Название: Киһи биирдэ олорор
Автор: Софрон Данилов
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-2349-7
isbn:
– Истибиппит! Түксү!..
– Куоластыаҕыҥ! Бэрэссэдээтэл!..
– Куоластыаххыт иннинэ, оҕолоор, – Чыычаахап куолаһыгар көрдөһөр, ааттаһар быһыы билиннэ. – Оҕолоор…
– Манна оҕолор суохтар! Манна хомсомуолустар!
– Баай кыыһын албакаата!
– Түксү! Олор!
– Бэрэссэдээтэл, мунньаххын салай!
– Куоластыыбыт! – бэрэссэдээтэллээччи күйгүөнү саба ордоотоото. – Аргыылаба Кыычаны хомсомуол чилиэнигэр хандьыдаатынан ылыахха диэччилэр илиигитин уунуҥ.
Им-ньим буолла: биир да илии ибир гыммата. Бэл Чыычаахап, олорорун, куоластыырын умнан, дөйбүт курдук, хамсаабакка хоройон турда.
– Суох, – бэрэссэдээтэллээччи саҥата иһилиннэ.
– Ба…ар! – Чыычаахап илиитин ууммутунан олоҕор төттөрү түстэ.
– Биир куолас. Аны Аргыылабаны ылымыахха диэччилэр илиигитин уунуҥ.
Чыычаахап хараҕын кырыытынан тула илиилэр адаарыспыттарын көрдө.
– Түһэриҥ. Туттуммут? Суох. Биир киһиттэн уратылар бары утары куоластаатылар. Онон Аргыылаба сайабылыанньатын аккаастыыбыт.
Чыычаахап, умса туттан олорон, сүүһүн аннынан уоран Кыычаны кылап гына көрдө. Кыыс остуол аттыгар маарыҥҥытыныы муостаны одуулаан хамнаабакка турар. Уларыйбыта диэн арай туох эрэ көстүбэт ыарахан сүгэһэргэ баттатан арыый көхсө нүксүйбүккэ, намтаабыкка дылы буолбут.
Томмот сулбу ойон туран кыыска тиийэн туох эрэ диэн уоскутары, чэпчэтэри, көмөлөһөрү этиэн баҕарда да, турара кэлси дуо, паартатыгар умса түһэн олордо. Кыыча сөпкө сэрэйбит эбит. Аккаастыахтара диэн этэ сатаабыта ээ. Ону кини дэлби хаайан сайабылыанньа бэрдэртэрбитэ. Техникумҥа учууталлар да, оҕолор да Кыычаны сирбэт этилэр. Өссө сөбүлүүллэрэ диэххэ сөп. Үөрэҕэр үгүстэргэ холобур буолара. Кини кимиэхэ баҕарар хаһан баҕарар туох кыайарынан, сатыырынан барытынан үөрүүнэн көмөлөһөрө. Барыларын доҕордоро, дьүөгэлэрэ этэ. Онон Томмот төһө да баай аҕалааҕын-ийэлээҕин иһин кыыһы комсомолга ылыахтара дии саныыра. Төрөппүттэргиттэн арах диэн модьуйуохтарын сөп этэ. Ол туһа туспа. Бу курдук хабырдык аккаастыылларын, суох, Томмот маны күүппэтэҕэ.
Чыычаахап табаарыстарыныын урут биир да боппуруоска маннык улаханнык арахсыһа илигэ. Кинилэр мэлдьитин биирдик саныыр, биирдик өйдүүр этилэр. Билигин бу тула олорор доҕотторо бары киниттэн ыраатан хаалбыкка дылылар. Кинини атыҥыраабыт, тоҥуй харахтарынан кэлэйбиттии көрөллөр. Кинилэр иккэрдилэригэр дириҥ аппа үөскээбит курдук. Кыычаны комсомол кэккэтигэр тарда сатаан, кинини көмүскэһэн, Томмот сыыста, доҕотторун, комсомол ячейкатын иннигэр улахан алҕаһы оҥордо буолуо дуо? Кини, табаарыстара этэллэрин курдук, баай кыыһыгар өйүн сүүйтэрдэ дуо? Суох, суох, суох! Кырдьык, кырдьаҕас Аргыылаптар – контралар, өстөөхтөр. Уол Аргыылап эмиэ контра, бандьыыт, өстөөх. Кинилэри сир сирэйиттэн имири сотуохха СКАЧАТЬ