Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор: Наталья Михалева-Сайа
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-5219-6
isbn:
«Кэпсиэ» сырдаппыт элбиих-элбэх хайысхаларыттан ахтылҕан курдук кылгастык санатан аһардахха, итинник.
7. ОҔОЛОРДУУН КЭПСЭТИИ – УУСТУК СОРУК
Киһи «тылын сүөрэргэ», «хоммут уоһун хоҥнорорго» биир эрэллээх албаһынан кини оҕо сааһын туһунан, оҕо сылдьан ханнык оонньуулары оонньообутун, ким буолуон баҕарбытын туһунан ыйытыы буолар. Дьэ, бу ыйытыыны биэрдэххэ, ыалдьыт киниэхэ туһаайыллыбыт камералары умнар, долгуйбута ааһарга дылы буолар. Элбэх киһини кытта кэпсэтэн ааспыт буоламмын, киһи оҕо сылдьан кырдьык, улааттаҕына ким буолуохтааҕын оонньуур эбит дуу, диэн түмүккэ кэлэн сылдьабын. Холобур, Ил Түмэн хас да төгүллээх дьокутаата, Судаарыстыбаннай Мунньах солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт норуот суруйааччыта Андрей Кривошапкин оҕо сылдьан өрүс таастарын дьон оҥортоон, кэккэлэччи олордуталаан, мэлдьи «мунньахтатан» тахсар эбит. Артыыс аналламмыт дьон үксүгэр таҥас быыґы сцена быыґа оҥостон, онтуларын аһар-сабар эбиттэр, соҕотоҕун да сылдьан өйдөрүгэр баар «көрөөччүлэригэр» анаан ыллыыр-туойар эбиттэр. Биир медик ыалдьытым уулаах испирииһинэн куукуланы укуоллуу сатаан баран, сыттыгы киһи этигэр маарыннатан «укуоллаан» ийэтиттэн мөҕүллэрин кэпсээн күллэрбитэ.
«Опрос» рубрикабытыгар оҕолору соруйан саҥарда сатыыр этибит. Дьэ, кинилэр киһи үөйбэтэх тылларынан биэриини сэргэхсиппит түгэннэрэ элбэх. Холобур, «Ханнык ырыаны уонна ырыаһыты сөбүлүүгүн?» диэн ыйытыыны көмөлөһөөччүлэрим оскуолаларыттан дьиэлээн иһэр хороччу улаатан эрэр уолаттар бөлөхтөрүн тохтотон биэрбиттэр этэ. Оҕолор биллэн турар, Джида ырыаларын сөбүлүүллэрин туһунан эппиттэр. Онтон: «Бэйэҕит ыллааччыгыт дуо? Биир эмэ ырыата ыллаан иһитиннэриҥ эрэ…» – диэн буолбут. Биир ордук сытыы уол: «Бэйэм кыайан ыллаабаппын. Оол Баххан сатаан ыллыыр. Баххан, кэл, кэл! Тэлэбииһэргэ ыллаан биэр!» диэн ханна эрэ, камера кэннигэр сылдьар уолу илиитинэн далбаатаан ыҥыра сатыыр. Баххан буоллаҕына кэмчиэрийэн объектив иннигэр көстүөҕүн олох баҕарбата. Били уол: «Ыллаарыый доо, эн?! Ханна наадата суохха ыллаа да ыллаа буолуоҕуҥ, оттон ханна наадалаахха ыллаабаккын!» – диэн кырдьык да ис сүрэҕиттэн кыһыйан, уоһа чорбойо-чорбойо атаһын ааттаһа, дьаҕырыйа турбута билигин да харахпар бу баар. Ити түгэни биһиги хайдах баарынан быспакка эрээри эфиргэ ыыппыппыт. Мин устуудьуйаҕа олорон тыһыынчанан саха дьоно ол оҕолор саҥаларыттан тэбис-тэҥҥэ күлэн саһыгырыы түспүттэрин илэ көрөргө дылы гыммытым.
Кириэс Халдьаайы оскуолата 100 сылын туолуутугар «Кэпсиэ» аналлаах биэриитэ тахсыбыта. Кэлэр-барар ороскуоппутун оскуола бэйэтэ уйунан, саҥа сири, саҥа дьону көрөр дьолломмутум. Онно, дьээбэҕэ, маҥнайгы кылаас оҕолоро дойдуларын туһунан тугу этиэхтэрин сөп эбитий, диэн санааттан: «Оҕолоор, Кириэс Халдьаайыга саамай үчүгэй туох баарый?» – диэн ыйыппытым. Оҕолор былдьасыһа-былдьасыһа: «Маҕаһыын! Кулууп! Оскуола! Детсад!» диэбиттэрэ. Арай биир оҕо: «Дьоруой!» – диэбитэ СКАЧАТЬ