Барыта алҕас этэ…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Барыта алҕас этэ… - Огдо страница 8

Название: Барыта алҕас этэ…

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3098-9

isbn:

СКАЧАТЬ киниттэн, кырдьык да ырааҕа. Били үнүр уолтан бараат, дьиэтигэр ыстаммыта, ыскаапка турар халыҥ паапкалартан биири ойутан таһааран суумкатыгар батары биэрээт, төттөрү үлэтигэр ыстаммыта. Тоҥсуура суох тойонугар киирэн соһуппута, чыыннаах-хааннаах саастаах салайааччы мэлдьи чуолкай кыыс бүгүн хайдах эрэ сирэйэ-хараҕа турбутун бэлиэтии көрөн тугу да саҥарбатаҕа, кыыс этэрин күүтэн көрөн олорбута.

      Маайыс тохтоло суох, уруккутунааҕар ураты түргэнник субурутан барбыта:

      – Миэхэ командировка наада… Били сыл саҥатыгар миэхэ этиллэ сылдьыбыт бырайыагы оҥорорго сөбүлэһэр эбиппин, хойутаабатах буоллахпына… күн сарсын да көтөргө бэлэммин… – диэбитигэр тойоно соһуйан хаастарын үөһэ диэки ыйаан таһаарбыта уонна:

      – Бай, тоойуом, ол аата хайдаҕый? Эн толкуйдаатыҥ дуо, чахчы? Сорудах кырдьык уустук… уонна сатаннаҕына… салгыы кыраныысса таһыгар тахсыылаах ээ… – диэн эмиэ да мунаарбытын биллэрбитэ.

      Иһигэр олус үөрбүтэ, ити бырайыак бу кыыска анаабыт курдуга, атын үлэһит кыайымыан сөбө, кини соҕотоҕо да, мүччүрүйбэт сокуон курдук, кылгас кэмҥэ күүскэ үлэлиэн сөбүн ыйа сытара.

      Маайыс:

      – Мин барытын ыараҥнаттым, өйдүүбүн уонна сөбүлэһэбин, – диэбитэ.

      – Оччоҕо сарсыарда көтөҕүн, барыта бэлэм, эйигин онно олохтуохтара, көрсүөхтэрэ, сорудаххын анарааттан истиэҕиҥ, – диэн тойоно тута быһаарбыта.

      Ити курдук кыыс Питергэ сонно көтөн кэлбитэ. Бастакы үлэ күнүгэр олус тиэтэйэрин туораттан көрүөхтэрэ диэн дьиксинэ да санаатар, өйө-санаата… урукку билсиилээхтэригэр тиийэ турара.

      Маайыс киэһээҥҥэ диэри нэһиилэ тиийбитэ. Јссө күнүс профессорын уолун төлөпүөнүнэн булан үөрбүтэ ааһа илигэ. Бүтээт, буута быстарынан Невскэй проспект арҕаа эҥээригэр элээрбитэ. Онно турар улахан научнай инсти-тут үрдүк кирилиэһигэр күүтэн, уоскуйа сатыы турбута.

      Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт эдэр уол чэпчэки баҕайытык ойон кэлэн кыыска илиитин ууммута, сирэйин-хараҕын сыныйан көрбүтэ уонна уруут-уруккуттан таптыыр сахатын кыыһа өссө тупсан, дьиктитик киэркэйэн кини иннигэр турарын итэҕэйбэт курдугун омуннаах соҕустук төлүтэ биэрэн ыһа-тоҕо кэпсээн барбыта. Аттыгар олорооччулар дьиибэргии-сонургуу, ымсыыра да көрбүттэрэ: эдэркээн уоллаах кыыс, арааһа, омук кыыһа буолуо ээ, кыраһыабайа да бэрт эбит, бэртээхэй да паара буолан көстөллөр.

      Маайыс дэлби күлбүтэ-үөрбүтэ, харахтара чаҕылыҥнаан, сирэйэ сандааран олороро. Кини саҥата тоҕо эрэ балачча элбээбитин уол дьиктиргээбитэ да, сөбүлүү истибитэ. Буолумуна даҕаны, Маша наһаа сэмэйэ таптыыр уол сыһыана (кини туһугар кэлэн!) доҕордуу өйдөбүлтэн ырааппатыгар саамай улахан биричиинэ дии саныыра. Онон бу сырыыга уол күлүгэр имнэммитэ «хайыы, майгылыын-сигилилиин биллэ да аһыллыбыт дии, баҕар, мин диэки, дьэ, истиҥник көрөөрөй, иэйиибин итэҕэйээрэй» диэн үөрэ түспүтэ.

      Кинилэр чугас эрэстэрээҥҥэ киирэн сэһэргэһэ олорбуттара, өөр да өр ааспыттан ыла мунньуллубут сонуннарын ырыппыттара. Сарсын эмиэ көрсүөх буолбуттара, СКАЧАТЬ