Таптал баар!. Петр Самсонов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптал баар! - Петр Самсонов страница 2

Название: Таптал баар!

Автор: Петр Самсонов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6853-1

isbn:

СКАЧАТЬ Туох диэх бэйэкэм буолла? Оо, дьэ!»

      Туох баар күүһүн, харса суох санаатын мунньунан, сатала суох улаханнык:

      – Привет! – диэн бар гыннарда.

      – Аа?! – кыыһа соһуйан дьик гына түстэ.

      Ыанньык хотон диэки, киһи барыта куттанар Бурҕаат диэн атыыр оҕуһа айаатаата. Онуоха хардаран, Эҥэр отделениетын чемпион ынаҕа улахан дал диэкиттэн маҥыраан лоҥкунатта.

      Уоллаах кыыс тэбис-тэҥҥэ күлэн «һы-һыык» дэһэ түстүлэр. Аргыстаһар быһыынан, суол икки өттүнэн хаамсыбытынан бардылар. Кэпсэтэр кэлиэ дуо, дөрүн-дөрүн харахтарын кырыытынан көрсөн ылаллар. «Билигин уһун уопсай диэки туоруо», – Айаал хомойо санаата.

      Суол арахсыытыгар кэлэн, үлэспит курдук, утары көрсө түстүлэр. Эр киһи дуома хаста да көхсүн этиппэхтээн баран:

      – Киэһэ дискотекаҕа бараҕын дуо? – диэн кээҕинээн хаалбыт куолаһынан арыычча ыган таһааран ыйытта.

      Кыыс кытар гына түстэ:

      – Билбэтим ээ, – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураат, уһун уопсай диэки сүүрүү-хаамыы былаастаах дэгэлдьийэ турда. Айаал тугу барытын умнан, кыыһы батыһа көрөн хаалла.

      Дьиэтигэр тиийбитэ, аҕата сылгытын бэтэрээ баазатыгар барбыт, игирэчээннэр, балта оскуолаҕа сылдьаллар эбит. Ийэтэ, уола кэлбитин истэ охсон, алаадьыта диэн, саламаата диэн.

      – Чэ, Айаалчык, хабыалыы охсоот баанньыкка ой, үлэлии турар. Уларыттар таҥаһыҥ ороҥҥор сытара буолуо.

      Баанньыктанан, ийэтигэр атаахтаан ылаат, дьааһылаттан саҕалаан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри бииргэ сылдьыбыт, гиирэҕэ, тустууга, буоксаҕа тэҥҥэ дьарыктаммыт Игнаатыгар тиийдэ. Игнааттаах улахан уораҕайдарын таһынааҕы ыскамыайкаҕа уолаттар мустан эрэллэр эбит.

      Бэһиэ-алтыа буолан өрөпөөннөһөн, уулусса ытын барытын аймаан, хаһан да дискотека диэни өҥөйбөт, кулуупка библиотека хоһугар эрэ киирэр Чоосук Трошканы сүрэҕин хайыта сыһан, кулууптарыгар тиийбиттэрэ, эрдэ быһыылаах. Муусука тыаһа иһиллибэт. Тырахтарыыс Сааска, Куоҕас Диима, Тэбиэн Туолук табахтыы тураллар. Кинилэри көрөн Куоҕас Диима кулууп иһигэр куохас гынан хаалла. Сэрэйдэххэ, дьонун ыҥыра киирдэҕэ буолуо.

      – Дьэ, уолаттаар, охсуһуу буолар буолла, – Биитик үөрбүт саҥата иһилиннэ. Кини баҕас хаһан охсуһан көрөн үөрэрэ буолла. Ити икки ардыгар кулууп аана тэлэллэ түстэ да, аҕыс-тоҕус уол ойон таҕыста. Айааллаах, ким бинсээгин устар, ким илиитин, саннын мускуммахтыыр, биирдэстэрэ тоҕо эрэ бүрүүкэтин сиэбин хастар.

      – Чэ, уолаттар! – Игнаат улаханнык, хамаандалыыр быһыынан, соноон хаалбыт куолаһынан көөҕүнүүр. Убайдар бу сырыыга ахсааннарынан элбэхтэр эбит. Бары да оту-маһы кытта өрө тустар күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьон. Тырахтарыыс Сааска атамаан быһыытынан дьонун иннилэригэр киирэн, модороон суон илиилэрин босхо ыытан салыбыраппахтаан ыла-ыла ыарахан-ыараханнык үктэммэхтээн Игнаат диэки сүгүллэҥнээтэ. Уолаттара да чугуруҥнуу барбакка, бу киэһээҥҥи балаһыанньаны быһаара охсоору СКАЧАТЬ