх, эр дьон уулуссаҕа эргиллэн көрөр, хоп курдук дьахтар эбээт кини… Билэр дьонун ортотугар эмиэ хобугунаһыы, аһыммыта буолуу, үөрбүт курдук сонун оҥостон атын дьоҥҥо кэпсээһин, ырытыһыы саҕаланыа… Оҕону дьоҥҥо көрдөрөр да кыбыстыылаах, дьэ иэдээн.

      Араас санааларга баттатан, тулуйан-тэһийэн сытыа суох буолан, оронун куруһуунатын кыычырҕаппакка гына сатыы-сатыы, ыараханнык тайанан турда. Палаататыгар өссө үс дьахтар сытар. Көрүдүөр уотун умуруорбуттар, түгэххэ биир эрэ лаампа симик уота кыламныыр. Ол диэки дьуһуурунай сиэстэрэлэр баар буолуохтара. Кини эргиллэн, уота суох, хараҥа түгэх диэки хааман салбырдаата. Түннүккэ тиийэн, утуйбут куораты үөһэттэн одуулуу турда.

      Чаҕылыҥнас уоттар, харах ыларынан, ыраахха диэри киирэн бара тураллар. Кымырдаҕас уйатын курдук кыараҕас дьиэлэргэ араас да дьылҕалаах, олохтоох дьон утуйа сыттахтара. Дьол даҕаны, сор даҕаны, быстахха былдьаныы, харчыга харбыалаһыы, бэйэ күүһүнэн олоҕу оҥостуу – барыта баар эбээт дьоллоох аатырбыт Дьокуускай куоракка!

      Ол онтон биир сордоох олох киниэхэ тигистэҕэ. Баар буолуо дуо кини инники олоҕор дьол кыыма? Таҥара кинини тоҕо маннык накаастаата?! Туох буруйун иһин?..

      Ыар санаалары тулуйар кыаҕыттан тахсан, Аанчык бопторон ытыы турда. Тымныы түннүккэ соҕотох дьахтар күлүгэ харааран көһүннэ.

* * *

      Сарсыныгар Аанчык, тулуйбакка, оҕолор ытаан бэбээрэр хосторугар барда. Аһыыр кэмнэрэ буолбут быһыылаах, уонунан куолас эһээхэйдиир. Истэргэ минньигэһэ сүрдээх! Дьахтар кытааппыт, нүөлүйэн ыалдьар эмиийдэрэ эмиэ тэстэн, үүтэ халаатын СКАЧАТЬ