Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов страница 7

Название: Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-4546-4

isbn:

СКАЧАТЬ эбит. Тыыннаах эргиллэн дойдубун көрөбүн дуу, суох дуу?! Боппуруос…» диэн. Ити кэнниттэн киниттэн даҕаны, кини туһунан туох да биллибэтэҕэ. Кыргыһыы уотугар саха биир суруйааччыта, төлөннөөх патриота сураҕа суох сүппүтэ.

      ПОПОВ НИКОЛАЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ

      Дьонугар суруктарыттан

1942 сыл ыам ыйын 2 күнэ

      Фронтан иккис сурукпун ыытабын. Биһиги Бүлүүттэн элбэх кэлбиппит да, иккиэ, Костя кэргэнин уруута Макаровтыын эрэ бииргэ баарбыт. Мин Москваттан 300 км Смоленскай куорат диэки баарбын.

Коля1942 сыл от ыйын 5 күнэ

      Дорооболоруҥ күндү Аҕам, Ийэм уонна Валя

      Туох ханнык иннинэ эһиэхэ бары үчүгэйи, доруобуйаны баҕарабын. Мин бакаа тыыннаахпын, доруобайбын, ханан да эмсэҕэлии иликпин. Инникитин эмиэ ол курдук сылдьарга уонна тыыннаах кыайыынан дьиэбэр эргиллэргэ баҕатыйабын. Мин фашистскай суолаһы аны хаһан да нуучча норуотугар сэриинэн саба түспэт гына үлтү сынньар санаалаахпын. Кини эйэлээх нэһилиэнньэни муҥнаабытын-сордообутун, дэриэбинэлэри уоттаабытын көрө-көрө куйахам күүрэр. Биир таммах хаан баарын тухары өстөөҕү кытары охсуһуом, хардыы да сири кэннибинэн чугуйуом суоҕа диэн кытаанахтык этинним.

      Эһиэхэ туох сонуннар баалларый?

Хааллым эһиги уолгут Коля1943 сыл от ыйын 12 күнэ

      …Тыыннаахпын, доруобуйам соччо олуһа суоҕун иһин, син сылдьабын. Бу сурукпун артиллерийскай бэлэмнэнии кэмигэр суруйабын. Фашистары бөҕөргөтүммүт кирбиилэриттэн үүрэн иннибит диэки барабыт. Онон сотору фашистскай ыттары үлтүрүтүөхпүт уонна кыайыынан дьиэбитигэр тиийиэхпит.

Эһиги уолгут Коля

      Буойун Николай Гаврильевич Попов 1941 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатыгар Бүлүү куоратыттан армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини Арҕааҥҥы фронт 33-с армиятын 110 дивизиятын 1291-с стрелковай пуолкатыгар сэриилэспитэ. 1943 сыл от ыйын 28 күнүгэр Орел куорат таһыгар өлбүтэ.

      ЕВСЕЕВ МАРК ИННОКЕНТЬЕВИЧ

1942 сыл ыам ыйын 15 күнэ

      Улаханнык убаастыыр дьонум Харлампьев Гаврил уонна Маарыйа, оҕолор бары ыраас салгын хоту сылдьар сурукта тутуҥ уонна дорообото сылаас илиини тутар курдук санаан туран тутуҥ!

      Мин бу күҥҥэ диэри баарбыттан дьэ суруйуох иннигэр этэбин эһиэхэ 7-с суругум буолла. Араанньы буолан баран биир эмит тиийээрэй диэн, өскө барыта тиийэр эбит буоллаҕына, куруук биири суруйар иирбит дуу диэххит, дьэ эмиэ суруйабын. Мин олунньу ый 14 күнүгэр Москва куораттан 20 көстөөх арҕаа фроҥҥа түүн 12 чааска уҥа илиибин, атахпын миинэ кэлэн ойута көтөн кээспитэ. Москва куорат 26 1№-дээх балыыһатыгар 24 хонон баран уларыйан Муурам диэн куорат 13-тээх балыыһатыгар сытан баран үтүөрэн госпиталга сылдьабын, сынньана диэн, субу сэриигэ ыыталлар. Дьэ, өлөрүм буолуо, сэриигэ өлбүт киһинэн хаххаланан сылдьаҕын, оннук хойуу сэрии буолбут сирэ. От-мас, сир орпот, барыта алдьанар. Сэриигэ киирбит киһи ордуох буолбатах… Үксэ кыһын араанньы буолуу элбэх үһү, сайын араанньы буолуу суох да үһү, сайын ама үһү, дьон инньэ дииллэр. Миигин кытта биир оруотаҕа 35 саха этибит. СКАЧАТЬ