Барыта алҕас этэ…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Барыта алҕас этэ… - Огдо страница 12

Название: Барыта алҕас этэ…

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3098-9

isbn:

СКАЧАТЬ аата тугуй? Кими ыйытар буоллаҕай диэн таайбыта, онтон дьэ сэрэйэ санаабыта. Арба да, ньээҥкэтигэр кэпсээтэ этэ дуу кини тапталын, үс ый сулус оҥостубут кэрэчээн кыыһын туһунан. Ол кыыс кини иэдээннээх мөссүөнүн көрбүтүн тулуйбатаҕа, киниттэн арахпыта, быраҕан барбыта… ыраах. Оттон Виталий кинини – ол сиппэтэх тапталын – дууһатын ырата, санаатын туллуга оҥостубута. Сарсыарда турдар кыыһын санаабытынан уһуктар, киэһэ нухарыйдар эрэ, кини борук-сорук хоһугар умса көрөн олорор Маайыс мөссүөнэ кинини манаан туран утутар… Оннооҕор эпэрээссийэҕэ утуйарыгар кинини саныыр, наркозтан тахсарыгар – Маайыс сырдык сирэйэ субу баар… Виталий онтон хаһан да салгыбат, биир кэлим, улаханнык долгуйбакка ол кэмҥэ көстөн ааспыт сахатын кыыһын күн-түүн суохтуур. Билигин хаардаах Дьокуускайга бэйэтэ Хаарчаана курдук туналыйа сырыттаҕа… Баҕар, кэргэн тахсан оҕо да сиэтэ сылдьара буолуо ээ. Оо, хаарыаны, кыратык да буоллар кыыс олоҕун ыраахтан көрбүт буоллар.

      Былырыын дойдутун наһаа ахтыбытыгар дьоно кэлэн барбыттара. Ол кинилэр үһүс сырыылара этэ. Аан бастаан кини атаҕар турбутугар кэлбиттэрэ, онтон сайылаан кэриэтэ күүлэйдээн, уоппускаларыгар олорон барбыттара. Онно Виталий олус сэргэхсийбитэ. Ийэтэ-аҕата уол үлэлиир тэрилтэтигэр махталлара муҥура суох. Оттон Маайыһы ханна баран көрдүөй? Чат диэҥҥэ ол кэнниттэн үктэммэтэҕэ даҕаны. Ол да буоллар, хойутуу, быыс буллар эрэ, күн аайы кэриэтэ Виталий Дьокуускай чатыгар булгуччу киирэр, кими да кытта сэлэспэккэ, кинини көрдүүр… уонна булбат! Умнуллубут таптал эрээри, уостубат таптал диэн ити. Виталий сүрэҕин аҥаара ол кыыстыын ханна эрэ тэйиччи сылдьарга дылы.

      Атаҕар туран эрэр уолан уол ымыы оҥостор кыыһа ханна да баара биллибэт. Кини, саатар, Виталий бачча киһитийбитин көрдөр туох эрэ диэ эбитэ буолла? Бука, соһуйуо уонна үөрүө буолуо, баҕар… аны кинини сэҥээрээрэй?

      Сарсын сирэйин бүтэһик чэрдэрин суох оҥорор кытаанах эпэрээссийэ түмүгэ биллиэ, онон булгуччу бу бүтэһик кимиини кини тулуйуохтаах. Ол кэнниттэн тугу гынара буолуой? Ээ, ылла да Дьокуускайга Маайыһын көрдүү сүүрүө. Булгуччу була эрэ сатыа. Түбэһиэх хаамыа, көрдүө буоллаҕа. Хас биирдии хонтуораҕа киирэн, хас биирдии киһини сыныйан көрүө! Билигин баҕас туохтан тутуллуой? Ити үс сыллааҕытын курдук босхоҥ буоллаҕай, ама? Бачча атахтаммыт киһи сүүрүө да сүүрүө, көрүө да көрүө… Кини сылдьарыгар дьон наадыйыа да суоҕа, тоҕо диэтэххэ, ким билиэй, кини дьаабы чэрдэрдээх сирэйин саҥалыы оҥорторон сонун сэбэрэлэммитин? Киһи курдук киһи, ким да омнуолуо суоҕа ээ. Ити санаатыттан бэйэтэ да астына дуоһуйан, Виталий нухарыйа быһыытыйда.

      …Виталий бу аптаах курдук балыыһаҕа, дьиҥэр улахан институт бастыҥ килииникэтигэр оруобуна түөрт сыл үс ый сытта… Бүгүн кини олоҕор саамай сырдык долгутуулаах күн. Бүгүн кинини ыарыһах испииһэгиттэн таһааран, доруобай киһи аатын төннөрөр өрөгөйдөөх күннэрэ буолуохтаах. Дьиҥэр тустаах уол бэйэтин эрэ иһигэр, дууһатыгар иитиэхтэнэр бырааһынньык. Бу институт иһигэр ити эпэрээссийэ улахан түгэн ахсааныгар киирбэт да быһыылаах. Манна анараа дойдуга бара сыспыттары СКАЧАТЬ