Ынчыктаан, ыҥырҕаан онтон-мантан дьоннор өндөҥнөһөн барбыттара. Бииитик бинсээгин көхсө хайа баран, умса түһэн хамсаабакка сытара. Айааллаах Игнаат киниэхэ байааттаҥнаһан тиийбиттэрэ. Игнаат салҕалас буолбут илиитинэн табаарыһын тиэрэ тардыбыта. Биитик хараҕын үрүҥүнэн көрөн, барбах айаҕа эрэ аппаҥныыра, муннуттан, кулгааҕыттан хаан оҕуолуура. Онтон эмискэ тыастаах баҕайытык салгыны эҕирийээт, сөтөллөн хахсыйан барбыта. Айаҕыттан кып-кыһыл күүгэн ыһыллыбыта. Уол сөтөллүмэхтээн баран: «Ити тугуй?» – диэн иһиллэр гына ыйыппыта уонна хараҕын быһа симэн төттөрү сытынан кэбиспитэ.
– Аркай! Аркаай бил… Тур диибин буолбат дуо! – Кыра Бааска сибилигин аҕай охсуһан тиҥиргэтиспит инитин сирэйгэ биэртэлии-биэртэлии ыксаабыт куолаһынан бардьыгынаамахтыыра. Инитэ уҥа илиитин ыраатан эрэр холорук диэки ууммутунан, муннуттан хааннаах сыыҥа субуруйбутунан, мээнэнэн көрөн олорбута.
Арааһа, охсуһууну тохтотоору буолуо, кулууп иһиттэн ойон тахсыбыт хас да кыыһы холорук эмиэ бурайталаабыт этэ. Кулууп Өкүлүүскэтэ күүлэ өйөбүлүгэр төбөтүнэн охсуллан, билигин да өйдөнө илик быһыылааҕа. Антах маҥан водолазкалаах, джинсы бүрүүкэлээх кыысчаан тураары үнүөхтүү сатыыра. Айаал сүрэҕэ «бар» гына түспүтэ: «Били кыыс!» Инньэ дии санаат, кыыс аттыгар хайдах баар буола түспүтүн өйдөөбөккө да хаалбыта. Табыгаһа суох баҕайытык хонноҕун анныттан өрө ыйаан таһаараат, чугас турар алдьанаары гыммыт ыскамыайкаҕа олордон кэбиспитэ.
– Хайдаххыный?
– Мэйиим эргийэр, – кыыс кубарыйан хаалбыт сирэйин ытысчааннарынан саба туттан умса түспүтэ.
– Ха-хайдах буоллуҥ? – уол кэлэҕэйдээбитинэн кыыһы санныттан харбаан ылбыта. Атын кэм, атын түгэн эбитэ буоллар, Айаал бу аатын да билбэт кыыһын санныттан харбыахтааҕар буолуох, аттыгар да туруо суоҕа этэ. Бу өйдөммөт, хаһан да буолбатах дьикти быһылаан оскуоланы быйыл саас эрэ бүтэрбит оҕолору ити курдук чугасыһыннаран кэбиспитэ.
Сибилигин аҕай охсуһан биликтэһэ сылдьыбыт, өрүтэ өрөпөөннөспүт уолаттар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, өйөөн илдьэн кулууп дьиэтин кунуһугар олордоллоро, таҥастарын тэбииллэрэ, табах уматыһаллара, сирэй сирэйдэрин көрсө, өрүтэ уһуутаһа олорбуттара.
Дьэ «һуу-һаа» буолан, туох айылаахха түбэспиттэрин быһаарсан эрдэхтэринэ, нэһилиэк чөмчөкөлөрө – Сэбиэт Баһылай сэриигэ бааһырбыт хаҥас атаҕын соһо тардан, тайах маһыгар тирэнэн, баттаҕа күкээрэн, Эҥэр отделениетын бэрэбэлээссэйэ Бүөтүр кэтит санна дагдайан, будьурхай баттаҕа сүүһүгэр түспүтүн өрө анньына-анньына, бартыыйнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, кырдьаҕас учуутал Акулина Ксенофонтовна кыра хатыҥыр бэйэтэ кэм да улахан бартыбыалын туппутунан тиийэн кэлбиттэрэ. СКАЧАТЬ